ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыл

аат тыл

Нууччалыы язык

English tongue; language

Ис хоһооно · 15

1 аат тыл #

Нууччалыы язык

English tongue; language

  • Саха тыла
    якутский языкYakut language
I

2 аат тыл #

Харамай амтаны билэр, оттон киһи ону таһынан саҥарар, айаҕын иһигэр баар уоргана

Нууччалыы Мышечный орган в полости рта, являющийся органом вкуса а у человека способствующий также образованию звуков речи

  • Тылбар баас тахсыбыт.
  • Ыттар сорохторо умса түһэн, сорохтор хаарга көхсүлэринэн тиэйэн, тылларын салыбыратан, дириҥ-дириҥник тыынан сурдурҕата сыттылар.
    Н. Габышев
  • [Бөрө:] "Барыта маннык минньигэс буолуо, абалаах…" – диэбиттии кыҥастаһа-кыҥналдьыйа, дьүккүҥнүү, уһун кыһыл тылынан салбана олордо.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Илин аһаҕас дорҕооннору этэргэ тыл өрө көтөҕүллэр уонна илин диэки, тиис диэки, кэлэр.
    ПНЕ СТ

3 аат тыл #

Сүөһү, кыыл эбэтэр собо тылыттан бэлэмнэммит аһылык, бүлүүдэ (сахаларга күндү ас ахсааныгар киирсэр)

Нууччалыы Блюдо, кушанье (из языков некоторых животных и карася у якутов считается особым лакомством)

  • Хайа, оҕом, бу собо тылын сиэҥ буолаарай?
    И. Гоголев
  • Даайыһын үөрдээри була сатыы-сатыы кэһии арааһын аҕалар: балык бастыҥын, хара улары, кыыл таба тылын, күндү түүлээх эгэлгэтин.
    Н. Лугинов
  • Таба тыла сокуускалаах чэй истибит
    Н. Түгүнүүрэп

4 аат тыл #

Ханнык эмэ аттаһык тэрил (хол., хомус, чуораан, талкы) хамсыыр гына ыпсарыллыбыт туспа чааһа

Нууччалыы Подвижная часть какого-л. составного предмета (напр., варгана, колокола, мялки для кожи), прикреплённая к основной части одним концом

  • Талкы баай тиит төҥүргэһигэр маарынныыра, бөдөҥ тиистэрдээҕэ уонна ол тиистэргэ баттыыр эмиэ тиистээх сүрдээх модьу тыллааҕа.
    Далан
  • Хомус лира курдук сыҥаахтаах уонна иэҕиилээх хаптаҕай тыллаах.
    И. Данилов
  • Хапкаан тылын уонна кылдьыытын чараас гына хаарынан, курупааскы куорсунунан, таба түүтүнэн уо. д. а. сабаллар. Булчуттарга к

5 этии #

Нууччалыы соотв. язык без костей; длинный язык (букв. язык не помещается во рту)

Этиилэр

Тыла айаҕар баппат

бас-баттах тыллаах, быһыылаах (киһи) Ити киһи төрүкү тыла айаҕар баппат.

  • Тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат (өс хоһ.).

Тылгын түөскэр түһэр

аҕылаа, эппэҥнээ (сүүрэн, ыксаан).

соотв. повесить язык на плечо (букв. язык уронить на грудь).

  • Бар, Силиппиэн, Бөрүөбүскэйгэ тылгын түөскэр түһэрэн тиий.
    Л. Попов
  • "Ээбэтээ, киһи барахсан тылын түөһүгэр түһэрэн тиийэн кэллэ ээ", – Яков Яковлевич мин тиэтэйбиппин көрөн оонньуу-күлэ тоһуйда.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Сарсыарда аайы оптуобуһу куоттараары тылбытын түөспүтүгэр түһэрэн сырсарбыт үчүгэй аҕай дии.
    ХС
  • Тэҥн. тылгын былас таһаар (түһэр).

Тылгын былас таһаар (түһэр) көр былас II

  • [Эркээни:] Өлбүт сүөһү ханнын сааҕа Өрөһөлөнө сытарын көрдөхтөрүнэ, бэл ынахтар, Тылларын былас таһааран, орулуу-орулуу Мүлүкүчүһэ сырсаллар, салгыны кэйиэлииллэр.
    И. Гоголев
  • Бөрөлөр тылларын былас түһэрэн, сиэгэн хаһан тоторун кэтэһэн сыппыттара.
    ХС

Тылын ыстыыр

мээнэ лахсыйар, солуута суоҕу кэпсэтэр, саҥарар.

Молоть, трепать языком, заниматься пустой болтовнёй (букв. жует, кусает язык).

  • Манна кыһыҥҥы киэһэлэр олус уһуннар, киинэ, тэлэбиисэр диэн суох, онон, баҕар-баҕарыма, тылгын ыстыыргар тиийэҕин.
    Далан
  • Фатихатта киниэхэ сыһыана уларыйда, мэнээк хаадьылыыра, тыл ыстыыра, солуута суох сыстаҥныыра уурайда.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Дьэ тылгытын ыстаан биэрдигит… Ону-маны түөстүгүт ахан да, кырдьыгы, тоҥуу хаарга түһэн хаалбыт иннэ кэриэтэ, булан таһаарбатыгыт.
    С. Курилов
  • Тэҥн. тылгын тарбаа, тылынан тыыланар

6 этии #

Нууччалыы Языки пламени

Этиилэр

Күлүүс тыла көр күлүүс

  • Биир саллаат сүүрэн болдьоҕолдьуйан кэллэ уонна сүр улахан күлүүс тылынан иһиттэн хатаабыт күлүүстэри аһан, олбуору нэлэччи аста.
    Н. Якутскай
  • "Күлүүс тыла кимиэхэ баарый?" – ким эрэ хаһыытаата уонна тугунан эрэ дьиэ буора-сыыһа саккырыы түһүөр диэри халҕаны сырбатта.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Көстөкүүн ойоҕун сиэбиттэн күлүүһүн тылын ылан, дьааһыгын аһан мөһөөх харчытын ылан, Баһылай Охонооһойоптооххо хаартылыы барда.
    Күндэ

Түөһүн тыла көр түөс

  • Уол өрүһүспүт курдук үрдүгэр миинэ түһээт, хоонньуттан сытыы быһыччатын сулбу тардан таһааран өрө кэдэрийэн эрэр киһини түөһүн тылыгар саайан баран, иһин хайа тардар.
    Саха фольк
  • Түөһүн тылыгар дылы сэбирийэ үүнэн түспүт бытыктаах, бэрт сүдү дьүһүннээх оҕонньор киһи -- тыл этээри утары тахсан иһэр эбит.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Куорсуннаах оноҕос кыһыыран тиийэн тордохтон тахсыбыт сарыы сонноох уолу түөһүн тылыгар хорос гына түспүтэ.
    Далан

Уот тыла

уот сарадахтара, төлөннөрө Уот обургу иҥсэлээх тыла Эрдээх кыыһы эҕирийэн ылла.

  • Кутаа уота улахан баҕайы кып-кыһыл тылларынан хараҥаны салыыр.
    Л. Попов
  • Уот уһун тыллара, сарбынньах-сарбынньах буола, уһулута ойон, өрүтэ үөмэхтэһэн тахсарга уонна уһуктаах сытыы тылларынан тэһитэ салаан, быһыта хаарыйан ыларга дылылар.
    А. Бэрияк

Хос тыл

айах иһигэр таҥалай бүтүүтүн диэки үүнэр чорбох.

Отросток на заднем крае мягкого нёба в полости рта, язычок.

  • Айах иһигэр хос тыл баар.
  • Мэйииттэн салаллар салаа уорганнар бөлөхтөрө: өрөһө, күөмэй туруупката, куолай быччыҥнара, бэлэс, айах көҥдөйө, таҥалай, хос тыл, тыл бэйэтэ, мурун көҥдөйө, тиис, уос. КИИ ОЧСҮөГ.

Ынах тыла

тууһа суох ууга үөскүүр, тыынар-тыыннаах этигэр-сиинигэр сыстан хааны оборон иитиллэр паразит чиэрбэ.

Пиявка.

  • Бу күөлгэ ынах тыла элбэх.
  • [Миисэ:] Үөн-курдьаҕа үлүгэр, ынах тылын курдук, кыһыл уот буола-буола, халлааҥҥа кыймайа көтөн тахсан да эрэр ньии!
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Ынах тылыныы, Эммит-оборбут удьуордааххын, Дьон дьолун супту уулуу Олорбут обот кулааккын?
    С. Васильев

Ыт тыла

уһун синньигэс ньолбуһах сэбирдэхтээх, элбэх сыллаах хатыылаах сыыс от.

Крупная сорная колючая трава, осот.

  • Ыт тыла бөҕө үүммүт.
  • Тэһитэ кэйэр хатыылаах астар, холобур, хатыылаах ыт тылыгар уонна чередаҕа бааллар. КВА Б. ДТС тил, тюрк. тил, тел
II

7 аат тыл #

Дьон омугунан арахсан бэйэ-бэйэлэрин кытары хардарыта өйдөһөр, бодоруһар ньымалара, дьон-норуот саҥата

Нууччалыы Средство общения людей одной национальности, язык

  • Саха тыла. Нуучча тыла.
  • Сыгааттар туой бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр.
    Н. Павлов
  • Тыл дьоннор өйдөһөллөрүгэр, бодоруһалларыгар туһалыыр. ПНЕ СТ. "Норуот тыла – норуот туох баар олоҕун-дьаһаҕын толору көстүүтэ, кини култууратын, өркөн өйүн күндү кылаата бүтүннүүтэ түмүллүбүт мусуойа буолар", – диэн Э. К. Пекарскай саха тылын биэс уон сыл мунньубут чинчийиитин түмүгэр эппитэ
    ЭК

8 аат тыл #

Киһи саҥарар дьоҕура, саҥа

Нууччалыы Способность говорить, речь

  • Оҕо тыла үһүгэр сайдар.
  • Иэгэйэр икки атахтаах бары тыллаах (өс хоһ.). Тыыннаах буолларгын Тылгын иһитиннэр!
    П. Ойуунускай

9 аат тыл #

Биирдиилээн өйдөбүлү бэлиэтиир саҥарар саҥа сүрүн биирдэмэ

Нууччалыы Единица речи, служащая для выражения отдельного понятия, слово

  • Тыл олоҕо. Этии тус-туспа тыллартан оҥоһуллар.
  • Кини "кэтэспэтилэр" диэн тылы тоҕо эрэ "тэскилээтилэр" диэх курдук истэн хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Э. К. Пекарскай сүүрбэ биэс тыһыынча тыллаах тылдьыты оҥорбута.
    ПНЕ СТ

10 аат тыл #

Тугу эмэ быһааран, бигэргэтэн эбэтэр модьуйан бэйэ санаатын этии; саҥа, саҥарыы

Нууччалыы Публичное выступление, слово, речь

  • Өргөстөөх Өлөксөй өрбөкөчүйэн туран: "Тыл барар дакылааччыкка, Толоруулаах Доропууҥҥа, улуус ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр", – диэтэҕэ.
    П. Ойуунускай
  • Хабычча хараҕа уоттанан үчүгэйдик ирэн-хорон туран тыл этэр.
    Күндэ
  • Иван уус уонна хас да ыччаттар туран бөһүөлэк көһөрүн сөбүлээн тыл эттилэр
    М. Доҕордуурап

11 аат тыл #

Ханнык эмэ сонун киһиттэн киһиэхэ кэпсэнэн киэҥник тарҕаныыта; кэпсээн, сурах, илдьит

Нууччалыы Известие, слух, молва

  • Ол түбэлтэ туһунан тыл барбыт.
  • Хайа ити Хачыгыры даҕаны тыл оҥордохторуна, тыл аата тыл буолаарай
    Эрилик Эристиин

12 аат тыл #

Туох эмэ киһи өйүгэр-санаатыгар тиийэр ураты ис хоһооно, өйдөбүлэ

Нууччалыы Особый смысл, содержание, возбуждаемые чем-л. в человеческом сознании

  • Хампаһыытар муусука тылынан киһи иэйиитин этэр.
  • Айылҕа тыла барыта – Араай аптаах муусуката.
    С. Данилов
  • Манна элбэх сэбирдэх Сибигинэс тылыгар Кистии-саба этиллэр Кэлэр кэмим сылыга.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Бу холобуру математика тылынан кылгастык суруйуоҕуҥ: (2+6):2
    ПРД ДДь

13 аат тыл #

Сэриигэ наадалаах сибидиэнньэни кэпсиэн сөптөөх билиэҥҥэ түбэспит саллаат, эписиэр

Нууччалыы Пленный, от которого можно получить нужные сведения, язык

  • "Тыл" ыла кэлбиттэр бэйэлэрэ "тыл" буолар буоллулар.
    Т. Сметанин
  • Хабыыча Далбаайап табаарыһыныын икки "тылы" аҕалан, батальон ыстаабыгар туттардылар.
    В. Протодьяконов
  • Биирдэ хайаан даҕаны "тыл" ылар сорудахтаах өстөөх тыылыгар тахсыбыппыт
    И. Сосин

14 этии #

Нууччалыы Язык заплетается у кого-л. (напр., от волнения)

Этиилэр

Биир тыла суох көр биир

  • Хайыаххыный, үрдүкү начаалынньык бирикээһэ булгуччулаах, биир тыла суох толорорбор тиийэбин.
    В. Протодьяконов
  • Ити күн ыарҕа быһара тохтоон, бэрэссэдээтэл этиитигэр биир тыла суох сөбүлэнэн, Мөрүөн ноһуом тасыһа таҕыста.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Бирикээстэр биир тыла суох толоруллаллар.
    ХС

Биир тыла суох бар көр биир

  • Нууччалыы туппут сутуругунан муос хабарҕаҕа астахха, биитэр хара быарга саайдахха киһи барахсан биир тыла суох, тута барааччы.
    Күннүк Уурастыырап
  • Буулдьа чэчэгэйин тэһэ көппүт. Сержант биир тыла суох барбыт.
    ХС

Биир тылы бул (тылга киир) көр биир

  • [Пашка:] Төрөппүт кыыспын кытта биир тылы булар инибит.
    Болот Боотур

Көмүс тыллар көр көмүс II

  • Көмүс тыл кынаттаах ырыалар Көҥүл сир дуолунан көттүлэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уонна сырдык үрүйэлэр киһи аймах дьолун Ырыа гынан туойбуттар, сүүрүк көмүс тылынан.
    С. Данилов

Кыһыл тыл көр кыһыл

  • Кыһыл тыл байҕалы оломнуур (өс хоһ.). Кыһыл тыл диэн туох суолталаах буолуой? Дьиҥинэн, дьыала буоллаҕа.
    Далан
  • Аҥаардас кыһыл тылы итэҕэйэр эмиэ сатам мат.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • [Дьарыпылаан:] Бүгүҥҥү үлэ көрдөрдө, хайдах сорох оҕолор кыһыл тылларынан бэртэрин, оттон хара үлэҕэ буоллаҕына кэппиэйкэҕэ остуойута суохтарын.
    С. Ефремов

Кыһыл тылыгар олордор (түһэрэр) көр кыһыл

  • Хотун кинилэри кыһыл тылыгар олордон көрүстэ.
  • "Тугу да сатаабаккын, кыайбаккын", – диэн [Кууһума ойоҕун] мэлдьи мөҕөн, кыһыл тылыгар олордоро.
    Н. Түгүнүүрэп

Кыһыл тылынан кынаттанар көр кыһыл

  • Кини кыһыл тылынан кынаттанар үгэстээх.
  • Кыраттан да кыыһыран, Кыһыл тылынан Кынаттанан кыырар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиҥэр, тугу оҥордохторой, дьон санаатын эрэ булкуйаары, кыһыл тылларынан кынаттанар буоллахтара дии.
    Н. Якутскай

Кыһыл тылынан кыырар көр кыыр

  • Кэнники диэкинэн олус кыһыл тылынан кыыран, көҥүл баран эрэбит.
    Далан
  • Биһиги, математиктар, туох да диэбит иһин, кыһыл тылбытынан кыырбакка, теорема курдук дакаастаан, ханна да барар-кэлэр сирэ суох оҥорор буоллахпыт дии.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (2)
  • Кини бэйэтэ кыһыл тылларынан кыырар дьоннору абааһы көрөр. НВ Б
    К. Тэҥн
  • кыһыл тылынан кынаттанар.

Тыл ааҕыс көр ааҕыс

Өссө холобурдар (1)
  • "Тыл аахсаары гынаҕыт дуо?" – Ростов быһаарыыта суохтук, уларыйбыт куолаһынан ордоотуу түһээт, Карпы саҕатыттан харбаан ылла.
    Л. Толстой

Тыла (саҥата) бөлүөһүннэ

сатаан чуолкайдык саҥарбат буолла (хол.

  • , тоҥон, долгуйан, итирэн) Уол, ыксаан, тыла бөлүөһүннэ.
  • [Тээллэриис] умнубатаҕа да буоллар, этэр кыаҕа суох, тыла бөлүөстэн хаалла.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • – Ээ, ама оннук үһүө! – Салыкынаев, сылаас тордоххо киирэн, кэнникинэн тыла бөлүөстэ быһыытыйда.
    С. Никифоров

Тыла булдьуйда көр тыла (саҥата) бөлүөһүннэ

  • Тима, суостаах, адьырҕа кыыл арҕаҕар аан бастаан киирэн сүрэхтэнэр киһилии, сүрэҕэ ойон тахсыахтыы мөхтө, уҥуоҕа хамсаата, тыла булдьуйда.
    Н. Апросимов

Тыла кыһыйар

мээнэ, солуута суох саҥарар буолбут.

соотв. язык чешется у кого-л.

  • Эйигин күлүккүн да быһа хаампыт айыыта суох ини, тылыҥ оччо кыһыйдар – оһоххор аал.
    М. Доҕордуурап
  • Чиэппэрдээх, үнүр үнүргэттэн олус даҕаны тылыҥ кыһыйан эрэр.
    И. Никифоров

Тыла өҕүллүбэт

үөрүйэҕэ суох буолан сатаан саҥарбат, саҥарарыгар олуона (хол., атын омук тылын дорҕооннорун).

Не может выговорить (напр., звуки чужого языка).

  • Мин тылым өҕүллүбэт, олурҕа араспаанньалаах киһи.
    Д. Очинскай

Тыла сөлүннэ (өһүлүннэ)

саҥата-иҥэтэ элбээтэ, элбэх саҥаланна.

соотв. язык развязался у кого-л.

  • Сотору-сотору "амсайар" үгэстээх, ол эрээри итирэ сылдьара көстүбэт, хата, холуочугар – көрө-нара ордук көбөр, тыла сөллөр.
    Н. Габышев

Тыла суох барда

сонно тута өллө.

Умереть, погибнуть мгновенно (букв. ушёл без слов).

  • Уол хаппыт буорга тиийэн моонньун тэлгэнэ түспүтэ, тыла суох барбыта.
    Далан
  • Кини бу сырыыга үчүгэйдэттэ: үс моонньоҕон тыла суох барда, биир сатыылаан өрө даллаахтыы түстэ.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (2)
  • Биир сааһырбыт саллаат тыла суох барда. НТГ СУо
    С. Тэҥн
  • тута барда.

Тыла суох ыыт

1) сытыы тылынан биитэр дьоһуннаахтык этэн кими эмэ сатаан мөккүспэт, утарбат оҥор.

Заставить замолчать кого-л. (острым словом, сильным аргументом).

  • Мунньахха убайым барыларын тыла суох ыытта; 2) кими, тугу эмэ өлөр (тыына сонно быстарын курдук). Убить мгновенно кого-л. Аҕам тайаҕы тыла суох ыытта.

Тыла тарпыт

ыйытар үрдүнэн саҥарбат буолбут (хол., куттанан).

соотв. язык отнялся у кого-л. (напр., от испуга –букв. язык стянулся).

  • [Холлой Мэхээлэ:] Нохоо! Ийэҥ ханна барда диибин дии, тылыҥ тарпыт дуу?
    Амма Аччыгыйа

Тыла тахсыбат (тахсан быстыбат)

тугу эмэ этиэн туттунар, саарыыр, куттанар.

Не решается сказать что-л., слова не идут с языка у кого-л.

  • "Кэллэҕинэ инньэ диэм" диэн иһигэр хаста да саанан баран, эмээхсинигэр тыла тахсан быстыбатаҕа.
    Н. Заболоцкай
  • Кыыдаан ыйытыан саныыр, ол эрээри тыла тахсыбат.
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
  • Кыыспын саҥарыахпын, биир үксүн аһынар буоламмын, тылым тахсыбат. Ойуку.

Тыла уҥуохтана илик

өссө да үчүгэйдик сатаан саҥарбат (тылланан эрэр оҕону этэргэ).

Он ещё плохо говорит (о ребёнке).

  • Оҕобут тыла өссө да уҥуохтана илик.

Тыла уһуктаммыт көр уһуктан

  • Маарыйа кыһыйан-абаран тыла уһуктаммыт.

Тыла халыҥ көр халыҥ

  • Өһүргэнимэ, доҕор, ити киһи тыла төрүкү халыҥ.

Тыл быраҕыс

одоҥ-додоҥ быстахтык кэпсэт.

Переброситься несколькими словами.

  • Хам-түм биир-икки тылы бырахсабыт эрэ.
    И. Гоголев
  • Батальон хамандыыра сэрии уота сэллээбит кэмигэр түүн окуопалары кэрийэн, саллааттарын кытары аҕыйах тылы бырахсан, кэпсэтэн, санааларын көтөҕөн ааһар үгэстээҕэ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Официант, күлэн ырдьаҥныы-ырдьаҥныы, илиитин сиэбигэр уктан туран, бөкчөгөр иһит сууйааччыны кытары мэнээк туруохтааҕар тыл бырахсар.
    Л. Толстой

Тылбытын аҥаардаһыах

ханнык эмэ мөккүөрдээх боппуруоска икки өттүттэн төннүһэн, сөбүлэһиэх, биир сүбэни булуох.

Идти на компромисс, соглашаться на взаимные уступки.

  • Чэ, эн биһи, хата, тылбытын аҥаардаһыах.
  • Чэ, чэ, тылбытын аҥаардаһыаҕыҥ: ол ынаххытын, баҕар ылымыым даҕаны.
    ХС

Тылга иҥнэр (түбэһэр)

1) дьон дьүүлүгэр, сиигэ-хоһууга киирэн биэрэр.

Давать повод к обсуждению, пересудам.

  • [Дьэргэ] ордук көстө-биллэ оҥордоҕуна тылга иҥнииһи. Болот Боотур; 2) тугу эмэ сыыһаны саҥаран эппиэтинэскэ тардыллар. Быть привлечённым к ответственности за свои слова. "Куттуоҥ суоҕа", – диэммин тылга иҥнэ сыһан турабын.
    Амма Аччыгыйа

Кылыылаан, тылга иҥиннэрэн баран

көскө, хаатырга да үлэтигэр ыыттарарыгар көҥүллээх.

  • Тэҥн. тылгыттан ыйан.

Тылгар киллэр көр киллэр

Эн аччыгый сурдьугун сылгылааҥҥын, тылгар киллэрэн ыыттаххына, оччоҕо буруйгуттан быыһыахпыт. Ньургун Боотур. Баайдар -- уһун түүнү быһа дьону кэрийэ сылдьаннар, хоп тылларыгар киллэрэ сатыыллар. Эрилик Эристиин. Сотору ийэбин тылбар киллэрэн, куоракка көһөрөн киллэриэм. П. Чуукаар. Тылгар олорт кэпс. – ким эмэ санаатын бэйэҕэр охтороору бэрт буола сатаан сирэй көрбөхтүк саҥар.

Льстить кому-л.; пытаться расположить к себе кого-л. льстивыми словами (букв. посадить на языках).

  • Хабырыыс оҕонньору тылыгар олордон ылла.

Тылгар тур

эппит тылгын толор.

соотв. держать слово.

  • [Өрүүскэ – Тимэппийгэ:] Эн тылгар туруо суох быһыылааххын.
    Күндэ
  • Хабыыча үлэлиир биригээдэтэ, от үлэтин оройуоҥҥа бастакынан түмүктээн, биэрбит бигэ тылыгар турда.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (4)
  • Туохха барытыгар тылыгар турар дьону кытта үлэлиэххэ наада.
    И. Федосеев
  • Тылга тиис сөбүлээб. – саҥарыах иннинэ саҥар, этиэх иннинэ эт, мээнэ, бас-баттах тыллас. Быть слишком словоохотливым, заниматься пустой болтовнёй. Хайаларын да иннинэ миигин кытта дорооболоспут кыра түөрэҥэлээбит, тылга тииспит киһи, аҕыйах сыллааҕыта оскуолаттан холкуоска тылланан барбыт.
    Далан
  • [Петя] кыратык испитэ төбөтүгэр тахсан, араас тылга тииһэр.
    М. Доҕордуурап
  • Эһиги итиннэ, Озеровтыын олорон эрэҥҥит, ааһа тылга тииһэр буоллугут.
    В. Яковлев

Тылгынан оонньоо көр оонньоо

  • [Казаков:] Киирик, эн биһикки тылбытынан оонньоомуох.
    С. Ефремов
  • "Кырдьык, кырдьык, тылбынан оонньообот оҕонньорбун", – Оготоев оҕуһун дөрөтүн илгиэлээтэ.
    Д. Очинскай
Өссө холобурдар (1)
  • Онно бэйэ-бэйэни күүтүһэн чааһы чааһынан тылынан оонньоон тахсабыт. ЧКС ОИиСТ.

Тылгын биэр

тугу эмэ оҥоруох, толоруох буолан эрэннэр.

Давать обещание, слово.

  • Бастаан истэн-билэн, үчүгэйдик толкуйдаан баран, онтон тылбын биэриэм буоллаҕа дии.
    Болот Боотур
  • Тылгын биэрдиҥ да, эр киһи буоллаххына ону толоруоххун наада.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ийэ дойду көмүскэлигэр туох баар күүспүтүн ууруохпут диэн эһиэхэ, барааччыларга, тылбытын биэрэбит.
    В. Протодьяконов

Тылгын кыана тутун (кыатан)

ону-маны мээнэ кэпсии сылдьыма, ордугу-хоһу саҥарыма.

соотв. держать язык за зубами.

  • "Бу хаһан тылгын арыый кыана туттар бэйэҥ буолла", – диэтэ Оллооноп, киһитин диэки сэмэлиир быһыынан көрбөхтүү-көрбөхтүү. Софр. Данилов. Эмээхсин, бука диэн тылгын кыана тутун.
    С. Ефремов
  • Бэйи-бэйи, Балбаара, тылгын кыатан!
    В. Яковлев

Тылгын (уоскун) минньит көр минньит

  • Кураанах баҕа санаанан Уоһу минньиппэт этибит.
    Баал Хабырыыс
  • Ити кини, сымнаҕастык эттэххэ, тылын минньитэр. Эрчимэн. "Мин эрэннэрбэтэҕим ээ. Эн этиҥ дии сайын холуочук олорон, төрүү илик оҕону биһиктээбиккэ дылы, эрдэттэн тылгын минньиппит", – диэн сирэйигэр малтаччы этээри гынан иһэн, арыычча туттунна.
    А. Кривошапкин

Тылгын тыалга (сиргэ-буорга, сыыска) бырах

туолбаты, мээнэни саҥар.

соотв. бросать слова на ветер.

  • Кырдьаҕас Айдар чулуу булчут буоларын, тылын тыалга бырахпатын оҕолор бары билэллэр. Уот ч. Слепнёв хаһан да тылын тыалга бырахпат этэ уонна Хоту сири үчүгэйдик билэрэ. "Кыым".

Тыл көтөх көр көтөх

  • Тулуйа сатаан баран, тулуйбакка, мин анаан-минээн тыл көтөҕөбүн.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ким даҕаны мунаарар тылы көтөхпөтөҕө.
    М. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Бииргэ үөскээбит доҕотторуттан хайалара эрэ кэргэн таҕыс диэн тыл көтөҕүөхтээҕэ.
    И. Егоров

Тыл кыбыт көр кыбыт

  • Көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйарыныы Максим эмиэ тыл кыбыппыта.
    Н. Лугинов
  • "Ээйиис, бэтэринээрбит куораттыыра чугаһаабытын таайтара сатыыр дуу", – диэн Зоя отонун итигэстиирин быыһыгар тыл кыбытта.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • "Хор, кини мин кыһалҕабын билэ-көрө сылдьан тыл кыбыттаҕа үһү!" – диэн испэр кыынньа санаатым.
    ХС

Тыл кырааската

истэргэ кэрэ, ол гынан баран туолбат тыллар; туолбат баҕа санаа.

Красивые, но пустые слова; несбыточное желание.

  • Сырдык тыыммын быһымаҥ, үрүҥ тыыммын өрүһүйүҥ, хара тыыммын харыстааҥ диэн сахалар этиилэрэ тыл эрэ кырааската буолбатах. А-ИНА БТ.

Тыл кырааскатыгар көр кырааска

[Кутурук Куонаан] тыл кырааскатыгар этэн кэбиспитин кэмсинэ олордо. Айталын. Тылла быктар кэпс. – туох эмэ туһунан аҕыйах тылынан ахтан аһар.

Замкнуться о чем-л.

  • Ким даҕаны тоҕо эрэ Тырахтарыыс Миитэрэйдээххэ буолбут айдаан туһунан тыл быктарбатаҕа.
    Далан
  • Биир эмэ тыл быктарбыт киһини ытан кэбиһэллэр.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (4)
  • [Быраастар] ыксаллаах быһыы-майгы буолбутун туһунан ыарыһахтарга тыл да аҥаарын быктарбатахтара.
    ХС
  • Тэҥн. тылла бырах. Тылла бырах кэпс. – кылгастык санааҕын эт, саҥар. Закидывать словечко (в общий разговор), обронить слово. "Бүтүн нэһилиэк үлэлиэ буоллаҕа дии", – хаҥас диэкиттэн ким эрэ тыл быраҕар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Түөкүн оннук мөккүөрдэргэ бастаан утаа кыттыбакка саҥата суох олороро, онтон наһаа итийэн-кутуйан барыылара -- аҕыйах тылы быраҕара. Софр. Данилов. Күнү быһа кэриэтэ саҥата суох олорбут Галина Семёновна тыл быраҕан мөккүөр ордук күөдьүйэн биэрбитэ.
    В. Гаврильева
  • Тэҥн. тылла быктар. Тылла кэбис түөлбэ. – кими эмэ көмүскэһэн, өйөөн тылла эт. Замолвить слово за кого-л. Баһылай, мунньахха тылла кэбиһээр эрэ.

Тылла тиэрт

илдьит буол, илдьиттээ.

Передавать чьё-л. сообщение кому-л. устно.

  • Ону бу оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ этэн, тылларын тиэрдэн, бу аан ийэ дойдуга, -- бу уоллаах кыыһы үүһэттэн түһэриҥ. Ньургун Боотур.

Тылла ыыт (тарҕат)

ким эмэ туһунан соруйан холуннаран куһаҕан кэпсээни тарҕат.

Распространять порочащие кого-л. слухи, клевету о ком-л.

  • "Норуот өстөөҕө буола сылдьыбыт киһиттэн тугу баҕарар көһүтүөххэ сөп", – диэн [Бүттүүйэп] сэһэргиир, тыл ыыта сатыыр сурахтааҕа.
    М. Ефимов
  • Аны Маня туһунан куһаҕан тылы тарҕатыаҥ да, миигин кытта кэпсэтиэҥ.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Эн саҥаһыҥ миигин: "Дьону кытта тутуһар, ол иһин кэргэннэммэккэ кыыһынан кырыйда", – диэн тыл тарҕаппыт сурахтааҕа.
    Г. Колесов
  • Муся куоракка барбытын кэннэ ким эрэ "Букатын киирбит. Тахсыбат үһү" диэн тыл ыыппыт.
    ХС

Тыл оонньуута

хомоҕой, сытыы тыл-өс.

Остроумное выражение, каламбур, игра слов.

  • Кинини [чабырҕаҕы] ис хоһооно суох, аҥаардас тыл эрэ оонньуутун курдук өйдүүр букатын сыыһа.
    Саха фольк
  • Каламбурнай рифма -- тыллары холбооттоон, тыл оонньуутунан оҥоһуллубут рифма.
    ВГМ НСПТ

Тыл-өс буол

1) туох эмэ буолбутун туһунан дьоҥҥо тыллаа.

Сообщать кому-л., уведомлять кого-л. о чём-л.

  • Эн бу дьыалаҕа тыл-өс буол.
  • Оноҕочоон Чоохоон көтөн түһэр да, удаҕаны симиирдээх кымыска төбөтүнэн таҥнары уган кэбиһэр уонна таһырдьа ыстанан тахсан, дьоҥҥо тыл-өс буола сылдьар. Саха ост. II; 2) кими эмэ өйүүргүн, биһирииргин биллэр, эт. Говорить слово в поддержку кого-л. Моочо чаччыына суруксут аттыгар кэлэн, суругу хайдах суруйарын мыҥаан олорон, ким тугу саҥарбытын хайгыы, онно тыл-өс буола олордо.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Атыттар бары эмиэ тула туран тыл-өс буоллулар.
    У. Нуолур
  • Хата, бу бэйэҕинэн сырыттаҕыҥ, тыл-өс буол. "ХС"; 3) сурахта ыыт, кэпсээн оҥор. Распространять слухи, молву. Өскө эҥин-дьүһүн да буолан хааллахтарына, тыл-өс буолуо суохтаах.
    ХС

Тыл тылга киирсибэтилэр

кимниин эмэ биир санааҕа кэлбэтилэр, сатаан өйдөспөтүлэр.

соотв. не находить общего языка.

  • Таайым биһикки эмиэ тыл тылбытыгар киирсибэтибит, иккиэн саҥата суох бардыбыт.
    Далан
  • Ол курдук [мунньах дьоно] өрө-таҥнары эрдэн, тыл тылларыгар киирсибэккэ адаарыһан олордохторуна, Якутскайтан борохуот тиийэн кэлбитэ.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Доҕордуулар бастаан тыл тылларыгар киирсибэтилэр.
    А. Бэрияк

Тыл хонор

ким эмэ туһунан куһаҕан кэпсээн, хоп-сип тарҕанан баран уурайбат.

соотв. стать притчей во языцех.

  • Миэхэ бэрт үгүс киһи тыла хоммутун, өстөммүтүн билэбин.
    Далан
  • Олоҕо суохха тыл хоммотоҕо буолуо.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Дьон тыла барыта эйиэхэ хонор.
    А. Сыромятникова
  • Тэҥн. аат хоммут, киһи (дьон) тыла хонор. Тылынан быластанар кэпс. – мээнэ, бас-баттах саҥарар, тыллаһар. Говорить безответственно; давать волю языку. Баайдар тылларынан алыс быластаналларын тохтотолоон иһиэхпит биһиги!
    Амма Аччыгыйа

Тылынан кынаттанар

кыһыл тылынан кынаттанар диэн курдук (көр кыһыл).

  • Кураанах тылынан кынаттанан, кумааҕыны марайдаан, аар-саарга ааты ыларга, хайҕана охсорго тууһугурбут графоман дьон суруйаллара үгүстэр.
    ХС

Тылын баһа

өрүү туттар тыла.

Любимое, постоянно употребляемое слово, выражение.

  • [Иван Алексеев] тылын баһа бүтүннүү аан дойду литературата, ускуустубата, киһи аймах култуурата, ону үөрэтии уонна баһылааһын буолан хаалбыт киһи.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тылларын баһа "быраат да быраат" диэн буолбута.
    Н. Босиков

Тылын быһа гыммакка көр быһа I

  • [Байбал:] Чэ, оттон эһиги тылгытын быһа гыныам дуо, буоллун даҕаны.
    А. Софронов
  • Кэлиэм суоҕа этэ да, ийэм тылын быһа гыммакка кэллим.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Ол да буоллар, хаһан да тылын быһа гымматах киһилэрин көрдөһүүтүн ылынан, -- Эдьиэйэни пиэрмэҕэ ыыппыттара.
    Н. Борисов

Тылын быһа ыстыыр

тугу эрэ этэн баран сыыһа саҥарбытын өйдөөн эмискэ тохтуу түһэр.

соотв. прикусить язык.

  • Уолчаан, сыыһа саҥарбытын өйдөөн, тылын быһа ыстыы түстэ.

Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ

ким эмэ эппит тылын тосхолуттан сэрэйдэххэ.

Судя по его словам.

  • Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, эмиэ да атын санаалаах – куорат олбуордаах атыыһыта буолар баҕалаах эбит.
    Болот Боотур
  • Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, кини Кылбановскайы хаалларар санаалааҕа биллибитэ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, сэрии буолан эрэр диэн, аттарын ханна эрэ күрэппит быһыылаах.
    ХС

Тылын төбөтүгэр олордон ылла көр олорт

  • Кинини, ааны атыллаатын кытта, Фёдор Еремеевич тылын төбөтүгэр олордон ылла.
    Н. Босиков
  • "Сэбирдэхтэнэҥҥин, бу туох ааттаах буолан өрө көрдүҥ?" – Маайа обургу Ньукуукканы тылын төбөтүгэр олордон ылбыта.
    Н. Босиков

Тылын ылын

ким эмэ көрдөһүүтүн ылын, толорорго сөбүлэс.

Согласиться с кем-л., удовлетворить чью-л. просьбу.

  • Тоҕус уоннаах оҕонньор, Уолун тылын ылынна, Саҥа дьиэтин хоһугар Таһаҕаһын таһынна. Эллэй. Александр мунньахха тылын үксүн ылыннарда.
    М. Доҕордуурап
  • Кыһамньылаах, кэлигэс-барыгас, тылын ылыннарар, толоругас дьахтары оройуон киинигэр бөһүөлэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талан, киниэхэ үрдүк итэҕэли сүктэрбиттэрэ. "Кыым".

Тыл ыһыгын

кыайан туттуммакка, тулуйбакка, тугу эмэ саҥаран, этэн кэбис.

Сказать что-л. ненароком, непроизвольно (букв. выронить слово).

  • "Син элбэхтик өлбүт буолуо эбиккин", – ким эрэ тыл ыһыгынна.
    М. Доҕордуурап
  • Улаханнык да тыыннахха дэлби ыстаныах айылаах буолбут чуумпуттан тулуйумуна Маайа тыл ыһыктыбыта.
    Н. Босиков

Тылыттан матта көр мат

  • Кыыһы көрөн баран, кини, элбэх саҥалаах, суус тыллаах бэйэтэ, тылыттан матан, саҥата суох турбахтаата. Софр. Данилов. Контузияланыыбар тылбыттан матан баран, маҥнай саҥарарбар кэлэҕэйдиир этим.
    Т. Сметанин
  • Ыалдьыт дьахтар мааныта бэрдиттэн хаһаайка мэктиэтигэр тылыттан матта.
    В. Титов

Тылыттан тахсыма

тугу этэрин хоту сырыт, онтон туораама.

Повиноваться кому-л., слушаться кого-л., поступать так, как он говорит.

  • [Сэмэн:] Тээтэ мин тылбыттан тахсыа суоҕа.
    А. Софронов
  • Суох, аҕам миэхэ үчүгэйи эрэ баҕарар, мин кини тылыттан тахсыам суоҕа.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Ол кэмҥэ кини мин тылбыттан тахсыбат этэ.
    И. Баишев

Тылыттан (уоһуттан) түһэрбэт

өрүү ону кэпсиир, ол туһунан саҥарар.

соотв. не сходить с языка.

  • Ийэм ону тылыттан түһэр бэт.

Тылыттан тылыгар

биир да тылы көтүппэккэ, хайдах баарынан (эт, кэпсээ).

Слово в слово (говорить, рассказывать). Семён Романович былаанын тылыттан тылыгар сурум мат. Н. Лугинов.

  • Оҕонньор кэпсэлин тылыттан тылыгар түһэрэн ылбытым. Багдарыын Сүлбэ.

Уопсай тылы бул

бэйэ-бэйэни өйдөс, тапсан сыһыаннас.

соотв. находить общий язык.

  • Кини биһикки аан маҥнайгыттан хайдах эрэ уопсай тылы булбатахпыт. Софр. Данилов. [Управляющай – Артамоновка:] Урут да уопсай тылы булан баччааҥҥа тиийэн кэлбит дьоммут.
    В. Титов
  • Биһиги баҕас кинини кытта уопсай тылы булуо этибит.
    ПН ДЫ

Халлаан тыла (тойуга)

оруна суох, хойгур, мээнэ тыл; солуута суох кэпсээн.

Вздор, чепуха, глупости; ерунда на постном масле (букв. небесное слово, песня).

  • Халлаан тылын тыллаһыма. Тэҥн. хой баһа тыл, хойгур тыл.

Хой баһа тыл

1) туохха да сыһыана, олоҕо суох тыл, саҥа.

Слово или речь, которое вовсе не относится к делу; 2) солуута суох, мээнэ тыл. Чушь, вздор, ахинея (букв. слово, как голова барана).

  • Ис номохторо кыайан биллибэт түгэх былыргы олохтон ситимнээхтэр эмиэ бааллар, холобура: "хой баһа тыл", "үтүөттэн үтүгэн буора төрүүр", – атын да манныктар баар буолуохтарын сөп [өс хоһоонноро].
    Саха фольк
  • Тэҥн. халлаан тыла (тойуга), хойгур тыл.

Хойгур тыл

мээнэ, солуута суох тыл.

Пустое слово.

  • Кирдээх быһыыгын хойгур тылгынан, үгүс үҥсүүгүнэн тоҕо сабына сатыыгын? – диэн кытаанахтык ыйыттахха, кини [Дьэргиэйэп] баҕас ньахчас гына түһүө этэ буоллаҕа дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Суолтатыгар эрэ этиллэр кураанах хойгур тыллары балтыгар ыһыктыан баҕарбатаҕа.
    Далан
Өссө холобурдар (4)
  • Кини оччону-баччаны оҥоруохпут диэн хойгур тыл, кураанаҕы, туолбаты эрэннэрии диэҕэ.
    ХС
  • Тэҥн. халлаан тыла (тойуга), хой баһа тыл. бурут тыл көр бурут II. Лэбириэнтэй лөчүөк -- тугу да оҥорорун оонньуулаахха холуйбат киһи этэ, -- дьону ыыс-бурут тылынан үөҕэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Сүөһүлэрин кырбыырын, ыыс-бурут тылларынан быраҕаттанарын оннугар таптаан, имэрийэн ааһар буолла.
    А. Фёдоров
  • Оҕо сааһыттан арай өйүн-төйүн булларбат гына ыыс-бурут тылынан үөҕүллэрин итиэннэ ыарахан сутуруктан сирэйэ-хараҕа бүттэтэ суох буола дыгдаччы иһэн тахсарын эрэ өйдөөн хаалбыт.
    С. Курилов

Элэ-была тыл

туох баар истиҥ-иһирэх тылларынан кимтэн эмэ тугу эмэ көрдөһөр тыл.

Исполненные искренности, идущие от души слова, просьба.

  • Уолчааным сыыһа, эмиийин үүтүнэн эмсэхтээбит ийэҥ муҥнаах элэ-была тылын истиий даа! Софр. Данилов.

Элэ-была тыла баранна көр баран I

  • Киһим ийэлээх аҕата ситэри үөрэн диэн уолларыттан ааттаһан элэ-была тыллара бараммыт этэ. Софр. Данилов. Кэргэнэ эрэйдээх тулуйа сатаан, элэ-была тыла баранан, арахсыбыт.
    М. Попов
  • Аны муоста хаптаһынын, үрүт былаахытын инньэ от ыйыттан быһа ыытар ааттаахтар этэ да, элэ-была тыл баранан атырдьах ыйын бүтүүтэ ыыппыттара.
    ХС

Эппит тыл биир

санаабыт санаа, эппит тыл уларыйбат, бүтэһикээх, бигэ диэн этии.

Слово (моё) едино, неизменно (букв. сказанное слово одно).

  • Эппит тыл биир, оҥоруом диэтим да оҥоруом.

Эппит тылгар тойон буол

эппит тылгын толор.

Быть хозяином своего слова. Тоойуом, эппит тылгар тойон буол.

  • Тэҥн. тылгар тур

15 этии #

Нууччалыы Разговорная речь

Этиилэр

Киирии тыл көр киирии

  • Нууччаттан киирии тыл.
  • Киирии тыл олоҕун бүтэһик сүһүөҕэр у, ю, ё эбэтэр охсуулаах о баар буоллаҕына, сыһыарыы аһаҕас дорҕооно у, а буолар.
    ПНЕ СТ

Көмө тыл көр көмө

  • Аҥаардас грамматическай эрэ суолталаах тыллары көмө тыллар дэнэр. АПС СТЛ. Кэпсиирэ көмө тыла суох аат тылынан эбэтэр ааттар ситимнэринэн бэриллиитигэр туһаан уонна кэпсиирэ икки ардыгар тириэ турар. ЧМА СТСАКҮө. Дьөһүөллэр (послелоги) эбэтэр оскуола үөрэҕин кинигэтигэр аат эбиискэлэрэ диэн ааттанааччы көмө тыллар былыргы түүрдэр тылларыгар эмиэ туттуллар эбиттэр.
    АНК БТТ

Кыбытык тыл көр кыбытык

  • Кыбытык тыллары булан устуҥ.
  • Саҥарааччы этэр санаатыгар сыһыанын көрдөрөр тыллары эбэтэр тыллар ситимнэрин кыбытык тыллар дэнэр. ЧМА СТСАКҮө. Кэпсэтии тыла төхт. көрүҥ. – нуорманан хааччахтаммат, дьон-сэргэ күннээҕини кэпсэтэригэр туттар тыла Бу тыл маннык суолтата кэпсэтии тылыгар баар.
Өссө холобурдар (1)
  • Саха бүттүүн тылларын иһинэн араарыахха сөп сурук тылын лексикатын уонна кэпсэтии тылын лексикатын.
    АПС СТЛ

Кэриэс тыл көр кэриэс 1

Өссө холобурдар (1)
  • Мин ревкомовец доҕорум, Кэриэс тылгын толоруум: Туойан көрүүм эн тускунан Уран тылым баарынан. Эллэй.

Кэс тыл көр кэс

Кэһиллибэт кэс тыл (өс ном.). Оҕонньорбут барахсан, Кэннигэр кэбиһэр Кэс тылыҥ ханнаный? С. Зверев. Эмээхсин эрэйдээх Экэллэн олорон, Уолугар кэскиллээх Кэс тылын кэпсээбит. А. Бэрияк. Литературнай тыл төхт. көрүҥ. – норуот бүттүүн тылын чочуллубут, суругунан бигэргэтиллэн нуормаламмыт көрүҥэ.

Обработанная форма общенародного языка, обладающая письменно закреплёнными нормами, литературный язык.

  • Литературнай тыл нуормаларын үөрэтии.
  • Литературнай тыл уопсастыба наадыйыытын хааччыйар, тыл маастардара чочуйан, тупсаран үөскэппит тыллара буолар. ЧМА СТСАКҮө. Национальнай тыл төхт. көрүҥ. – норуот бүттүүнүн тыла. Язык какой-л. нации, национальный язык.

Биһиги национальнай тылбыт

саха тыла.

  • Национальнай тыл өрөспүүбүлүкэ иһигэр норуот олоххо-дьаһахха, үөрэххэ, тэрилтэлэргэ туттар, бэйэтин ураты көрүҥнээх кэрэ култууратын, ускуустубатын сайыннарар тыла буолар. АНК СБТЛ. Диалектологическай тылдьыттарга национальнай тыл олохтоох говордарын ураты уонна ураты суолталаах тылларын түмэн көрдөрүллэр.
    АПС СЛ

Ох тыл көр ох

  • [Сэрбээ:] Биһиэхэ ох тыл элбэх. ХКК.

Ох тыллар

киэҥник тарҕанан, өс хоһооннорун курдук туттуллар буолбут литературнай айымньылартан эбэтэр биллэр источниктартан төрүттээх этиилэр. АПС СТЛ. Поэма -- бэргэн ох тылларынан, өһүн хоһооннорунан, афоризмнарынан суруллубут. "ХС". Публицистика тыла төхт. көрүҥ. – уопсастыба, бэлиитикэ боппуруостарын сырдатар литература тыла.

Язык публицистики.

  • Хаһыат тыла публицистика тылыгар киирсэр.
  • Хаһыат, сурунаал, араас идэҕэ суруллубут кинигэлэр, публицистика, уус-уран литература тыла барыта картотекаҕа түһэриллэр. АНК СБТЛ. Сомоҕо тыллар -- кэпсэтии, уус-уран литература, публицистика тылларыгар киэҥник туттуллаллар. СТЫМ. Саҥа тыл төхт. көрүҥ. – ханнык эмэ өйдөбүлү бэлиэтиир саҥа тыл биитэр тыл ситимэ, саҥа суолталаммыт эргэ тыл. Новое слово или выражение, а также новое значение старого слова, неологизм. Саха тылыгар кэлин саҥа тыл син балайда үөскээтэ.
Өссө холобурдар (1)
  • Биирдиилээн ааптар үөскэтэн туттар тылларын быстах саҥа тыллар (индивидуальные неологизмы) дэнэр.
    АПС СТЛ

Ситим тыл көр ситим

  • Саха тылыгар көмө тылларга киирэллэр көмө туохтуурдар, эбиискэлэр, дьөһүөллэр, ситим тыллар. АПС СТЛ. Холбуу этиигэ киирэр судургу этиилэр ситим тыл уонна интонация көмөтүнэн холбоһоллор. ПНЕ СТ. Биир уустаах чилиэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ситим тыл көмөтүнэн эмиэ холбоһоллор. ЧМА СТСАКҮө.

Сомоҕо тыл (домох) көр сомоҕо

  • Сомоҕо тыллар биир өйдөбүлү бэлиэтииллэр.
  • Сомоҕо тыллары кытта сэргэ -- өс хоһоонноро, тыл номохторо, ох тыллар туттуллаллар.
    АПС СТЛ

Сыыс тыл көр сыыс

  • Учууталбыт сыыс тылы хаһан да туттубат.
  • Сыыс тыла суох сааһылаан, лоп-бааччы саҥарар.
    А. Фёдоров

Тыла суох

кыайан саҥарбат, саҥарар кыаҕа суох (киһи).

Лишённый способности говорить, немой.

  • Тыла суох киһи кэлэн кэпсэтэр үһү (тааб.: сурук). Эн тыла суох Сотто кумалаан булумньуттан төрөппүт уола буолбаккын дуо?
    Эрилик Эристиин
  • Төрүөҕүттэн кулгааҕынан истибэтэх оҕо тыла суох буолар. ПНЕ СТ. Тыл баайа төхт. көрүҥ. – хайа эмэ норуот тылыгар баар тыл барыта. Словарный состав языка, лексика. Лексикология тыл баайын үөрэтэр.
Өссө холобурдар (1)
  • Тыл баайын лексика диэн ааттанар. ЧМА СТСАКҮө.

Тыл-өс

1) тыл 4 диэн курдук. Бу дьүһүннээх оччугуй бэйэтэ тыла-өһө тоҕо да баламатай? Ньургун Боотур. Кини күндү-мааны остуолунааҕар аламаҕай майгыта, өйдөөх тыла-өһө ордук астыннарар. И. Гоголев. Киһи быһыыта-майгыта, дьоҥҥо сыһыана, өйө-санаата тылыттан-өһүттэн кэбэҕэстик биллэр. ЧМА СТСАКҮө; 2) тыл 5 диэн курдук. Харытыан Бадаайап -- ууга түһэн өлбүтүн туһунан тыл-өс сири аннынан Тоҕой Сэлэ улууһун тилийэ сүүрбүт. Л. Попов. Ол диэки туох сонун, тыл-өс баар эбит? Эрилик Эристиин. Сол күн бэрэссэдээтэллээх суруксут охсуспуттар үһү диэн -- тыл-өс тарҕана түспүтэ. Күндэ; 3) айымньы истиил, уус-уран өттүнэн бары уратылара.

Совокупность стилистических, художественно-изобразительных особенностей произведения.

  • Остуоруйа тас киэбэ, тыла-өһө хаһан да судургу чаабыйа лабаҥхата суох буолар.
    Саха фольк
  • "Күкүр Ууска" уонна "Ньургун Боотур" либреттотыгар мин кини олоҥхотун тылын-өһүн үгүһү туттубутум.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Арамаан тыла-өһө уопсайынан норуот айымньыларын кытта биир кииннээх, төрүттээх.
    Н. Тобуруокап

Тыл үөрэҕэ

тылы үөрэтэр наука.

Наука о языке, языкознание.

  • Тыл үөрэҕэ тылы үөрэтэр. Тыл үөрэҕин салаалара: фонетика, грамматика (морфология, синтаксис), лексикология (семасиология, фразеология, лексикография), стилистика.

Уус тыл

1) тупсаҕайдык саҥарар дьоҕур, тыл этэр талаан.

Дар речи, красноречие, ораторский талант. Уус тылгынан ууллара сатыыргын билэбин. М.

  • Доҕордуурап. [Лөөҥсөөр Лөөҥсөөрөбүс] Уу тэстибэт гына этэр, Уус тыллаах уол дэтэр.
    С. Тимофеев
  • Нуучча кыргыттара уус тыллаах киһини сөбүлээччилэр. И. Тургенев (тылб.); 2) кэрэтик хоһуйан этэр тыл. Художественное слово. Олуһуон, хоһоону суруйан, Утаҕы ханнаран толорор, Уус тылы оһуордуу субуйан, Уһун түүн чуумпуран олорор.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Уус тыл охтооҕор сытыы, көмүөллээҕэр күүстээх, уоттааҕар суостаах.
    И. Данилов

Харыс тыл көр харыс

Тугу эмэ сирэйинэн ааттыыры, этэри тумнар -- тыллары харыс тыллар (эвфемизмы) дэнэр. АПС СТЛ. Холбуу тыл төхт. көрүҥ. – биир суолтаны, биир өйдөбүлү бэлиэтиир икки эбэтэр хас да тыл.

Сложное слово.

  • Икки эбэтэр хас да тыл, холбуу суолталанан, биир өйдөбүлү бэлиэтиир буола ситимнэспитэ холбуу тыл дэнэр. АПС СТЛ. Холбуу тыллары өлүүскэлэргэ араартаан устуҥ.
    ПНЕ СТ

«Т» буукуба