ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бас

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы черпак

English to scoop

Ис хоһооно · 17

1 туохтуур #

Нууччалыы черпак

English to scoop (liquid or something bulky)

  • уута бас
    зачерпнуть водуto scoop water
  • буорда бас
    зачерпнуть землюto scoop soil
I

2 туохтуур #

Убаҕаһы эбэтэр туох эмэ бытархайдары тугунан эмэ сомсон ыл

Нууччалыы Набирать, черпать что-л. жидкое, или единичное чем-л

  • Хамыйаҕынан бас. Күрдьэҕинэн бас.
  • Аргыый аҕай болтуотун кэтэн, хаста да чаанньыгар уу баһан таһааран, саһаан хардаҕастарын быыһыгар бырдьыгыныы умуллан эрэр уокка кутта.
    Амма Аччыгыйа
  • Саламаатын буһаран хонууга таһааран уурда уонна хамыйаҕынан баһан кыһыл чааскыга кутта.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Петухов оҥочотун уутун баһыар, ыраах айаҥҥа оҥостуор диэри, туораан иһээччи чугаһыыр
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Тугу эмэ тугунан эмэ иилэн өрө көтөҕөн ыл

Нууччалыы Поднимать вверх что-л., зацепив чем-л

  • Уус Мандар эмиэ тэбиэһиргээн, ытыһыгар силлии-силлии кыдама сотото өҕүллүөр диэри оту баһан ылан, үөһэ элит да элит буолла.
    И. Гоголев
  • Сииҥэстиир уола [оҕус аата] муоһунан тоҕо баһан кэбиһэн баран, өстөөҕүн иннигэр тахсан өҥүс баһын кынчаччы таттаран турбута
    Эрилик Эристиин

4 туохтуур #

Үүнүүнү, быйаҥы дэлэйдик хомуй, мунньун

Нууччалыы Собирать в изобилии урожай

  • Кэл, барыах алааска Бурдукта басыһа, Төрөөбүт холкуоска, Быйаҥна басыһа.
    П. Тобуруокап
  • Уолба алаас барахсан Баһан ылар үүнүүлээх Манчаарыта, өлөҥө-Балаһанан долгулдьуйан Баарыстана сыппыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сүрүн улахан ходуһалары отторо ситэрин кэтээн сылдьан, кылгас кэм иһигэр баһан ыларга кыһаллаллар. “
    Кыым
Өссө холобурдар (2)
  • Элбэхтик, өлгөмнүк бултуй (хол., балыкка). Θ Добывать в большом количестве, иметь хорошую добычу (напр., на рыбалке). Сынньалаҥ, чуумпу күнүнэн туһанан, балыгы баһан ыла кэлбит дьон буолуохтаахтар.
    Н. Заболоцкай
  • Кини сайынын аатырар балыктаах Хоохучча диэн кумахха байым балыгы баһар биригээдэҕэ үлэлиир
    А. Сыромятникова

5 туохтуур #

Тугу эмэ олус үлүннэрэн, дарбатан, омуннаан эт, кэпсээ

Нууччалыы Слишком, чересчур преувеличивать, раздувать что-л

  • Дьэ, онон, наһаа баһан этии айыы-саат буолар.
    М. Доҕордуурап
  • Өллө эрэ диэҥҥит үрдэтэн Ааһан арбаамаарыҥ, Эбэтэр түһэрэн, киртитэн Баһан этэр буолумаарыҥ.
    Баал Хабырыыс
  • Этэрин эт да, баһыма!
    С. Тимофеев

6 этии #

Нууччалыы Зажиточный, богатый (о жизни)

  • Бас да арыы, быс да сыа (быс да сыа, бас да арыы) - олус дэлэй, өҥ-тот (хол., олох) Билигин биһиги олохпут, сахалар этэр үгэстэринэн, бас да арыы быс да сыа буоллаҕа.
    М. Доҕордуурап
  • Бастар бараммат - бүттэр бүппэт, олус элбэх. Θ Неиссякаемый, неисчерпаемый (букв. сколько ни черпай, все не кончается). Уулаатар бараммат, уостан сүппэт уйгу быйаҥ улаатыах этэ, бастар бараммат, кэстэр кэхтибэт кэтит кэскил дэри-дэлэгэй тэлгэниэх этэ.
    П. Ойуунускай
  • Онтон ыла Чурумчуку Уолбат ойбон уйгуланна, Тохтор хороммот тоттонно, Бастар бараммат баайданна. Эллэй. Онтон бу күөллэргэ чыыр бастар бараммат элбэх этэ.
    С. Курилов
Өссө холобурдар (5)
  • Хараҕыттан (хараҕа) уу-хаар баһа-баһа (баһан) - ытамньыйа-ытамньыйа. Θ Со слезами на глазах. Балайда гынан баран, хааһын кыратык түрдэс гыннарбыта уонна хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа: “Бэрэкилээтэй, бассыыс!” - диэбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • “Кыыһыран титирэстээн мүччү үктээтэҕим дии,” - Лука, бэйэтин сэмэлэммиттии хом түһэн сытан хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа [кэргэнигэр] эттэ.
    М. Доҕордуурап
  • Эбээ, эбээ! - диэбитинэн Элээрэн киирдэ кыысчаан - Хайдах буоллуҥ, эбээ, эн? Хайа... Тоҕо...
  • - диэн иһэн Хараҕа уу-хаар баһан, Хап-сабар тураат, быһа Таһырдьа диэки тэбиннэ.
    ХС
  • Баһан эт - туох эмэ итэҕэһи-быһаҕаһы олус үлүннэрэн, дарбатан эт, кэпсээ. Θ Говорить преувеличивая недостатки, сгущать краски. Баһан эппиттэрин иһин кириитикэни тулуйан иһиттэҕим дуу? Г. Колесов
II

7 аат тыл #

Киһи-сүөһү, кыыл, харамай биир тутаах миэстэтэ, төбөтө

Нууччалыы Голова (человека или животного)

  • Сыана кэтэҕэр баһа кэлгиэлээх бүтүннүү хаан-сиин буолбут бартыһаан көстөр.
    П. Ойуунускай
  • Кыыс сүр босхо баҕайытык баһын эргичиҥнэппитигэр баттаҕа бүтүннүү үрэллэҥнээн харахтарын саба түспүтүн ып-ыраас, сип-синньигэс тарбахтарынан, сааһын алдьаппакка сэрэнэн арыйан кэбистэ.
    А. Софронов
  • Андриан оҕонньор баһын бүк түһэрэн, балачча олордо
    М. Доҕордуурап

8 аат тыл #

Туох эмэ үөһэ эбэтэр илин уһуга

Нууччалыы Верхняя или передняя часть чего-л

9 аат тыл #

Туох эмэ саллаҕар эбэтэр кэтит сүрүн өттө эбэтэр оннук уһуга, төбөтө

Нууччалыы Утолщенная, расширенная часть или конец чего-л

  • Ньуоска баһа. Кыраабыл баһа. Күрдьэх баһа
  • Атах таҥаһын илин төбө өттө. Θ Передняя носовая часть обуви. Уҥа саппыкытын баһа бүтүннүү балай хаан буолбут
    КГР СЛ-8

10 аат тыл #

Туох эмэ бүтэр уһук өттө, бараныыта

Нууччалыы Удаленная часть или конец чего-л

  • Антах уулусса баһын диэки эмиэ харабыл сылдьара көстөр.
    Эрилик Эристиин
  • Күөл икки баһа уонна куулата хара маһын саҕаттан сөкү уонна дулҕа этэ.
    Далан
  • Ньукуус оҕонньордоох Баарда диэн сайылык илин баһыгар олохтоохторо.
    ТГС ЫА

11 аат тыл #

Туох эмэ саҕаланар сирэ (хол., өрүс, үрэх)

Нууччалыы Место, где берет начало (река, ручей); верховье, исток, устье реки

  • Өлүөнэ баһын диэки бара сылдьан биир эмэ атыыһыты кытта билсэн, табаар үлүгэри иэс хоторон аҕалан нэһилиэкпэр лааппы аһыам.
    Күндэ
  • Үс үөстээх Өлүөнэ өрүс бастара Өргөн өтүүнү сыыйа тарпыт курдук Субуллан, сыыйыллан көстүбүттэрин Өҥөйөн көрөн ааста [сөмөлүөт]. Нор. ырыаһ

12 аат тыл #

Атыттары салайааччы, бас-көс киһи, баһылык

Нууччалыы Руководитель, глава чего-л

  • Иван Иванович - нэһилиэк баһа.
  • Мин бэйэбэр бэйэм баспын
    Күндэ

13 аат тыл #

Кинигэ, айымньы улахан чааһа, үллэһигэ

Нууччалыы Раздел книги, произведения; глава

  • Роман бастакы баһын тылбааһа аан бастаан 1948 сыллаахха “Хотугу сулус” альманахха бэчээттэммитэ. Софр. Данилов. Тюрк. баш, бас

14 этии #

Нууччалыы С увлечением, прибавляя много лишнего (говорить, рассказывать)

Этиилэр

Хой баһын туой (тыллас) көр хой

Ээ, бу да киһи, олох хой баһын туойда. Н. Лугинов. Мин үнүрүүн кэпсэтэн көрбүтүм кыыһым, онус кылаас оҕотун курдук, хой баһын тыллаһар. Софр. Данилов. Баһыҥ барыа - улахан буруйга-сэмэҕэ тиксиэҥ.

Станешь предметом обвинения, осуждения (букв. не снесешь головы).

  • Биһиги ити дьыаланы бүгүҥҥү мунньахха кыайан быһаарыахпыт суоҕа да баспыт барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол сыыһа буоллаҕына баһыҥ барар.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (4)
  • [Кулуба:] Эн, Сэмэн, итини кэпсээн оҥосто сылдьар буолаайаҕын. Итинник сымыйа кэпсээн үрдүк тойот кулгааҕар киирдэҕинэ киһи баһа барыа.
    Н. Неустроев
  • Баһыҥ батарынан бар - төһө сатанарынан быыс-арыт булан бар. Идти, продвигаться, пользуясь любой возможностью. Дьэ онон эн, дыгаар, бу дойдуга икки харахтаахха көстүө суохтааххын. Ханна барар сиргэр баһыҥ батарынан бар.
    Д. Очинскай
  • Умнаһыт муҥнаахпын. Бу эмиэ баһым батарынан баран эрэбин.
    В. Протодьяконов
  • Баһыҥ саллайдын, кутуругуҥ суптуйдун - бара тур, түргэнник суох буол, мантан букатын тэй. Убираться вон (букв. пусть твоя голова увеличится, а хвост сузится). Окко түспүт оҥорууҥ биллин, сиргэ түспүт силиһиҥ - мутугуҥ биллин. Баскыт саллайдын, кутуруккут суптуйдун. Ньургун Боотур

15 этии #

Нууччалыы Иметь личную собственность, владеть чем-л. [Ыстапаан] уҥуоҕа босхо барыар дылы үөрээхтээтэ -- сааһын тухары бачча харчыны бас билэн, бэйэм киэнэ диэн тута илигэ

  • Бас бил - тугу эмэ бэйэҥ туһанар, дьаһайар бырааптаах буол
    А. Софронов
  • Бу манан Дьаакыбылап кулуба бас билэр сирэ бүтэрэ.
    Н. Якутскай
  • Бу Чоочо баай былыр чугастааҕы нэһилиэгин сирин-дойдутун олоччу бэйэтэ күүһүнэн, сэп-сэбиргэл туттан бас билэн олоорто үһү.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (28)
  • // Кимиэхэ эмэ муҥур тойон, баһылык буол. Θ Возглавлять, подчинять кого-л. Маннааҕы баайдар дьадаҥылары, нуучча помещиктара бас билэр бааһынайдарын сирэйэ-хараҕа суох ыгалларын-түүрэллэрин курдук баттаабаттара диэн этиэххэ сөп.
    С. Курилов
  • Баайын-дуолун харайар Бас билэр чаҕар дьоннорун хаҥатан биэрбитэ.
    С. Зверев
  • Бас билии - ким, туох эмэ тус бэйэтэ туттар, дьаһайар мала-сала, баайа-дуола. Θ Материальные ценности, имущество, принадлежащие кому-л. или находящиеся в полном распоряжении кого-чего-л., личная собственность. Төһөлөөх эмэ киһи көлөһүнэ аҕыйах мүнүүтэ иһигэр мэлийэн, ханнык эрэ түбэспиччэ киһи бас билиитэ буола охсон хааллаҕа.
    Д. Таас
  • Холкуос уопсай бас билиитигэр сүүсчэкэ ынах сүөһүлээх.
    ХС
  • Онтон ыла бары көмүстээх сирдэр государство бас билиитигэр киирбиттэр. “Кыым”. Бас билээччи - тугу эмэ бас билэр киһи. Θ Владелец какого-л. достояния, собственник. Билигин да ходуһа уруккутунан дэбиличчи үүнэн муоралыы долгуйар. Арай маны барытын бас билээччи уларыйбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сирэй бас билээччи ким даҕаны итиччэ харчыны бэйэтэ илдьэ сылдьыбат.
    Д. Таас
  • Квартираҕа баар малы-салы квартираны бас билээччи бэйэтэ сыаналыыр. “Кыым”. Бас быата - көлөнү быалыырга баһыгар кэтэрдиллэр тэһииннээх, үксүгэр кэтит, хаптаҕай быа. Θ Часть сбруи - ремни с поводками, надеваемые на голову упряжного животного. Уҥа оһох чанчыгар хамначчыт уол бас быатын абырахтыыр.
    Эрилик Эристиин
  • Мин салаалаах тоҥ мутугу тоһутан, уһуктуу кыстым уонна бас быа оҥорон кэтэртим, онтум кэтэҕэр сөп түбэһэр - бөрө өсөһөн быаны тартаҕына “имнэнэн” биэрэр гына мутукпун баайдым.
    Т. Сметанин
  • Аан бастаан сылгы хонууттан үүрүллэн аҕалыллан кыбычыыҥҥа эбэтэр кыараҕас далга быанан оҕуурданан бас быа кэтэрдиллэр. АНП ССХТ. Бас бэрин - 1) өстөөххөр хотторон, киниэхэ, эбэтэр ким эмэ былааһыгар бэрин. Θ Потерпеть поражение, покориться чьей-л. воле, власти. Барон Тизенгаузен бөтөн бара-бара, норуокка баһын бэринэрин, былааһы норуот илиитигэр туттарарын туһунан этэн бобуллаҥнаан баран, иилинэ сылдьар шпагатын устан Орджоникидзеҕа уунна.
    Амма Аччыгыйа
  • Греция, суох, баһын бэриммэт талаанньыт аймаҕар, Бастаанньа батталы билиммэт Уотунан кытыастар.
    С. Данилов
  • Колчак 1-гы Сибиирскэй аармыйатын командующайынан А. Н. Пепеляев анаммыта, киниэхэ барыта уон биэс тыһыынча кэриҥэ киһи бас бэриммитэ. “ХС”; 2) кимиэхэ-туохха эмэ баһыйтар, иннигин биэр. Θ Чувствовать превосходство над собой, подчиниться кому-л., в чем-л. [Лариса:] Хайдах ол кини ити үлүгэр хаалынньаҥ оҕонньорго баһын бэринэн, эргэҕэ билиэн баран, эйэлэһэн олороруй?
    Суорун Омоллоон
  • Үчүгэйин! Бу маннык, бу курдук ити эрчимнээх илиилэргэ бас бэринэн кэбиспит киһи.
    Н. Лугинов
  • Дьукаахпыт Хобороос барыны-бары билэр, сатыыр. Дьиэлээх эмээхситтэр киниэхэ бүгүттэрдии бас бэринэллэр, хаһан даҕаны мөккүспэттэр.
    ХС
  • Бас сыгынньах - бэргэһэтэ, былаата суох. Θ Без головного убора, с непокрытой головой. Бу олордохторуна өтөх ортотунан биир киһи бас сыгынньах, ырбаахынан, кэннин хайыһа-хайыһа сүүрэн тэбэн иһэр.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Үөдэн үнүгэһэ куруук мин таҥаспын таҥнар буоллаҕа. Иирээки киһи курдук, бас сыгынньаҕын барарбар тиийдэҕим.
    И. Гоголев
  • Бас уҥуоҕа - мэйиини хаххалыыр, хамсаабат гына силбэспит бөҕө хаптаҕай уҥуохтартан турар төбө уҥуоҕа, дьардьама сүрүн чааһа. Θ Череп. Куобах баһын уҥуоҕунан оҕус гына оонньуурум, Аны көтөр моделынан оонньотобун оҕобун.
    П. Тобуруокап
  • Дьардьамаҕа бас уҥуоҕун, көҥдөй көҕүс уҥуохтарын (сиһи, агданы) уонна лабаалар, илии, атах уҥуохтарын араартыыллар. КЗА АҮө. Бас уҥуоҕа хамсаабат гына силбэспит хаптаҕай уҥуохтардаах. СИиТ. Эҥил (өҥүс) бас - киһи-сүөһү, кыыл санныттан үөһээ моойугар сыстар сирэ. Θ Верхняя часть плеча человека ближе к шее. [Тускаев Абылановы] харытыттан харбаан ылла уонна өҥүс баска саайда.
    Эрилик Эристиин
  • Ньургун киһитин эҥил баһыттан лаппа ылан уонна хонноҕун анныттан тутан туора-маары илгиэлээн тэмтэритэн иһэн умса садьыйан түһэрэр.
    Н. Лугинов
  • Сатыров оҕонньор оронугар эҥил баһыттан тардыстан, тиэрэ түһэн сытара.
    И. Федосеев
  • Кытыан сатана уола ытыыр-күлэр ыккардынан, ыгыста-ыгыста, өҥүс баһын туппахтанар.
    ХС
  • Үрэх баһа (сир, дойду) - түҥкэтэх, ыраах, киһи-сүөһү олохсуйбатах сирэ. Θ Необжитая, дикая, отдаленная местность. Мин куоппутум үрэх баһа - Дьон тиийбэт сиригэр, Киһи саҥата, сүгэ тыаһа, иһиллибэтэх сиригэр.
    С. Данилов
  • Бу үрэх баһа дойдуга мэнээк тыллаһар сэттээх-сэлээннээх.
    Далан
  • Микииппэрэп кинээс дьонноро, буутунан табаҕы, куһуогунан таҥаһы тиэйэ-тиэйэ, илин-арҕаа эргинэ көтүтэллэр. Үрэх бастарыгар олорор булчуттары түөкэйдии бараллар.
    М. Доҕордуурап
  • (Үрэх, үрүйэ) ыһыытыыр баһа - хайа эмэ үрэх, үрүйэ саамай саҕаланар сирэ, баһа. Θ Начало, исток какой-л. реки. Арай, дьол быатыгар, ынахтарын бу иннинээҕи чугас толоонтон буллун, оччоҕо Туруйалаах үрүйэ ыһыытыыр баһыттан тахсан булуталаатым диэн этиэ этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кинилэр Лампара үрэх ыһыытыыр баһыгар ньиэби көрдүүр эспэдииссийэ түһэн олорор сиригэр тиийэн бөртөлүөккэ олорон барбыттара.
    П. Аввакумов
  • Сэниэ-сээбэс эстэн, сыра-сылба баранан, итиннэ тиийэн сынньанан, манна кэлэн олорон түүн үөһүн саҕана бэйэтин үрэҕэр түһэр салаа үрүйэ ыһыытыыр баһыгар кэллэ.
    ХС
  • Киһи баһыгар - киһи аайы. Θ Каждому, всем без исключения. [Октябрьскай революция иннинэ] сүүс биэс уон тыһыынча саха баһыгар сыл устатыгар биир эрэ киһи эбиллиилээх эбит.
    И. Алексеев
  • Киһи баһыгар отуттуу сигаретаны, биирдии суу табааҕы, түөртүү киһиэхэ биирдии бытыылка арыгыны түҥэппиттэр. ДАЛ УуУоО
III

16 аат тыл #

муус. Эр киһи саамай хойуу, суон куолаһа

Нууччалыы Самый низкий мужской голос, бас

  • Хойуу баһынан саҥарда

17 аат тыл #

Саамай хойуу, суон куолаһынан ыллыыр ырыаһыт

Нууччалыы Певец с самым низким голосом, бас. [Хор салайааччыта:] Көрдөһөбүн, бастар уонна сопранолар актыыбынайдык ыллааҥ, дорҕоонноохтук, астыктык

  • АҮ

«Б» буукуба