Перевод с якутского
баттат
Нууччалыы подпереть дверь палкой
1 #
Ааҥҥа маһы өйөннөрө уур (дьиэлээхтэр суохтарын бэлиэтэ)
Нууччалыы Подпереть дверь палкой (в знак отсутствия хозяев)
баттаа диэнтэн дьаһ. туһ. Атахпын маска баттаттым. Ол дьиэ тутуутугар кини аҕата, бэрэбинэҕэ баттатан өлөр охтуутун охтубута. А. Сыромятникова Туох эрэ ыараханынан төбөтүн сыыйа баттатан иһэр курдук, Коля улам-улам төбөтүн хоҥкутан барбыта. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Дьиэтин аанын таһыттан баттатан кэбистэ. ПЭК СЯЯ. Ааннарын баттата-баттата, эмээхситтэр, дьахталлар киэргэнэн, эриэн былаатынан симэнэн, сиэттиһэ-сиэттиһэ субустулар. С. Васильев Дьиэтин аанын таһыттан хатаан баран, эбиитин өссө суон дүлүҥүнэн баттатан кэбистэ Н. Заболоцкай
2 #
Түүн утуйа сытан, куһаҕан түүлү түһээн эбэтэр куттанан хаһыытыы, саҥара сатаа
Нууччалыы Впадать в кошмар от страха в тяжелом, болезненном сне
Мин ол түүнү быһа баттатан аанньа утуйбатым. И. Федосеев Өксүүнньэ баттатан илиитин-атаҕын хамсата сатыы-сатыы хаста даҕаны бэрт куһаҕаннык кыкынайбахтаан ылла.
КүндэУһуктубут киһи! Хамсаабыт киһи! Тыый, кыайан хамсаабаппын. О, баттаттым дии, быһыыта
Суорун Омоллоон
3 этии #
Нууччалыы Робеть перед кем-л., подавляющим волю. [Омоҕой баай эмээхсинэ:] Оҕонньор, эн ити Эллэй таһыттан киирдэр эрэ уҥуоҕуҥ босхо барыар дылы хамсыыр ээ, быһыыта куттанар, сүр баттатар быһыылааххын
Сүр баттат - кимтэн эмэ толлон, куттанан, сабырыйтарар буолан, тугу да утары этэр да, оҥорор да кыаҕа суох буол Саха фольк Хайа, бачча үлүгэр баҕайыттан [Киил оҕонньортон] оҕолор сүрдэрин баттатан эрдэхтэрэ.
Н. ЛугиновКими кыайаары диэн наһаа сүр баттатар, баһыйтарар этим.
Г. Колесов
Өссө холобурдар (3)
Түһээн да баттаппат - туох эмэ туһунан олох тугу да билбэт, сэрэйэн да көрбөт. Θ Ничего не подозревает, совершенно не знает, даже не догадывается о чем-л. Дьэллик ол туһунан түһээн да баттаппакка, дьиэтигэр төннөн истэ. Н. Заболоцкай Кинини маннык ыалдьыа диэн киһи түһээн да баттаппатах суола. Күннүк Уурастыырап Мин соргум суон өһүөтэ хаачыгырыы тостуо диэн баччааҥҥа диэри Түһээн да баттаппат этим. И. Гоголев