ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраадыс

аат тыл

Нууччалыы градус

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Туох эмэ итиитин-тымныытын кэмниир өлүүскэ, холо олуга

Нууччалыы Градус (единица измерения температуры)

  • Оҕо кыраадыһа үрдээн, пульса кутталлаахтык тэбэр буолан иһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кыраадыһым үрдүүрэ тохтоон, Миигин тимир кырабааппар Сордоох ыарыы хам тоһоҕолоон Сытыарбытын өрө бурҕайан, Туруом... айманымаҥ, доҕоттоор!
    П. Тулааһынап
  • Баара-суоҕа икки хонук иһигэр халлаан отут кыраадыс тымныйа оҕуста
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ыарыһах этин итиитин (температуратын) кэмниир тэрил, кыраадыһыннык. Θ Градусник, термометр. Ыарыһаҕы тоҥсуйан, иһиллээн Туолкатын булбакка, Кыраадыс туруоран Кылатан көрбөккө -- Табылын билбэккэ тарҕатан кэбиспит
    В. Чиряев

2 аат тыл #

Арыгы испиирэ төһөтүн бырыһыанынан кээмэйэ; арыгы төһө хатанын кээмэйэ

Нууччалыы Содержание спирта в вине, единица измерения крепости вина, градус

3 аат тыл #

Эргимтэ дугатын муннуктарын кээмэйэ; эргимтэ 360 гыммыт биирэ

Нууччалыы Градус (дуг и углов) окружности

  • Туруйалар айаннаатахтарына сүүс уон кыраадыстаах муннук тахсар гына кэккэлээн көтөллөрүн учуонайдар бэлиэтии көрбүттэрэ. БК БК. Тула өттүгүн көрө ис, төбөҥ 360 кыраадыс эргичиҥнии иһиэхтээх. КИ АДББ. АХШ-ка биирдэ холорук паровоһу өрө ытыйан таһааран, салгыҥҥа 180 кыраадыс эргиппитэ уонна атын суолга илдьэн түһэрбитэ
    ДьДьДь

4 аат тыл #

Географическай хаартаҕа сир усталааһынын уонна кэтирээһинин ыйар мээрэй

Нууччалыы Мера измерения долготы и широты на географических картах, градус

  • Хаарта сыысхалын глобус кыраадыстаах сиэккэтин кытта тэҥнээн быһаарыахха сөп. САИ ССРС ФГ

5 этии #

Этиилэр

Муҥ кыраадыһынан көр муҥ

  • Балтараа көс сири муҥ кыраадыһынан ойутан тиийэммин, ампаарбын тэлэйэ баттаатым.
    Амма Аччыгыйа
  • "Оппутун, күргэбитин, быһыппытын уот сиэн эрэр", - дии санаат, атын муҥ кыраадыһынан үрүйэни таҥнары ууннаран киирдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Кэннибин хайыһан көрбүтүм, доҕорум муҥ кыраадыһынан эккирэтэн иһэр. "ХС"

6 этии #

Кыраадыс сиэккэтэ - хаартаҕа сир шарын усталааһынын уонна кэтирээһинин ыйар мээрэйдээх сиэккэ

Нууччалыы Сетка градусов долготы и широты на географических картах

«К» буукуба