ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мун-тэн

туохтуур

Нууччалыы блуждать, сбиваться с пути

1 туохтуур #

Баран иһэр суолгун сүтэрэн эрэйдэн, туора-маары айаннаа (киһи мунуо да суоҕар)

Нууччалыы Блуждать, сбиваться с пути

  • Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла.
    Амма Аччыгыйа
  • Доҕор хараҕа мунан-тэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы.
    Л. Попов
  • Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунар-тэнэр диэни билбэт
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Туохха эмэ ыарырҕатан, хайдах быһаарыныаххын булума

Нууччалыы Теряться, приходить в замешательство; блуждать

  • Муна-тэнэ, абалана турдахпына Эрдэлиирим бу тиийэн кэллэ эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Хас суруйааччы литератураҕа тус-туһунаннык киирэр. Сорох уу ньуулдьаҕай суруйуулартан саҕалаан, бэрт өр эрэйдэнэн, мунан-тэнэн баран, сыыйа анал суолун булунар. Софр. Данилов. Ити курдук мунан-тэнэн, балачча өр саҥата суох буугунаһан бүк түһэн олордулар
    П. Филиппов

«М» буукуба