Перевод с якутского
илим
аат тыл
Нууччалыы рыболовная сеть
English fishing net, seine
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кылтан эбэтэр хоппуруонтан тэҥ харахтардаах гына баайыллыбыт балыктыыр тэрил
Нууччалыы Рыболовная сеть
Сотору төннүөхпүт дии санаан илиммин күөл арыытыгар куурда ыйаан таҕыстым. Амма Аччыгыйа Кумаар арыый хаптайбытын кэннэ илимнэрин бэрийдэ, иирсибиттэрин араарда. Софр. Данилов. Күөгүлүөх иннинэ биһиги көҥүһү туора тардыллыбыт илими көрөн, хас да дьарҕааны ылабыт Н. Заболоцкай
2 аат тыл #
Киһи кыайан төлөрүйбэт туга эмэ
Нууччалыы То, что всецело подчиняет себе, опутывает человека
Иҥсэлээх тойот илимэр иҥнэн Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй. И. Чаҕылҕан Баттал илимэр иҥнэммит, Иэскэ-күүскэ киирэрбит, Иҥиир тараһа буоларбыт. С. Васильев [Маша] уп-уһун суһуоҕу сыыйбахтыыр быыкайкаан илиилээх бэйэтэ тоҕо эрэ кинини кытта бииргэ бу муҥ илимэр иҥнэн, кини эмиэ өрө мөҕөр курдук А. Сыромятникова
3 этии #
Илимэр иҥин көр иҥин
4 этии #
Нууччалыы Вязальщик сетей
Этиилэр
Илим баайааччы
кылынан, хоппуруонунан баайан илим оҥорор киһи Биһиэхэ биир илим баайааччы наада. Илими уһуннарыы булт. – илими икки өттүттэн бэчимэтиттэн тутан сүүрүк хоту уһуннарыы.
Поддерживая сеть с двух сторон за бечеву, тянуть ее вдоль течения реки навстречу идущей против течения рыбе.
Балыктааһын биир көрүҥэ
илими уһуннарыы. Илим собото булт. – үс саастаах собо.
Карась по третьему году.
Бу
оҥкучах алаас этэ. Саҥардыыҥҥыта үрэх уутун куттаран күөл оҥорбуттара. Үс сыллааҕыта собо үөскэппиттэрэ, быйыл илим соботун ыларбыт буолуо. "Кыым". Тэҥн. илим тэрээгэ. Илим тэрээгэ булт. – орто собо.
Карась средней величины.
Кытыыга таһааран тылбыытын төлө тардарын кытта, сүүрбэччэ илим тэрээгэ уонна хас даҕаны биирдии харыстаах ыыс араҕас хатарыктаах соболор сиргэ иэннэринэн таһылыннылар. Болот Боотур Манна баара биһигини тахсыахтара диэн уурбут сааскы кустара, ыамыгар бултаммыт илим тэрээгэ, биһиги кэһиибит. Далан
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. илим собото.
Илим хараҕа
илимҥэ балык киирэн иҥнэр хайаҕаһа.
Ячея рыболовной сети.
Иилээх-саҕалаах Ийэ дойдум, Илим хараҕын тиирэ тарпыт курдук, Ирим-дьирим көһүннэ. Саха фольк Бу киэҥ толооннор күөгэҥнэс кута бадарааннарын илим хараҕын курдук хорон үчүгэй оту ыһар буоллар, атын уйгу-быйаҥ ходһалар тахсыа этилэр.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Илим хараҕын быыһынан тыкпыт күн уотугар икки саннылара, түөһэ көмүс өҥүнэн күлүмүрдүүллэриттэн көрдөххө улахан соҕус тойон быһыылаах. Т. Сметанин
Тэрээк илим
собоҕо аналлаах орто харахтаах илим.
Сеть для ловли карасей с ячеями среднего размера.
Сэттэ уон тэрээк илиммэр Тэрэкэнэ быччыыккын Тиһэ баттаан кулу ини! Саха нар. ыр. I I. Тюрк йылым, йилим