Перевод с якутского
баҕа
аат тыл
Нууччалыы горечавка
English gentian
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы горечавка
English gentian
Бавария баҕалара баварские горечавкиBavarian gentians Эргэ аайы суох, дьиэтэ иһигэр, баҕалара бааллар ... не у каждого в доме есть горечавкиNot every man has gentians in his house ...
2 аат тыл #
Кэлин атахтарынан ыстаҥалаан сыҕарыйар кыра уу-хонуу харамайа
Нууччалыы Лягушка. Ууну охсон баҕаны куттаама (өс хоһ.). Баҕа бадарааныгар бардам (өс хоһ.). Баҕа - баҕатыгар, чоху-чохутугар (өс ном.). “Хата, үлэлээ, доҕоор, эбэҥ аһатаары маҥнай баҕатыттан маанылаабыта буолуо, бу сырыыга балык кэлиэ”, - Сэбирдэх күлэн кэбистэ уонна куйуурун ойбонугар уган эргитэ турда. Амма Аччыгыйа. Тюрк. бака, паҕа
3 этии #
Баҕа айах - баҕа айаҕын курдук киэҥ айах
Нууччалыы Широкоротый (человек), имеющий широкий рот
4 этии #
Нууччалыы Речная рыба, невзрачная по виду, но по вкусу похожая на осетра; широколобка
Баҕа балык түөлбэ. - амтана хатыыска маарынныыр эрээри куһаҕан көрүҥнээх өрүс балыга Баҕа балык үөскүүр уута. Баҕа батаһа бот. - батаска маарынныыр сэбирдэхтэрдээх күөх бөдөҥ сибэккилэрдээх намтал сиргэ үүнэр от үүнээйи. Θ Ирис сибирский, касатик щетинистый. Баҕа батаһа ардайдаах манчаары окко кирийэн сүтэ-сүтэ, сүлбэ уута сүүрүгүрэр. Амма Аччыгыйа Ылдьаана сайын, баҕа батаһа от сибэккилэнэн бүтүүтэ, аҕатынаан Дулҕалаах толооҥҥо от охсо киирэллэрэ. Н. Якутскай Үгүс эмтээх үүнээйилэр: баҕа батаһа, куоска ытыһа, кэҕэ кулгааҕа, кулааһай ото диэн ааттаахтар. С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (1)
Баҕа хаата зоол. - уу түгэҕэр быһаҕаһыгар диэри былыыгынан көмүллэн сытар мүлтүгүр быһыылаах күөхтүҥү өҥнөөх моллюска хаата. Θ Беззубка. Баҕа хаата, син эмиэ хаба хаатын курдук, испиэскэ састааптаах. Баҕа ыамата зоол. - баҕа үөскэҕэ. Θ Головастик, личинка лягушки. Сылгы баҕата - сылгы туйаҕын үөһэ өттүгэр баар ур, чэр. Θ Наросты выше копыт у лошадей
5 аат тыл #
Тугу эмэ оҥорорго санаа, олоххо киллэрэргэ дьулуур
Нууччалыы Желание, стремление что-л. сделать
Үгүс киһи өйө үпкэ эрэ буолбат, бары киһи баҕата баайга эрэ буолбат (өс хоһ.). Саха норуота бэйэтин олоҥхотугар туох баар кэрэ баҕатын, идиэйэтин чыпчаалын айыы бухатыырын уобараһыгар түмэн көрдөрөр.
Суорун ОмоллоонӨлөөччү кэриэһин, тыыннаах баҕатын Өс-саас уордаах хараҕын ырыам астын. Т. Сметанин Сүүсчэкэ сыллаахха Манчаары Баһылайга көҥүл сылдьар, дьоллоохтук олорор баҕа төһөлөөх эбитэ буолуой! А. Сыромятникова
6 этии #
Нууччалыы Полностью удовлетворяться от исполнения желаний, насыщаться
Баҕата ханар - санаатын ситэн дуоһуйар, баҕата туолар, тохтуур Баарга баҕа хаммат (өс хоһ.). Баҕата ханыар диэри үлэлээн тахсарын таптыыр. Н. Заболоцкай Хас эмэ күнү быһа ардаабыт халлаан, баҕата дьэ ханан сүрэҕэлдьээбит курдук сэниэтэ суохтук сэппэйэ турда. С. Федотов Баҕа (санаа) хоту - эрдэттэн бэлэмнэммит курдук, баҕа курдук, санаа курдук, туох да мэһэйэ суох (туохха эмэ табыллан ис). Θ Как по желанию, как и хотелось (везет кому-л., в чем-л.). Бииктэрэ баҕатын хоту уонна алгыһынан үөрэҕи батыспыта. Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
Баҕаҥ хоту санаабыккын барытын ситэн истэххинэ, олох интэриэһэ сүтэр ини.
Н. ЛугиновКүнтэн быһа иитиллэр, Батарыайалар үлэлииллэр, Күтүр сүүнэ тутуулары Баҕа хоту ититэллэр. Күннүк Уурастыырап Ср. монг. багадьи ‘орудие, инструмент, снасть’
7 этии #
Нууччалыы Заветное желание
Баҕарар баҕа - санаа ымыыта оҥостон дьулуһар баҕа Уол оҕо буолан, эн баҕарар баҕаҕын ситэрэн, үтүө сырыыны сылдьан кэллим! А. Софронов Баҕарар баҕата, дьулуһар дьулуһуута кинини кынаттаан көтүтүөх курдуга. Н. Якутскай Бу сэбиэскэй буойун дьоруойдуу охсуһуутун, кини баҕарар баҕатын кырдьыктаахтык ойуулаан көрдөрөр сорук уус-уран литература бүтүннүүтүн иннигэр турбута. Софр. Данилов. Баҕа өттүнэн - ким да күһэйбэтэҕин үрдүнэн, бэйэтин санаатынан, бэйэтин баҕатынан. Θ По своему желанию, добровольно. Кини сэттэ уончалаах, ыарытыган. Көр уонна бэйэтэ баҕа өттүнэн күҥҥэ 3,5 кубометр буору хаһан тахсар эбээт! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (9)
Суут ыйааҕынан сылдьар киһибин, баҕа өттүбүнэн кэлбэтэҕим. А. Софронов Семен баҕа өттүнэн тылланан пиэрмэҕэ ыанньыксыттыы барбыта. “Кыым”. Баҕа санаа - санаа дьулуура, санааҕа сылдьар ыра, ыра санаа. Θ Желание, стремление к чему-л.; мечта. Уйгу-быйаҥ уолбат ойбонун туһунан остуоруйа уһун үйэлэр усталарыгар олоххо киирбэккэ, бар дьон баҕа санаата эрэ буолан сылдьыбыта. И. Данилов Кини хас биирдии тыла холкуостаахтар сүрэхтэригэр күөдьүйэн эрэр баҕа санааларын эбии сайыннарда. М. Доҕордуурап Бу түгэҥҥэ салаллар Мин түбүктээх төбөбөр Бардам баҕа санаалар Миигин күүрдэ көбөллөр, Көҕүтэллэр, сөҥөллөр. С. Данилов Санаа баҕата - өйгө эрэ баар дьулуур, өйүнэн оҥорон көрүү. Θ Желание в мыслях, заветная мечта, мечтание. Уйгу-быйаҥ туһунан бар дьон үйэ-саас тухары санаа баҕата оҥостоллоро, дьиктилээхэй остуоруйалары айаллара, ырыа гынан ыллыыллара. И. Данилов Сүрэх сылааһын Санаа баҕатын Сиэннэрим манна эппит курдуктар. ХС Сүрэх баҕата - өй-санаа, дууһа баҕарар баҕата. Θ Желание сердца, души. Сүрэх баҕатын сүһүөх уйбат (өс хоһ.). Мин кинини өр да көрүөхпүн, көрсүөхпүн баҕаран сүрэх баҕата, санаа дьулуура оҥосто сырыттым этэ! А. Бэрияк Килбиктик көрсүһэ турбуппут, Сүрэхпит баҕата биир этэ: Биһиги төрөөбүт норуоппут Төлкөтө үрдүүрүн иннигэр. П. Тулааһынап Ср. монг. баха ‘радость, охота’