ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муҥ

аат тыл, тыл

Нууччалыы предел; граница

English limit, boundary, (by extension) the fullest extent of something

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы предел; граница

English limit, boundary, (by extension) the fullest extent of something

  • муҥ саатар
    хотя бы на крайний случайat least, as a last resort
I

2 аат тыл #

Улахан эрэйи, сору көрүү, эрэйдэнии; санаа оонньооһуна, дууһа эрэйдэниитэ

Нууччалыы Сильное физическое или душевное страдание; мука

  • Герасим аҕабыыт барытын эргитэ санаатаҕына, урукку иирэн ыалдьар муҥа эргийиэх курдуга.
    Эрилик Эристиин
  • Лаврентий Николаевич буоллаҕына хараҕын симэн, ыарыы муҥун аралдьыта сатаан, наар ахтылҕан хаата, өй-санаа харсыһар түһүлгэтэ буолан сытар.
    Н. Габышев
  • Тэриэнтэйдээх Балааҕыйа өрүү ыар муҥҥа сылдьыбыт эрэйдээхтэр
    Л. Попов

3 этии #

Нууччалыы Горемыка о горемике лучшего мнения, чем о себе

Этиилэр

Муҥу көр - туохтан эмэ олус эрэйдэн, эрэйи көр

Страдать, мучиться.

  • Захаровна ыйы мэлдьи тииһэ ыалдьан, муҥ бөҕөнү көрбүт эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу курдук дьүдьэйэн, аһыыры-таҥнары булбакка, муҥу көрө сылдьыахтааҕар, биһиэхэ оҕо буолуҥ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Муҥу муннунан тыыран - олоххо олус элбэх эрэйдэри көрсөн, кыһалҕаны билэн. Претерпев жизненные невзгоды, пережив много горя. Куһаҕаны түүнэр киһи муҥу муннунан тыырар.
    Н. Абыйчанин
  • Муҥ хааны кэт (көр) - тугу эмэни гынан улаханнык эрэйдэн, эрэйи көр. Страдать, мучиться, терзаться (пытаясь осуществить что-л.). Били оҕонньор, ону-маны үүттээтэҕэ буолан, муҥ хааны кэтэр. ГНС СТСД
    Т. Ср
  • др. -тюрк. мыҥ ‘страдание, забота’, муҥ ‘потребность, нужда, забота; тягота; страдание, горе’, буҥ ‘печаль, скорбь, страдание’, тат. моҥ, уйг. муҥ ‘печаль, грусть, уныние’
II

4 аат тыл #

Туох эмэ муҥутуур кэриҥэ; ким-туох эмэ туох баар кыаҕа, күүһэ (үксүн тард., тут. түһүккэ тут-лар)

Нууччалыы Предел чего-л.; крайняя степень чего-л. (в основном в ф. орудн. п. притяж. склонения). [Эрдэлиир] төбөтүн лыкытта, уоһун ньимиччи тутунна, хараҕын муҥунан көрдө

  • "Тохто-оҥ! Миигин өйдөөн истиҥ!" - диэн, истэ сатаан баран, бириистэн начаалынньыга күөмэйин муҥунан хаһыытаата.
    Н. Якутскай
  • Киэһэ күөс муҥунан куобахтарын этин буһаран сиэтилэр
    ХС

5 этии #

Нууччалыы Во всю прыть, что есть мочи

  • Муҥ кыраайынан (кыраадыһынан) - төһө кыах баарынан, туох баар күүһүнэн Гоша ойон туран, муҥ кыраайынан хаҥас көстөр иирэлэр диэки тэбиммитэ.
    Далан
  • Аҕам илин диэкиттэн муҥ кыраайынан көтүтэн кэлэн, тэһиинин күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахта.
    Н. Лугинов
  • Кини табаларын үүрэр маһынан тырыта кэйэн, муҥ кыраадыстарынан сүүрдэн иһэн, бу күннэргэ туох-туох буолбутун өйдүү сатыы испитэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. тыына быстарынан. Ср. монг. муҥ ‘богатый, изобильный’
III

6 аат тыл #

, эргэр. Биир мөһөөх

Нууччалыы Сто рублей

  • Иэс хаалбыта өссө аҕыс-тоҕус муҥ.
    ХС
  • Ср. др. -тюрк. миҥ, биҥ, тюрк. меҥ, минг, мыҥ, муҥ ‘тысяча’
IV

7 #

ыан т., кэпс. Этиллэр санаа муҥутаан, түбэлтэ да курдук буолуон сөп диэн санааһыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает допущения крайней, хоть случайной возможности действия (употр. в условном периоде)

  • Муҥ, ол туһунан билэр да буоллаххына, олох кэпсээмэ. Муҥ, уон да киһи эбии таҕыстаҕына, мунньуу бүгүн син биир бүппэт.
  • Муҥ, кэлбитин көрдөххүнэ, миэхэ манна биллэрээр
    ПЭК СЯЯ
  • уур сэрэйэр киэбин кытта туттулуннаҕына, хайааһын буолуон сөбүн сабаҕалааһыны көрдөрөр дэгэттэнэр. Θ Употребляясь с глаголами возможного наклонения, имеет оттенок предположения о возможности действия. Ити өтөҕү көрүөх эрэ, аппыт, муҥ, манна турара буолаарай.
Өссө холобурдар (1)
  • Оскуолаҕа барыаҕыҥ эрэ, муҥ дириэктэри көрсөөйөбүт
    ХС

«М» буукуба