Перевод с якутского
хой
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы овца; баран
English sheep, ram
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы овца; баран
English sheep, ram
хой үөрэ стадо овецa herd of sheep
2 даҕааһын #
Ис хоһооно суох, кураанах, дойҕох (тыл-өс туһунан)
Нууччалыы Бессодержательный, пустой (о речи)
Дэҥҥэ, ханнык эрэ сир баһыгар, ити курдук этэр, кэпсэтэр ускахтарын дуораана кэлэрэ. Атын, түһээн да көрбөтөх дьоннорун хой дойҕохторо. С. Дадаскинов [Кириисэ:] Куттаан-куттаан бүтэн баран, Кураанах хой хайҕаллаах, Булгуччу да моһуогуран Бу кыыс сүттэ быһыылаах! ХС
3 этии #
Нууччалыы Чушь, вздор, ахинея
Этиилэр
Хой баһа
1) мээнэ, солуута, ис хоһооно суох тыл-өс, санаа-оноо Хой баһа хоһоон субуллар, дойҕох тойук суккуллар. Л. Попов. Дьэбдьиэ -- олоҕо суоҕу ыралыы, хой баһын саныы сыппыта эмискэ суох буолла. Болот Боотур; 2) олус ыраах.
Очень далеко, на большом расстоянии от кого-чего-л.
Саҥа оҥостуоҕу, хайыһар хаптаһына буолар маһы таастан булбаккын, маска тиийэр хой баһа. Болот Боотур
Хой баһа тыл көр тыл II
Хой баһа тыллаах киһи.
Хой баһын (тойугун) туой (тарт, тыллас)
мээнэ, туох да олоҕо, сыһыана суоҕу, киһи итэҕэйиэ суоҕун саҥар.
Молоть вздор, городить чепуху.
Чэ, хой тойугун тардыаҕыҥ, күн көрүн түһэриэҕиҥ. И. Гоголев Тыаҕа сатаан сылдьыбат дьон хамсыы түстэллэр эрэ, хой баһын тарда сылдьар буолаллар. Н. Босиков
Өссө холобурдар (2)
[Омуннаах уол] Арыт таба этэр, Син түөрдү ылар. Арыт түҥ-таҥ эрдэр Хой баһын туойар. Баал Хабырыыс Нойоон, эн хой баһын туойаҕын, олоҕу билбэт, хаҥыл буолаҥҥын. "Чолбон". Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ, букатын хой тойугун туойар, көрдөрөн олорон сымыйалыыр. "ЭК"
4 аат тыл #
Бараан
Нууччалыы Баран. Таһыттан хара кыыс сибилигин өлөрүллүбүт хой иһин, сулуйуллан кырбаммыт этин икки иһиккэ тутан киллэрдэ. Н. Лугинов. Араас тэбиэн, хой сүөһүлэр ирбэт тоҥ муус дойдуга суохтар. КДьА. Күөх дуолга хой (бараан), сылгы, ынах үөрдэрэ мэччийэллэр. "ХС". ДТС, тюрк. хой