ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүр

аат тыл, сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы пугало

English scarecrow

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы пугало

English scarecrow

2 аат тыл #

Нууччалыы душа; вечный дух

English soul, eternal spirit

3 аат тыл #

Нууччалыы сердцевина

English core

I

4 аат тыл #

Киһи ис күүһэ, күүрээнэ таһыгар көстүүтэ (сүнньүнэн тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Внешнее проявление силы воли, духа человека (преим. употр. в притяж. ф.)

  • Көрүҥэ көстөрө, Көрөрө-күлэрэ Сүрэхпин сүүйдүлэр, Сүрдэрбин туттулар.
    П. Ойуунускай
  • Айаннаары оҥостон, сүрэ көтөҕүллүбүт ахан
    Амма Аччыгыйа

5 аат тыл #

Киһи саллар, куттанар ынырык туох эмэ

Нууччалыы Что-л. страшное, внушающее ужас

  • Арай тыал түһэн хааллын – манна сүрү кэпсииллэр дии! – Син буккуйан-тэккийэн сылдьыллааччы, бачча дойдуга кэлбит киһи баартаах буолуоҥ.
    Б. Павлов
  • Олорон баран мин диэки эргиллибитэ, дьулааннаах сүр сымнаабыкка дылы, хараҕа уонна мунна начааскыга күлэн ыллылар
    ХС
  • Сүр кыыл. Сүр көстүү.
Өссө холобурдар (3)
  • Хата, ол эрэйдээҕим, Өкүлүүнэм, бэрт сымнаҕас, сүр үлэһит, иистэнньэҥ, саҥата-иҥэтэ суох сылдьан барыны бары үлэлээн бүтэрэн-оһорон иһэр эрэйдээх этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүр куйаас. Бороҥ Нил анныгар, Сөрүүҥҥэ баҕарбыт санаабар, Үчүгиий-үчүгэй Өлүөнэм Үрүмэ долгуна көһүннэ.
    С. Данилов
  • Биһиги кырдьаҕас саллааттар, түбүктээх кэмҥэ олороммут, Кырдьаммыт сааспыт да ырааттар хаарбахха холоммот сүр дьоммут
    И. Эртюков

6 даҕааһын #

суолт. Ынырыктаах, алдьархайдаах, сиэри таһынан

Нууччалыы Страшный, отчаянный; невероятный

7 сыһыат #

суолт. Олус, наһаа

Нууччалыы Чрезвычайно, весьма

  • "Чэ да, кэпсии оҕус да, муҥнаама!" – диэххэ айылаах, сүр уйаннык саһарчы көрбүтүнэн, Өкүлүүн оһоҕун чанчыгар быар куустан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһигиттэн чугас икки быыкаайык, ырбаахы сыгынньах уолаттар сүр кыһамньылаахтык күөгүлүүллэр.
    Н. Заболоцкай
  • Уол сүр улгумнук ойон турда
    ХС

8 этии #

Нууччалыы Сильно напугать, перепугать кого-л

  • бэрт II диэн курдук. Дусяны кытта бэртиилэрэ сүр, киинэҕэ, үҥкүүгэ мэлдьи бииргэ сылдьаллар.
    И. Гоголев
  • Степанов сылайбыта, аччыктаабыта сүр эбит.
    А. Фёдоров
  • Муостабыт сыыһа-бөҕө сүр, харбамматаҕа, сууллубатаҕа быданнаабыт быһыылаах. "ЭК"

Этиилэр

Сүр баттат көр баттат

  • Омоҕой Баай эмээхсинэ биир киэһэ этэр: "Оҕонньор, эн ити Эллэй таһыттан киирдэр эрэ уҥуоҕуҥ босхо барыар дылы хамныыр ээ, быһыыта, куттанар, сүр баттатар быһыылааххын, итини эн билинэҕин дуу".
    Саха фольк
  • Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ, бүтэйдии салла саныыр, сүр баттатар учууталлааҕым – Акулина Ивановна.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Мэхээс сороҕор утары этиэн баҕарар да, итирик киһини кытта аахсан даҕаны дии саныыр. Ол эрээри дьиҥинэн тойонуттан толлоро, дьулайара, сүрүн баттатара бэрт быһыылаах.
    ХС

Сүрүн көтүт

кими-эмэ улаханнык куттаа Хараҥа хоско киирэн хаһыытаан оҕо сүрүн көтүттэ быһыылаах.

Сүрүн тоһут

кими эмэ киэптээбэт, киэбирбэт оҥор.

Сбить спесь с кого-л.

  • Аҥаардастыы киэптээн айбардыы сырыттаҕына, Коля уол ыһыахха дьон бөҕө ортотугар хара буору уоптаран сүрүн тоһуппут.
    ХС
  • Сүрэ баттыыр кэпс. – кими эмэ ким эмэ аата-суола, сураҕа, үрдүк солото толуннарар, самнарар. Подавлять кого-л. своим авторитетом, известностью, высокой должностью.

Аатырбыт тустуук киирдэ-киирээт сүрэ баттаата

эдэр уол уота-күөһэ суох туһунна.

  • Кырдьаҕас киһи сүрэ баттыыра дуу, эбэтэр Хоруновы саҥа көрө сатаан эрэр буолан толлоро дуу?
    Н. Апросимов

Сүрэ көппүт

1) олоххо тардыһар күүһэ өһүллүбүт, күүһэ-күдэҕэ эстибит (ыарыһах туһунан).

У него иссякли все жизненные силы и энергия (о больном человеке); 2) эргэр.

  • Амтана суох буолбут, соппоҥ буолбут (абааһыны итэҕэйэртэн ситимнээх: абааһы ас сүрүн – амтанын, тотоойутун көтүтэн ыллаҕына, ас амтана суох буолар диир былыргы саха. Ол иһин ас элбэҕиттэн, үчүгэйиттэн сөҕөр-махтайар сатаммат, абааһы истэн, сүрүн көтүтүө диэн буолара). Утрачивать вкус, становиться непитательным, невкусным. По старинному якутскому поверью: злой дух (абаасы) может высосать животворящую силу пищи, из-за чего она станет непитательной. Нельзя вслух выражать восторг, изумление по поводу обилия и вкуса еды, так как абаасы услышит и заберёт себе всю живительность пищи. Аҥаардас саҥараргыттан арыы (эбэтэр ас) сүрэ көтөн хаалар.
    ПЭК СЯЯ

Сүрэ көтөҕүллүбүт

сүргэтэ көтөҕүллүбүт диэн курдук (көр көтөҕүлүн).

  • Дьонун көрсөөрү сүрэ көтөҕүллэн аххан сылдьар.
    ХС

Сүрэ тостубут

кута-сүрэ тостубут диэн курдук (көр кут-сүр).

  • Күүгүнүү дэбилийэ турар күөх муора кытыытыгар, сүрдээхтик илистибит, сүрэ тостубут, уҥуохтаах тириитэ хаалбыт кырдьаҕас оҕонньор, тайаҕар өйөнөн, суос-соҕотоҕун санньыйан турар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аҥаардас ийэ соҕотох уоллааҕа арыгыһыт буолан ийэ сүрэ тостубут, дьүдьэйбит.
    В. Гольдеров
Өссө холобурдар (2)
  • Евдокия Фёдоровна сүрэ тостубут, мэктиэтигэр кыччаабыт.
    М. Попов
  • Ср. бур. һүр, һүрээ ‘величие’, кирг. сүр ‘грозность, грозный и важный вид, величие, важность’, саг. сүрээ ‘страх, удивление, ужас, чудо’, телеут. сүрэн ‘страх, опасность’, алт. сүр ‘призрак’, монг. сүр ‘величие; мощь, могущество’

«С» буукуба