ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ситим

аат тыл

Нууччалыы тонкая длинная волосяная или пеньковая верёвка

English string

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Синньигэс уһун ситии эбэтэр бирээдьинэ

Нууччалыы Тонкая длинная волосяная или пеньковая верёвка

  • Ситим курдук синньигэс суолу батыһан барбыппыт.
    Н. Якутскай
  • Кэбис, түксү, эрийимэҥ, Кирдээх ситиминэн кэлгийимэҥ!
    С. Васильев
  • [Дьирээ] ситим хатар, хотоҕос оҥорор, таастыган баайар
    ХС

2 аат тыл #

Саха мифологиятыгар тугу баҕарар бэйэтигэр сыһыары тардан сөрөөн кэбиһэр аптаах илим

Нууччалыы В якутской мифологии: волшебная паутина, притягивающая в свои сети и опутывающая всё, что угодно

  • Айыы Дьураҕастай бухатыыр ап-чарай ситимигэр хам сыстан, сөрөнүллэн баран сыккырыыр тыына эрэ ордон көбүөхтүү сытар
    Суорун Омоллоон

3 аат тыл #

Ким-туох эмэ киһини (дьону) тугунан эмэ хапчайан төлөрүйбэт хабалаҕа тутуута эбэтэр өйүн-санаатын муннаран тууйуута

Нууччалыы Полное закабаление или подчинение себе, своим помыслам кого-л

  • Хараҥа холкуостаахтары кулаак ситимэр сөрөөбүтүҥ курдук, миигин сөрүөҥ суоҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Манна кэлбит киһи Табаарыстыба ситимнээх ситимигэр иҥнэр. Онон киһи босхолонор кыаҕа суох
    Н. Якутскай

4 аат тыл #

Туох эмэ туохтан эмэ тутуллар тутулуга, силбээһинэ, холбонуута

Нууччалыы Связка, соединяющая что-л. с чем-л

  • Сиртэн ситимэ суох, Халлаантан тардылыга суох, Абыраллаах аһылыктаах Аан ийэ дойду Бу курдук Айыллыбыт эбит.
    Саха фольк
  • Маннык сарсыардаҕа аан дойду эйигин кытта көстүбэт дьикти ситимнэринэн холбоспукка дылы буолар.
    А. Фёдоров
  • Өр эрчиллэн кини [артыыс] сарын хаптаҕайын уонна онуоха имигэс ситимнэринэн сыһыарыллыбыт илии саннын уҥуоҕун балачча ыраахха дылы -- халбарыйалларын ситиспит
    ДьДьДь
Өссө холобурдар (6)
  • Икки киһи, дьон ыккардыларыгар тугунан эмэ төрүөттэнэн олоҕурар хардарыта сыһыан, тутулук. Θ Взаимоотношение, взаимосвязь между людьми. Маайа кэргэннэнэн да баран, кини дьонун кытары ситимин быспатаҕа.
    М. Ефимов
  • Норуоппун кытта биир эт-хаан Быстыспат ситим миэхэ баар.
    И. Федосеев
  • Киһи уопсастыбата суох, атын дьону кытта ситимэ суох тыыннаах буолбат
    ДИМ
  • Туох эмэ ис хоһоонунан бэйэ-бэйэтиттэн тахсар курдук утума эбэтэр салҕанан иһиитэ. Θ Цепь, вереница множества чего-л., являющихся взаимосвязанными, продолжением друг друга. Хоноһолоро киирэн кэпсэтиилэрин ситимэ быстан хаалла.
    Болот Боотур
  • Сыыйа салҕанан, сэлэһиибит ситимэ быстыбатаҕа.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Саша санааттан санаа ситимэр сиэттэрэн дьиэлээтэ
    М. Доҕордуурап

5 аат тыл #

Туох эмэ ыраах-ыраах баары холботолуур оҥоһук эбэтэр тутуу

Нууччалыы Сооружение, соединяющее расположенные в отдалении друг от друга что-л

  • Суол кытыытынан барар төлөпүөн сибээһин ситимнэрин бысталаатыбыт.
    Т. Сметанин
  • Элэктэриичэстибэ уонна ититэр ситим тэрилтэтигэр сантехнигынан үлэҕэ ылбыттара
    Кыым

6 аат тыл #

Биир уопсай сыаллаах-соруктаах эбэтэр биир тэриллиилээх тэрилтэлэр холбоһуктара

Нууччалыы Система организаций, однородных по своим задачам, или учреждений, организационно объединённых в одно целое

  • Бибилэтиэкэлэр ситимнэрэ. Оҕо тэрилтэлэрин киэҥ ситимнэрэ.
  • Оскуолалар, үөрэх тэрилтэлэрин киэҥ ситимэ сайынна. "Кыым". Биир уопсай технологическай ситиминэн үлэлиир оробуочайдарга барыларыгар үрдүк оҥорумтуолаах үлэ усулуобуйатын тэрийэргэ биһиги хас биирдиибит кыһаллыахтаах.
    ПА

7 этии #

Ситимин быспакка - тохтоон хаалбакка эрэ, биир күдьүстүк Киһи өйө ситимин быспакка сайдыах тустаах. А. Сыромятникова. Уруогу ситимин быспакка ааҕыахха наада. "ББ". Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарын уонна Москваны кытта авиациянан ситимин быспакка сибээстэһэр. "Ленин с. ".

Нууччалыы Беспрерывно, безостановочно

Этиилэр

Ооҕуй ситимэ көр ооҕуй

Ооҕуй ситимнэрэ тииттэн тииккэ тардыллыбыт көмүс антыанналыы биэтэҥнэһэллэр. Далан. Ситим тыл тыл үөр. - тыллары эбэтэр этиилэри ситимнииргэ туттуллар көмө тыл.

Союз, связка (служебное слово).

  • Саха тылыгар көмө тылларга киирэллэр көмө туохтуурдар, эбиискэлэр, дьөһүөллэр, ситим тыллар. АПС СТЛ. Биир уустаах чилиэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ситим тыл көмөтүнэн эмиэ холбоһоллор. ЧМА СТ. Холбуу этиигэ киирэр судургу этиилэр ситим тыл уонна интонация көмөтүнэн холбоһоллор. ПНЕ С
    Т. Ср
  • бур. шэжэм ‘бечёвка’, тув. сыдым ‘аркан’

«С» буукуба