ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куйуур

аат тыл

Нууччалыы рыболовный сак

English fishing net, seine

1 аат тыл #

Саас ойбон алларан балыктыыр тэрил: кыл сиэккэ айаҕын мас иигэ (куойа) тиириллэр уонна укка олордуллар

Нууччалыы Рыболовный сак

  • Икки улахан тиитинэн наарбалаан, уһун түөрэй оҥостон, баҕадьы (муҥха) курдук куйуурунан саас күөлгэ -- ортотугар киирэн тэһэн, куйуурун уган булкуйар.
    Саха фольк
  • Сэбирдэх Уйбаан эмиэ, сарсын уола оскуолатыттан өрүүр күнүгэр илдьэ бараары, куйуурун абырахтана олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Балыктыыр дьон муҥхалары, илимнэри, куйуурдары, туулары, ардьалары, дүлүҥ уонна туос тыылары оҥостоллор
    БИГ ӨҮөС

2 аат тыл #

Куйуурунан балыктааһын

Нууччалыы Ловля рыбы саком

  • Куйуурга ойбону Ааныска алларан кудьурҕатара, эр киһи [Дьөгүөссэ] араччы ситэн муус харбыыра үһү.
    Амма Аччыгыйа
  • Табаҕа күөлүгэр куйуурга күрэхтэһии тэрилиннэ. "Кыым". Ср. монг., бур. губшуур, гувчуур 'рыболовная сеть, невод'

3 этии #

Куйуур от - кыракый үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанааччы уу үүнээйитэ Көлүйэлэргэ уонна күөллэргэ уу үрдүгэр көҥүл уста сылдьар дьоҕус сибэккилээх үүнээйилэр бааллар. Ол кус аһылыга (ряска) уонна куйуур от (пузырчатка). КВА Б

Нууччалыы Пузырчатка (болотное растение)

«К» буукуба