Перевод с якутского
кырылаа
туохтуур
Нууччалыы стоять ровными рядами. [Кыһыл буойуттар] атахтара бары тэҥҥэ үктээн синньигэстик кэккэлэччи кырылаан кэбистилэр
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Биир тэҥник кэккэлээн тур, көһүн
Нууччалыы Стоять ровными рядами. [Кыһыл буойуттар] атахтара бары тэҥҥэ үктээн синньигэстик кэккэлэччи кырылаан кэбистилэр
Таатта үрэх куула хайалара улуу куйаары кытта ыпсыыласпыттыы, биир тэҥҥэ кырылаан көстөллөр. М. Доҕордуурап Көр эрэ, дьиэлэрбитин - Кырылаан аххан тураллар. С. Дадаскинов Остуолларга аһыыр иһиттэр кырылаабыттар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Көҕөммүт уйата эмиэ сиргэ баар эбит, уонча сымыыт кырылаан сытар. "Чолбон". Кэрэ оҥоһуулаах улахан ыскаапка дьиэлээх киһи суруйбут кинигэлэрэ уон араас тылынан тахсыбыттара кырылаан тураллар ХС
2 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Чуораан тыаһа кырылаата, Чуордук-сытыытык чугдаарда. С. Васильев Төлөпүөн өрө кырылаата. С. Никифоров Остуолга турар төлөпүөн кырылыы тыаһаан Ньукулай Ньукулаайабыһы тохтотон кэбистэ Чолбон
3 туохтуур #
Биир тэҥник уһун соҕустук тыаһаа (хол., төлөпүөн, чуораан)
Нууччалыы Издавать ровный, продолжительный звон (напр., о телефоне, колокольчике)
4 туохтуур #
Кырылас тыаһы таһаар (хол., убаҕаһы, бытархайы кутарга)
Нууччалыы Производить непрерывный звонкий шум, подобный звуку переливаемой из сосуда в сосуд жидкости или волн, рассекаемых, напр., корпусом лодки; звонко журчать
Кыынньа буспут ымдааммыт кытыйаҕа кырылаата. С. Васильев Кырылыыр, ыллыыр балкыыр. Таллан Бүрэ. Уу урсуна эрилийэр, дьиримниир, тымныы уу тыы ойоҕоһугар кырылыыр С. Тумат
5 туохтуур #
Өстүөкүлэ үлтүрүйэрин курдук тыаһы таһаар
Нууччалыы Издавать звук, подобный звуку бьющегося стекла
Алҕаска илиитин таһынан остуолга турар ыстакаанын муостаҕа тоҕу хаһыйбыта үлтүрүйэн кырылыы түстэ. А. Федоров Түннүктэр таастара кырылаатылар И. Сосин
6 этии #
Көхсүн хаана кырылыы түстэ - улаханнык кыыһырда, уордайда Бухатыыр киһи кыыһырыыта сүрдээх эбит. Улуу үрэх сүүрүгүн курдук көхсүн хаана кырылыы түстэ. ПЭК ОНЛЯ I. Өсөһөн, күрэс былдьаһан, быа тардыһар киһиҥ мин дуо? - диэн көхсүн хаана кырылыы түстэ. Ф. Постников
Нууччалыы Разгневаться, разъяриться, рассвирепеть