ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыараа

туохтуур

Нууччалыы сузиться; стать теснее

1 туохтуур #

Кыараҕас буол

Нууччалыы Сузиться; стать теснее

  • Пиэрмэ диэки араҕыстаҕын аайы суол сыыйа кыараан испитэ.
    Далан
  • [Кырса оҕото] тэллээбий күннэтэ улаатан испитэ, Дьааһык уйата кыараабыта, онон күнүһүн таһырдьа көҥүл сылдьар булбута.
    И. Федосеев
  • Лена эбэ хотун хочолоро кыараатылар дуу, бадарааҥҥа бардылар дуу?
    ХС

2 туохтуур #

Ыарахан балаһыанньаҕа киир, муҥур уһукка түс

Нууччалыы Оказаться в крайне тяжелом положении, впасть в отчаяние

  • Киэҥмит кыараан, уһуммут кылгаан олорор дьоммут. ПЭК ОНЛЯ I. [Уйбаан оҕонньор - Манчаарыга:] "Баһылай оҕонньоор! Кыараабыт буоллаххына, Кыраларыҥ тустарын хайдах Кыһанан бараҕын, Хаалынньаҥнаргар ханнык Хараллар дьаһалы салайаҕын, - Киэҥ соҕус буоллаххына, - Кэпсии түһүөҥ дуу?"
    А. Софронов
  • Кини оннук кыараан ылар кэмнэрин -- суол тоҕойдоро, ойуур ыллыктара эрэ билэллэрэ.
    В. Яковлев
  • Ср. др. -тюрк. хавур 'сжимать, стискивать, сдавливать'; др. -тюрк. хавыр 'собирать, сводить, сжимать'

3 этии #

Нууччалыы Поле его действия сузилось. [Ыарыыга ылларан] Ыксаан сыттахха Ымсыырар да ыыра кыарыыр, Ол эрээри онтуҥ Олох эбээт, олох!

  • көхсө кыараата - көр көҕүс. Ол билигин аҥаардас харахтаах адьарай биистэрэ атаҕастааннар, киэҥ көхсүбүт сүүтүктээҕэр кыараан уһун санаабыт саптааҕар синньээн олоробут. Ньургун Боотур. Уйбаан Дууһа киэҥ көхсө кыараата, уһуну-киэҥи саныыра уурайда.
    Эрилик Эристиин
  • [Туйаарыма Куо - Уот Уһутаакыга:] Хороҥ айыыһыт Холбообута буолуо диэммин, -- Көһүтэрбэр Көхсүм кыараата, Кэтэһэрбэр кэтэҕим көһүйдэ.
    П. Ойуунускай
  • Кини [Абыраамап] Кыһыллаай хоруйун күүтэ сатыы сылдьыбыта, көхсө кыараан барбыта.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
  • Ыыра кыараата - дьайар, оҥорор, сылдьар кыаҕа мөлтөөтө
    С. Тарасов
  • [Ыалдьыт - Тэрэнтэй оҕонньорго] син бултаамахтаабыт киһи хаар бөҕө баттаан, ыыра кыараабыт, тыһа кылгаабыт быһыылаах. М. Чооруоһап

«К» буукуба