ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэскэйдээ

туохтуур

Нууччалыы блуждать, бродить в поисках чего-л., обходить

1 туохтуур #

Тугу эмэ көрдөөн элбэхтик төттөрү-таары хаамп, кэрий (үксүгэр мунан-тэнэн)

Нууччалыы Блуждать, бродить в поисках чего-л., обходить

  • Балачча өрө-таҥнары мэскэйдээбиттэрин кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс, иннилэригэр киэҥ сыһыы нэлэс гына түстэ.
    П. Филиппов
  • Гаврил Петрович иэгэйэр икки атахтаах үктэммэтэх сис тыаларынан, маардарынан, ыҥыыр аттаах, суос-сатыы даҕаны төһөлөөх сири мэскэйдээбитэ буолуой
    Эрчимэн

2 туохтуур #

Тугу эмэ элбэхтик салгымтыалаахтык хатылаа, бис

Нууччалыы Без конца повторять одно и то же; заладить, тянуть одну и ту же песню

  • Максим үөрэҕэ олус салгымтыалааҕа, туох да сонуна суоҕа, барыта кини урут аахпыт, истибит суолларын мэскэйдээн тахсаллара.
    П. Филиппов
  • Огдоос оҕо диэни төрөппөтөх бу ыалга биири, биири эрэ мэскэйдээн тахсара - оҕо туһунан
    С. Федотов

«М» буукуба