Перевод с якутского
кырылаччы
Нууччалыы ровными рядами
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Туллукчаана кинигэ кырылаччы анньыллыбыт долбуурдарын анныларыгар дьоҕус остуол таһыгар турара. В. Протодьяконов Бокуойа суох кэмбиэри алдьатан, кыра лоскуй кумааҕыга бытархай, чуолкай буочарынан кырылаччы суруллубут кылгас суругу өрүһүспүттүү, биир тыынынан ааҕан кэбиспитэ. Тумарча. Саҥа миэбэл ыламмын дьиэбэр киллэрэн кырылаччы анньан кэбистим. В. Титов [Туут балыгы] быһаҕынан кырылаччы кыһан, тэриэлкэҕэ өрөһөлүү уурдулар И. Гоголев
2 #
Биир тэҥник, кэккэлэччи
Нууччалыы Ровными рядами
3 #
Кырылас тыастаахтык
Нууччалыы С шипением, шорохом; с журчанием
Кытыт сылгы кымыһа кырылаччы кутуллар. С. Данилов Наар сэлиэһинэйинэн кырылаччы куттубут М. Доҕордуурап
4 #
Букатын кыккыраччы, олох
Нууччалыы Совсем, полностью, напрочь
Куоракка оннук кэпсээн баар буолан баран, бэйэлэрэ кырылаччы кистииллэр үһү. Болот Боотур [Доҕордуулар] дьиэ-дьиэлэригэр сылдьыспат, биир тылы айах атан кэпсэппэт буола кырылаччы өстүһэн хаалбыттара Дьүөгэ Ааныстыырап