Перевод с якутского
кыараҕас
даҕааһын
Нууччалыы тесный
English cramped
Ис хоһооно · 10
1 даҕааһын #
даҕ
Кыараҕас баҕайы дьиэҕэ олус үгүс киһи ыга симсэн, таһыттан киирдэххэ ыарахан сыт саба биэрэр. Күннүк Уурастыырап Кыараҕас хоруопка угаммыт, Кинини биһиги сүкпүппүт, Үс арсыын усталаах дьаамаҕа Доҕорбут уҥуоҕун көмпүппүт. Эллэй. Таһаҕаспытын, сааларбытын сүгэн, өрө хааман тахсаммыт, сыыры эмти хаһан оҥостуммут кыараҕас үүтээни буллубут Амма Аччыгыйа
2 даҕааһын #
Сабардама кыра, киэҥэ-куоҥа, холкута суох
Нууччалыы Тесный (о помещении)
3 даҕааһын #
Синньигэс, ситэ кэтитэ, киэҥэ суох, икки өттүттэн ордук кыһарыйтарар
Нууччалыы Узкий, неширокий. [Тогойкин] олбуор кыараҕас кэлииккэ ааныгар ойон тиийэн, аһа баттаата
Таас сир кыараҕас үрэҕэ босхо да былыттан кыынньан барааччы. Н. Заболоцкай Биһиги сотору били кыараҕас, орох курдук суолбутун туораан, дулҕалаах, араас аҥхалаат сирдэринэн киирэн-тахсан истибит ХС
4 даҕааһын #
Кыра, ыга тутар, сөп түбэспэт (үксүн киһи таҥнар таҥаһын туһунан)
Нууччалыы Тесный, жмущий, стесняющий движения, слишком плотно прилегающий, узкий (обычно об одежде и обуви)
Яков бу уоттуйан хаалбыт уонна олус кыараҕас таҥаһы сэрэнэн, тиирэ киэптээн кэппитэ, холуокка курдук, кэдирги ылан кэбистэ. Н. Заболоцкай Кыһынын буоллаҕына кыараҕас хомуутунан хабарҕабын ыга туттаран тыыммын хаайара, моонньубун быстарара М. Доҕордуурап
5 даҕааһын #
Киэҥ, арылхай буолбатах, быһыччы көрбүт курдук (харах туһунан)
Нууччалыы Узкий, неширокий (о глазах)
Кыараҕас соҕус сытыыкан харахтарын сүр сэргэхтик чэрэличчи көрөн кэбиспит. Амма Аччыгыйа Кини болооччу курдук сүүстээх, тараҕай төбөлөөх, кыра уҥуохтаах, кыараҕас харахтаах. Н. Якутскай Кыараҕас харахтарын тэрбэтэ-тэрбэтэ, Илларион Давыдов чаҕаарыйа түстэ М. Доҕордуурап
6 даҕааһын #
Тиийиммэт-түгэммэт, кыһалҕалаах, арыычча олорор
Нууччалыы Бедный, малоимущий, нуждающийся; неурожайный, полный лишений (год)
Ойуунускай дьадаҥы, кыараҕас ыалга төрөөбүтэ.
Суорун ОмоллоонОнуоха эбии уот кураан Оту, бурдугу умаппыта. Кыһын ыган кэлиитигэр Кыһалҕа бөҕө улааппыта. Ол эрээри биһи аҕа ууһа Оннук кыараҕас дьылларга -- Улахан күөллэрдээх буоламмыт Улууһу ордук санатарбыт: Илимнээн, куйуурдаан эбинэрбит, Туулаан, муҥхалаан туһанарбыт Болот Боотур
7 даҕааһын #
Кыра ычалаах, чычаас билиилээх, кыранан муҥурданар, тутах
Нууччалыы Имеющий небольшие познания, узкий кругозор, узкие интересы
Сылгы, ынах сүөһү Сылдьар ыырын саҕа Сылдьыбыт сырыым Сытала суох кыараҕас эбит, оһоҕос тоторунан кэмнэнэр Олоҕум уйгута олус да дьоҕус эбит. С. Зверев Урукку өттүгэр биһиги, культура үлэһиттэрэ, туохха барытыгар бэйэбит эрэ сүүрэрбит-көтөрбүт. Онон үлэбит да ис хоһооно чычаас, кыараҕас, -- наар оонньууну-көрү, үҥкүүнү эрэ тэрийии курдук буолара. И. Артамонов Устудьуоннар малааһыҥҥа ыллыыллар, табахтыыллар, кыараҕас өйдөөх-санаалаах дьоннору үөҕэллэр. И. Тургенев (тылб.)
8 даҕааһын #
Аҕыйах нэһилиэнньэлээх, чиэски сытар, барыыта-кэлиитэ суох (сир)
Нууччалыы Малонаселенный, расположенный вдали от центра (о местности). [Куола:] Эһиги манна кыараҕас сиргэ булкуһа олорор буолаҥҥыт, кыра, мээнэ да хаалыах дьыалалары, үрэн-тэбэн барар үгэстээххит
Витя ыраах, кыараҕас сиргэ, быыкаа пиэрмэ аттыгар үөскээбит буолан, ол баҕата сорох ардына арыый омуннаахтык уонна соһумардык киирэн ылар Н. Заболоцкай
9 этии #
Нууччалыы Оказаться в нужде, попасть в трудное положение
Кыараҕаска киир - кыһалҕаҕа ыллар, олуйтар, күчүмэҕэй балаһыанньаҕын ыарат Баайдааҕы да баранаак оҥорорум, Тоту да торҕон ыытарым, Кылааттааҕы да Кыараҕаска киллэрэрим. С. Зверев Холкуос бэрэссэдээтэлэ сэрииттэн кэлбит, саас ортолоох, турбут-олорбут үскэл киһи кыараҕаска киирэн сылдьар. Айталын. Сиэн эбэтэ аймаммытыттан өссө кыараҕаска киирдэ. ЧКС ЫаЫЫ. Кыараҕас көҕүстээх - ыгым, кыраттан да кыыһырар, ордуос киһи. Θ Нетерпеливый, вспыльчивый, раздражительный. Суола үрэх - кыра үрэх. Ол гынан баран кыараҕас көҕүстээх киһи ордук тэбиэс-өһүргэс буоларыгар дылы, кини сааскытыгар олус омуннура дэбилийэн ааһар үрэх. Амма Аччыгыйа Миигин өһүргэскин, кыараҕас көҕүстээххин, солуута суох буолуталыыгын диэн сэмэлиирэ. СГС ӨСҮДь
10 этии #
Кыараҕас аһаҕас дорҕоон - тыл үөр. - бу дорҕоону саҥарыыга тыл үрдүктүк көтөҕүллэр, айах кыратык атар, уос төгүрүйэн кыттар. Маннык дорҕооннор саха тылыгар түөртэр: ы, и, у, ү Кыараҕас аһаҕас дорҕооннор кыра тыастаах буолаллар. ПНЕ СТ. Сыһыарыы аһаҕас дорҕооно наар киэҥ эбэтэр наар кыараҕас буолар. КИИ СТ-2
Нууччалыы Узкий гласный