Перевод с якутского
салын
туохтуур
Нууччалыы бояться
English (with abl.) to fear
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы бояться
English (with abl.) to fear
эһэттэн саллабын я боюсь медведяI'm afraid of the bear
2 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эмэ улаханнык баһыйтара санаа, дьулай, куттан
Нууччалыы Бояться, страшиться кого-чего-л., робеть перед кем-л
Сахсархай санаабын Сааппакка, саллыбакка Саҥарар саҥнаахпын. А. Софронов Дьулаан тойонтон кыыс билигин да саллар. Уодаһыннаах, оҕуруктаах санаалаах күтүр. И. Данилов Салла саныыбын аҥаар атахтаах Сэрии сэймэгэ киһи киириэхпин, Сүрэҕэр элбэх сүдү аһыылаах Сору билбит бэйэтин куттуохпун И. Егоров
3 туохтуур #
Туохха эмэ күүскүн, тулуургун баһыйтаран салгыы оҥорор кыаҕа суох буол, тулуйбаккар тиий
Нууччалыы Изнемочь от усталости, дойти до предела своих возможностей и сил, сильно утомиться
Күнүстэри-түүннэри манабылга сытан тоҥоллоруттан, утуйбаттарыттан саллааттар саллан да, салҕан да бараллар. Н. Якутскай Ыраастыыр бурдугу таһарга, Бэл диэтэр, мин күүһүм салынна. Күннүк Уурастыырап Хара тыаны кэтэн, тоҥон-хатан иһэр дьон сылайдылар, аттар да салыннылар П. Филиппов
4 этии #
Нууччалыы В течение всей жизни, во всю свою жизнь. [Биэнсийэҕэ тахсан баран] устар уһун үйэҕэр, саллар сааскар тугу булбуккун, тугу сүтэрбиккин ааҕынаҕын
Саллар сааһыгар - олорбут олоҕун устатыгар, үйэтин тухары
Н. ЛугиновБабыкый оҕонньор биһикки саллар сааспытыгар ыал олорон биирдэ этиһэн көрбөтөхпүт. Эрилик Эристиин Ср. каракалп. жалкауланыу ‘лениться’, др. -тюрк. чалын ‘худеть, спадать с тела’
5 туохтуур #
Тугу эмэ уокка тутан буһар, уокка сырай
Нууччалыы Держать что-л. (напр., мясо, сало) над открытым огнём, чтобы зажарилось; жарить на огне
Уоллаах кыыс, оһох чанчыгар тураннар, тымтык төбөтүгэр сыа саллан сырылаппытынан бараахтаатылар. А. Софронов Чаанньык күүгэн алынна Кутаа үөһэ төлөҥҥө, Аҕам киһи салынна Үөлбүт этин төлөҥҥө. М. Ефимов Уокка саллыбыт эмис сордоҥ куормаана чахчы мааны ас эбит. И. Гоголев
Өссө холобурдар (3)
Өйдөөн кэллим, Кэтириинэ, Байаҕантай ыалларын. Киэһэ оһох төлөнүгэр Чоҕочуну салларгын П. Тулааһынап Уокка чугаһатан, сырайан итит, итиэр. Θ Греть у огня (напр., руки). Эмээхсин --, уокка көлөһүннээх тарбахтарын саллан баран, биһиктээх оҕону биэбэйдии барда. Н. Неустроев Таһырдьаттан киирбит киһи оһоххо илиитин салла-салла: "Ычча-о! Кыһалҕалаах кыһын обургубут дьэ эмиэ кэллэ ээ!" - диэн бабыгырыыр Н. Якутскай