ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьулай

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы побаиваться, страшиться кого-чего-л., робеть перед кем-чем-л

English crown of the head

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Кимтэн, туохтан эмэ куһаҕан өттүнэн дьайыа эбэтэр тугу эмэ кыайыам суоҕа диэн куттан, чаҕый

Нууччалыы Побаиваться, страшиться кого-чего-л., робеть перед кем-чем-л

  • Большевик ойоҕо хотой курдук хоодуот буолуохтаах, ууттан куттаммат, уоттан дьулайбат, хаанын хамнаппат буолуохтаах.
    П. Ойуунускай
  • Кыыл аймах барыта туохтааҕар да ордук уоттан дьулайар.
    Амма Аччыгыйа
  • Буору өрө ытыйан, биэс тааҥка иһэр эбит. Бастакы үһэ ураты улаханнар. Дьулайбыт санааҕа, хотонноох балаҕан саҕа баҕайылар.
    А. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Арааһа, ити кини дьулайан төннүбүт көҥүһүн туоруубун диэн иэдэйдэҕэ буолуо
    Н. Заболоцкай
II

2 аат тыл #

, анат

  • Улуу күөл ортотунан сиикэйдээх үһү (тааб.: оҕо дьулайа). Аҕаһа тахсыбытын кэннэ Мэник Мэнигийээн оҕотун көрө-истэ олорон, дьулайын тутан көрбүтэ күөгэлдьийэ сылдьар эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Сутурук тыаһа киһи уу дьулайыгар өрө хабылла түстэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Быһах кылабачыйбытынан, ойуун дьулайыгар батары киирэн барда
    И. Гоголев

3 аат тыл #

Кыһыл оҕо төбөтүн уҥуоҕар кытаата илик, сымнаҕас сирэ

Нууччалыы Родничок, темя

4 аат тыл #

Туох эмэ үрдээн көстөөччү саамай төбөтө, оройо (хол., томтор)

Нууччалыы Верхушка, макушка чего-л. (напр., горы)

  • Манна томтор дьулайыгар киһи уҥуохтара иһийэн тураллар.
    И. Гоголев
  • Сардаҥаран көһүннүлэр Туйгун дойдум ньуурдара, Чочур мурааннар дьулайдара Туналыйа түстүлэр.
    Е. Иванова
  • Истиэххин баҕарар буоллаххына – тоҕус халлаан дьулайыгар, аҕыс халлаан арҕаһыгар, сэттэ халлаан кирбиитигэр төрөөбүт улуу күтүр этиҥ. ПЭК ОНЛЯ II. П. -монг. дьулай

«ДЬ» буукуба