Перевод с якутского
былас
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы перемешиваться, жить вперемешку
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Булкуһан олор, сырыт
Нууччалыы Перемешиваться, жить вперемешку (о совместной жизни людей из разных местностей)
Биир түөрт саастаах уол оҕо бэс кытах иһигэр киирэн сабынан саспыт, онон ордон хаалан билигин ол оҕо аатынан Бэс нэһилиэгэ диэн халыҥ киэҥ өрүскэ Суотту, Нам, Хоро, Саһылыкаан нэһилиэктэринэн былаһан олорор. Саха фольк Үс кыралара аҕаларын, эһэлэрин ураһаларыгар киирэ-тахса былаһа сылдьаллара. “ Чолбон
2 аат тыл #
Уста кээмэйэ: туора уунуллубут илиилэр тарбахтарын төбөтүттэн нөҥүө тарбахтар төбөлөрүгэр диэри
Нууччалыы Маховая сажень, размах (мера длины, равная расстоянию между кончиками пальцев, разведенных в стороны рук)
Тоҥус бултуур сиригэр былас кэриҥэ дириҥ иини хаһар. Бу иин тулатын хатырыгынан торутар, түгэҕэр эмиэ хатырыгы тэлгэтэр. Бултаабыт балыгын, иһин, уҥуоҕун киэр ылан баран, бу ииҥҥэ симэр. УАЯ А. Үчүгэй Өлүөнэ барахсан билигин да былас халыҥнаах кыдьымахтаах мууһун аннынан сүүрдэн кылыгырайа сыттаҕа.
Н. ЛугиновТоҕус былас да буолбатар - Тохтор долгун суһуохтаахтар. Туйаарыма куо да буолбатар Туналҕаннаах ньуурдаахтар С. Данилов
3 аат тыл #
Ким-туох эмэ (хол., олоҥхо бухатыыра, үүнэн турар мас) эргимтэтэ, куустарыыта
Нууччалыы Обхват (напр., дерева, героев олонхо)
Икки былас суоннаах мас. Уол улаатан тиийэн кэллэ: үрдүгэ үрдүк тиити төргүү мутугунан, намыһах тиити кылаан чыпчаалынан холобурдаах, биэс былас биэкэйэр бииллээх. Саха фольк Үстээхэй быластаах Үөрбэйэр өттүктээх, Биэстээхэй быластаах Биэкэйэр бииллэрдээх
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Тыыннааҕым былаһыгар. Кыс былаһыгар. Айаным былаһын тухары. Ходуһа былаһын тухары үрүҥ уонна күөх өҥнөр кыттыһан туспа, бу эрэ дойдуга баар хартыынаны айаллар Н. Заболоцкай
4 аат тыл #
ситим т. суолт. Туох эмэ (хол., сир) саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, туох эмэ дьайыы буолар кэмин устатыгар
Нууччалыы В течение, в продолжение; до тех пор, пока...; за все время, что
5 этии #
Нууччалыы Рассвирепеть, прийти в ярость
Иһигэр былас муостаах киирбит - улаханнык уордайбыт, олус күүскэ кыыһырбыт Таһырдьа сылдьыбыт киһи, “Оҕонньор иһигэр былас муостаах киирбитин” истэн, сэмэйдик туттан киирэр. Амма Аччыгыйа Ити киһибит иһигэр туох былас муостааҕа киирдэҕэй? Софр. Данилов. Аҕам кыыһырда да, ийэм: “Эмиэ былас муостаах кыыла киирбит”, диэччи уонна аҕабыттан куттанааччы. ХС Тылгын былас таһаар (түһэр) - олус илистэн, ыран-сылайан, эбэтэр олус соһуйан, куттанан тылгын улаханнык (салыбырыар диэри) быктар. Θ Сильно высунуть язык (от сильной усталости, удивления, испуга и т. п.). [Үөннээх Өлөөскө] Сарсыарда ойон тураҥҥын Аттаргын көрө тахсан бараҥҥын Айаххын атан Тылгын былас түһэрэн Киирэн кэлээр. Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
Уолаттар эргиллэ түспүттэрэ - буур тайах айаҕын аллаччы аппыт, тылын былас таһаарбыт, сүүрэн маҕыйан иһэрэ. И. Федосеев Табата таныытын көппөҥнөтөр, тылын былас таһаарбатах, ол аата илистибэтэх, ырбатах. Эбээн фольк
6 этии #
Нууччалыы Мера измерения стога сена у древних якутов (обычно употр. в сочет. с числ. 10,8 и т. д.)
Былас от эргэр. - былыргы сахалар кэбиһиилээх оту мээрэйдиир кээмэйдэрэ. От былаһа ортотунан түөрт арсыыҥҥа, а. э. 284 см тэҥнэһэрэ. От үрдүгэ олоҕор сөп түбэһиэхтээҕэ, онон оту сытыары эргимтэтин эрэ кээмэйдииллэрэ. 10 былас от ортотунан 35-40 тиэйиигэ, эбэтэр - билиҥҥинэн ыллахха 9-10 тоннаҕа, 9 былас от - 25-30 тиэйии, 18 былас - 15-20 тиэйии, 7 былас - 12-15 тиэйиигэ, 6 былас от - 8-10 тиэйиигэ тэҥнэһэрэ (үксүгэр уон, аҕыс о. д. а. ахс. ааттары кытта тут-лар) Здесь былас (сажень) равнялся в среднем четырем аршинам, т. е. 284 см. Считалось, что высота стога должна соответствовать основанию и поэтому стог измеряли только в горизонтальном обхвате. Стог сена в 10 саженей в обхват равнялся 35-40 возам, или по современному измерению 9-10 тоннам, 9 саженей - 25-30 возам, 8 саженей - 15-20 возам, 7 саженей - 12-15 возам; 6 саженей - 8-10 возам. [Ньукуус:] Онтоон оҕонньор Уоһук Куһаҕан маарыттан сэттэ былас от кэлииһи диэн эрэрэ дии.
КүндэАдаар хара тыа Алын кырыытыттан Аламай күн Алта былас от түгэҕин саҕа буолан Аҥаарыйа ойон тахсар. Саха фольк “Хас сыарҕа буолуой?” Лаҥкыы оҕонньор турулуччу көрөн таһаарда да, ах баран хаалла, тугу да булан эппэтэ, уонча былас окко төһө иҥэн сытарын кини кыайан холообот, билбэт эбит. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
Дубук былас - былаһы арыый кыайбат, быластан арыый кыра. Θ Чуть меньше маховой сажени. Алта былас ордуга дубук былас буолла. Кэбиһэ былас - быластан арыый ордуктаах. Θ Маховая сажень с гаком, чуть больше маховой сажени. Алта кэбиһэ былас дараҕаркаан сарыннаах эбит. ПЭК СЯЯ. Нуучча былаһа - үс арсыын (2, 134 м). Θ Три аршина (2,134 м). Нуучча былаһа үрдүктээх сэргэ турар эбит. Тэҥн. саһаан Уунар былас - хаҥас атах тумсуттан өрө ууммут уҥа илии тарбахтарын төбөтүгэр диэри. Θ Косая сажень. Сэттэ уонча уунар былас усталаах ураһа иирчигэнэ түгэҕин булбатах күөлэ. Күннүк Уурастыырап