Перевод с якутского
ааннаа
туохтуур
Нууччалыы делать проход, проем, отверстие, дверь; повесить, навесить, приделать дверь, ворота
1 туохтуур #
Ааны оҥор; ааны ыйаа, иил
Нууччалыы Делать проход, проем, отверстие, дверь; повесить, навесить, приделать дверь, ворота
Билигин Дьокуускайга олорор дьиэ тиийбэт буолан, тас өттүнэн тус-туһунан ааннаан, үс ыал олорор оҥорбуттар.
Г. КолесовМуҥханы сүүрбэ-отут ураҕаска тиирэллэр уонна бигэ буоллун диэн тирбэҕэнэн таарбайаллар. Дьиэ айаҕын курдук аанныыллар. Далан Бары тыһы эһэлэр үгэстэринэн, ийэлэрэ арҕаҕын томтор хоту өттүгэр, тибии тибэр, хомурах хонор сиригэр ааннаабыт этэ Р. Кулаковскай
2 туохтуур #
Тугу эмэ саҕалаа, туохха эрэ бачыым көтөх
Нууччалыы Начинать что-л., поднимать почин
Былыргы саха, омук оҕо эрдэҕинэ, олоҥхо айымньытын үрдүк сүһүөҕэр тахса илигинэ, - кини айар тылын чабырҕаҕынан ааннаабыта.
П. ОйуунускайИтинтэн ааннаан саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки "күннэрэ тахсан эрэр" баайдаах хамандыыр кэпсэппэхтээтилэр.
Суорун ОмоллоонКэлэр өттүгэр мэлдьитин Кэскилбит биһиэхэ Алгыһынан ааннаатын, Дьолунан тосхойдун!
Суорун Омоллоон