Перевод с якутского
мунчаарыы
аат
мунчаар диэнтэн хай. аата. Кыраныыссаны ким эрэ туораата диэн миигин уһугуннарыаххыттан ыла, мин улахан мунчаарыыга сырыттым. Н. Якутскай [Глафира] кэнники кэмҥэ мунчаарыынан туолуйбут сугун харахтара арыый сырдаабыт курдук буолбуттар. Л. Попов [Ваня:] Субу олорон, мин эйиэхэ санаам мунчаарыытын, эн тускунан тугу саныырбын кэпсиэхпин баҕарабын. С. Ефремов