Перевод с якутского
баҕадьы
аат тыл
Нууччалыы невод
English fishing net, seine
муҥха диэн курдук. Улахан баҕайы кыһыҥҥы күөл баҕадьытын икки суксурҕа оҕуһунан тартаран аҕаллылар. Эрилик Эристиин Онно биэс баҕадьыга отут хоппо балык кэлэн, уһун киэһэни быһа тастыбыт. М. Доҕордуурап Арай биир күһүн, баҕадьы саҕана, Наахаралар чугастарынан баҕадьылаабыттар. “Чолбон”. Баҕадьы соботун кырыы кырыытынан туруору симэн кэбиспит курдук [оптуобус иһигэр] үгүс киһи. Софр. Данилов
Өссө холобурдар (2)
көр баҕайы. Ол анараа өттүн диэки аһара көрдөҕүнэ, сэттэ анньар иннэлээх, өрөҕөтүгэр аҕыс атахтаах абааһы дьүһүннээх баҕадьы түүрүллэн сытар үһү. Ньургун Боотур. Анараа баҕадьы үс мэндиэмэннээх таас дьиэ диэки бара турбута. Эрилик Эристиин Соруйан, киһи үөрүүлээх күнүн хараардарга, алдьатарга айыллыбыт баҕадьыгын ээ. Н. Неустроев