ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муҥха

аат тыл

Нууччалыы большая рыболовная сеть, невод

English seine, dragnet

1 аат тыл #

Элбэх киһи тардан балыктыыр, илим курдук харахтаах, икки өттүнэн уһун кынаттаах, ортотугар балык мустар ийэлээх улахан балыктыыр тэрил

Нууччалыы Большая рыболовная сеть, невод

  • Муҥхаларын ийэтэ саҥардыы чардааттан сүтэрин кытта, туохтан да иҥнибитэ биллибэккэ икки бэчимэтэ иккиэн быстан хаалаллар. Саха сэһ. II. Муҥха хараҕа силиннэҕинэ, мунду да таба ылларбат.
    С. Васильев
  • Урустаан өйдөөн көрбүтэ муҥха ийэтин түгэҕэр быспыт дүлүҥ курдук тууччах балык ньөлбөллө сытар эбит.
    ПН
  • Ол тэрилинэн элбэх буолан балыктааһын. Θ Ловля рыбы неводом. Муҥхаҕа сылдьан, дьон үтүрүһүүтүгэр халты тэбинэн, чардаакка түспүтүм.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Арыылаах алаас күөлүгэр ааттаах улахан муҥха буолар буолбута.
    И. Федосеев
  • Күрэх муҥхата оҕо аймахха улахан бырааһынньык буолара
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Толпой, кучей (собраться, сгрудиться)

  • Муҥха соботун курдук кэпс. - бөлүөҕүнэн, элбэх буолан Биир сиргэ дьон бөҕөтө муҥха соботун курдук бөлүөхпүтүгэр тиийдилэр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи - оччолооҕу көрсүбүт, кыраҕа кыһаммат буолбут киһи. Θ Выдавший виды, бывалый человек. Бу бурдук сытыйыытыгар ким да эппиэттээбэт. Ыскылаат сэбиэдиссэйэ Крылов оччону көрөн баччаҕа кэлбит, муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи.
    В. Ойуурускай
  • Кутуйах кыыл Күтэргэ тиийэн, Куолутунан, халыта түһэн, Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи быһыытынан, Муннугар сыт аҕатан кэпсии олордо. В. Чиряев

3 этии #

Нууччалыы Зимняя подледная ловля рыбы неводом с участием большого количества людей

Этиилэр

Муҥха ийэтэ көр ийэ 1

Көрүөх түргэнэ субуйбахтаан муҥха ийэтин кумахха балачча таһааран, дьэ уоскуйдулар. "ХС". Муҥха өлүүтэ - муҥха хаһаайыныгар анаан бэриллэр туспа өлүү балык.

Доля рыбы, выделяемая отдельно хозяину невода.

  • Бэл муҥхаҕа муҥха өлүүтэ диэн туспа ууруллар муҥхалаах киһи муҥханы бэрийэрэ, таҥара, бэйи, элбэх түбүктээх үлэ. Кэпсээннэр. Ср. эвенк. мунгка ‘невод’

«М» буукуба