ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

булкулун

туохтуур

Нууччалыы перемешиваться, волноваться (напр

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

булкуй диэнтэн атын. туһ. Кэннибинэн Кэхтиэм кэриэтин Сүнньүм үүттэниэ, Сүрэҕим булкуллуо. П. Ойуунускай

2 туохтуур #

Өрө-таҥнары ытылын, долгуй (хол., убаҕаһы, күөл, өрүс уутун этэргэ); айманан атыттары кытта хардары-таары түһүс, хардары-таары бутулун

Нууччалыы Перемешиваться, волноваться (напр., о жидкости и водоеме); смешиваться, перемешиваться друг с другом

  • Байҕал уута бааллыран дьалкыйда, Муора уута булкуллан будулуйда.
    Саха фольк
  • Муҥутуур тииттэр Мунду балык Үтэһэтин курдук Булкуллан бардылар, Күтүр тииттэр Күөнэх үтэһэтин курдук Күөгэлдьийэн бардылар. Нор. ырыаһ. Оҕолорун оҕолоро Уҥа диэки итиннэ Оонньоон булкулла сылдьаллар
    С. Васильев
  • Атыттар быыстарыгар киирэн, туспа көстүбэт буол. Θ Смешиваться с другими. [Ойуунускай] бэйэтэ онтон кыбыстарга дылы гынар, биһиги ортобутугар булкуллан, харахха быраҕыллыбаттык туттан сылдьа сатыыр.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Киһитэ суох биир ат гусардар ортолоругар булкулунна. Л. Толстой (тылб.)

3 туохтуур #

Туохха эмэ биһилин, умньан, төкүнүй

Нууччалыы Пачкаться чем-л., валяться в чем-л

  • Бадарааҥҥа булкуллар да, баһаарга сыаналаах баар үһү (тааб.: сибиинньэ). Ыаллыылар оҕолорун: “Сыыска-буорга булкуллан сырыттыннар. Улааттахтарына бэйэлэрэ сыыстарын-буордарын тэбэнэн дьон буолуохтара” - диэн үгэһинэн иитэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Аркаша:] Тоҕо итинник үтүөкэн бэйэлээх кыысчаан манна биһиги хотоммутугар булкулла сылдьара буолуой?
    С. Ефремов

4 туохтуур #

Мээнэ уларытыыттан-тэлэритииттэн сөптөөх сүрүҥҥүн, сааскын сүтэр, бутулун

Нууччалыы В результате разных изменений терять свой определенный порядок или основной смысл; становиться путаным, запутываться

  • Силлиэ-халарык ытылыннын, Земпредел таҥнары булкулуннун!
    С. Васильев

5 туохтуур #

Тугу эмэ сатаан өйдөөбөккө, быһаарбакка мунаар, бутулун

Нууччалыы Сбиваться с толку в чем-л., в понимании чего-л. или быть в сомнении в принятии какого-л. решения

  • Менделеевпыт таблицатыгар тиийдэхпитинэ букатын булкуллан хаалабыт.
    С. Федотов
  • Саараан турда, хайа да диэки барыан булбакка булкулунна.
    М. Доҕордуурап
  • Баанньа иһигэр ити курдук аймана, булкулла олорорун кылааска ким да үөмтэлээбэтэх.
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (3)
  • Тутуу салалтата туох да быһаарыылаах дьаһалы ылыаҕын булбакка, булкулла, ыгылыйа олорбут
    В. Яковлев
  • Түөһэйэн эбэтэр өйгүнэн ыалдьан, тугу да дьиҥнээхтик таба өйдөөбөт буол. Θ Быть не в состоянии воспринимать окружающее адекватно, будучи в старческом слабоумии или в состоянии помешанного. “Ээ, улаханнык булкуллубут сордоох”, - диэтэ Миитэрэй оҕонньор. Аҕабыыт өйүнэн булкуллубутун бары билбиттэрэ
    Эрилик Эристиин
  • Түөһэйбит эбэтэр өйүнэн ыалдьыбыт киһи курдук тыллас, быһыылан. Θ Рассуждать, поступать как выживший из ума, как помешанный. Киил оҕонньор букатын булкуллубут муҥнаах. Кырдьаҕас киһиттэн түктэри майгылаах, наһаа кырыктаах, аны үгэтэ-хоһооно, эҕэтэ суох сүгүн кэпсээбэт
    Н. Лугинов

«Б» буукуба