Перевод с якутского
ийэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы мать.
English mother
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Төрөппүт оҕолоох дьахтар
Нууччалыы Мать. Ийэтэ оҕотун сүүһүттэн эмиэ убураан ылан баран, эргиллэн утуйан барбыта. Суорун Омоллоон. Ийэтин кыыс эрдэҕинээҕитин курдук, имэрийэн эрэрдии унаарыччы көрбүт саһархай харахтаах, мап-маҥан төгүрүк сирэйдээх, тэтэркэй иҥнээх. Софр. Данилов. Кини санаатыгар, орто дойду үрдүгэр бу таптыыр ийэтиттэн ордук үчүгэй, аһыныык уонна күүстээх ким да суоҕа. Н. Якутскай
Сайын ийэ кус от иһиттэн оҕолорун батыһыннаран киллэртиирин саһан кэтииллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ийэ сүөһү эрээри, аппаҕа төрөппүт. А. Сыромятникова "Бу эйиэхэ!" – Лев -- бартыбыалыттан мамонт муоһуттан оҥоһуллубут оҕолоох ийэ таба ойуутун ойутан таһааран күөрэччи уунна Р. Баҕатаайыскай
2 аат тыл #
Оҕолоох тыһы сүөһү, кыыл, көтөр
Нууччалыы Самка, имеющая детеныша
Тиий да торбосторгун ийэлэриттэн араартаа. М. Доҕордуурап Кини [бөрө] хас да сыллааҕыта ийэтин үөрүгэр сылдьан итинник сыттаах кыылларга түбэһэн, бэрт аһы аһаан турардааҕа. Р. Кулаковскай Тыы дьигиҥнээбитигэр маатыргыы түстэ [кус оҕолорун] ийэлэрэ. Софр Данилов
Өссө холобурдар (2)
Ийэ тэлгэһэбэр Им имири сүтүүтэ, Барык-сарык буолуута, Тиийэн кэлбитим баара. С. Зверев Кини ийэ алааһыттан Арахсаары турбута. Эллэй. Саха омук дьонуттан Саллар сааскыт тухары Сата буурай махталы, Умнуллубат уруйу ийэ норуотугар, Арассыыйа албан ыччатыгар Иэскит курдук иэйэҥҥит Туттараахтаан тураарыҥ! С. Зверев
3 аат тыл #
Дьиэ үлэтин, кэргэттэрин көрөр-харайар дьахтар
Нууччалыы Женщина, которая ведет домашнее хозяйство, хозяйка
Дьукаахтарбыт ийэлэрэ Настааччыйа, этэр тылын иһитиннэрэ үөрэммит киһи быһыытынан, эрэмньилээхтик күөрэлдьитэн саҥарбыт, томтоҕор хоҥоруулаах, үрдүк уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин. Амма Аччыгыйа Ыал ийэтэ, түҥ-таҥ таҥнаат, аанын аһар А. Федоров С. Зверев С. Зверев
4 аат тыл #
– Муҥха ньолбоҕор быһыылаах саппыйа курдук чааһа (үксүгэр тард. ф-ҕа турар: ийэтэ балык онно муҥха кынаттарыттан үтүрүллэн киирэн, хааттаран мунньуллар)
Нууччалыы Средняя часть невода, куда попадает рыба, мотня (часто употр. в ф. принадлежности: ийэтэ)
Ийэтиттэн сибилигин аҕай сүөкэммит кып-кыһыл лабычааннаах лэчигирэс соболор -- ыраас мууска кутуруктарынан охсуоланан өрүтэ тэйиэккэлии, лаһыччахтыы сыппыттар... А. Бэрияк Кумахха, ийэ иһигэр, быластаах сыаҕаан (сыалыһар) баҕайы бөҕүллэҥниир. Н. Габышев Арай Урустаан көрбүтэ муҥха ийэтин түгэҕэр, быспыт дүлүҥ курдук, тууччах балык ньолболло сытар эбит. ПН
Өссө холобурдар (3)
Ийэ хара тыа иэнинэн сыыйыллан, үөдэн-таһаан буолан, үрэллэн сытарын көрдүлэр. М. Доҕордуурап Ийэ толуу тиит куоҕайа Иэрийбэхтии куугунуур. Күннүк Уурастыырап Онно быар куустан, ийэ хатыҥ Дьоллоох кыыһа тиийэрбин кэтэһэр ХС
5 аат тыл #
Төрөппүт курдук саныыр, тапталлаах, ахтылҕаннаах туох эмэ (ордук манньыйан, ууллан эбэтэр киэн туттан этэргэ)
Нууччалыы Что-л. являющееся родным, близким (говорится с особой нежностью или гордостью)
Кини [күн] айымньылаах сардаҥата бу сир ийэни угуттуур, сырдатар буолан киһи тылынан сатаан хоһуйбат кэрэ мичил дьүһүннээх буолбат дуо, доҕотторуом!
Суорун ОмоллоонҮчүгэйиэн көҥүл сылдьар, бу сир ийэ түөһүгэр көҥүл хаамар, бу ыраас салгынынан көҥүл тыынар! Т. Сметанин Кэскил, үлэ, бөҕө эйэ, Киһи аймах таптала Күүрэр, түмсэр киинэ буолла Сэбиэт сирэ – мин ийэм П. Тобуруокап
6 даҕааһын #
Оҕолоох, туҥуй буолбатах, урут эмиэ төрөөбүт (тыһы кыыл, сүөһү, көтөр туһунан)
Нууччалыы Имеющая детенышей (о самке животных, зверей)
7 аат тыл #
Төрөөбүт-үөскээбит, кыра эрдэҕиттэн улааппыт (үксүгэр сир-дойду туһунан)
Нууччалыы Родной, отчий
8 аат тыл #
Дьиҥнээх, олохтоох (туох эмэ киэбин-таһаатын туһунан: хол., халааннаабыт өрүс уу ылбыт биэрэгэ, боротуохалара киирбэттэр, дьиҥнээх сүнньэ; күөл таһымнаан тахсыбыт сирэ аахсыллыбат, бэйэтин дьиҥнээх хаатын иһинээҕи уута)
Нууччалыы Настоящий, собственный (напр., настоящее, исконное собственное русло реки, не считая проток и тех мест, к-рые залиты половодьем, разливом). [Уот кудулу байҕал] Күндүл күөх көхсүгэр Көтөр кынаттаах Көччүйэн үөскээбит, Ийэ киэлитигэр Көмүс хатырыктаах Эгэлгэ балыга Эммэнийэ элбээбит
9 аат тыл #
Эдэр маһа суох, лиҥкинэс, улахан, сиппит мастаах (тыа туһунан); сиппит, улахан (тиит, хатыҥ туһунан)
Нууччалыы Без молодой поросли, из одних взрослых деревьев (лес). Ок-сиэ, ким манна бу курдук хара мастаах ийэ тыа үүнэн тахсан күнү-ыйы хаххалаатын диэн анаабыта буолуой?
10 этии #
Нууччалыы Мать никем не заменишь, она у нас единственная (букв. мать есть мать)
Этиилэр
Ийэ аата ийэ
кинини (ийэни) киминэн да солбуйбаккын диэн этии Бука, оҕолорбутугар ийэлэрин сүтэрии охсуулаах буолуо... Ханныгын да иһин ийэ аата ийэ буоллаҕа. Далан. Ийэ курдук ийэттэн төрөөбүтүм (айыллыбытым) фольк. – дьоһун-мааны холоонноох ийэттэн төрөөбүтүм (төрүппүнэн-ууспунан эйигиттэн итэҕэһэ суохпун).
Я родился от достойной, почтенной матери (т. е., своим рождением нисколько не хуже тебя).
Мин да аҕа курдук аҕаттан айыллыбытым, ийэ курдук ийэттэн төрөөбүтүм. Саха фольк Ийэлээтэр ийэм фольк., үрд. – ийэни арбаан, улуутутан, киниэхэ сүгүрүйэн өрө күүрүүлээхтик туһаайан этии. Торжественно-возвеличивающее обращение к матери, подчеркивающее особое почтение, любовь к ней. Ийэлээтэр ийэм, аҕалаатар аҕам! Дьэ күн туллара, күһэҥэ быстара буолла, хаарыан сах буолла! Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
Мин бу балаҕаны булуохпуттан, эбэлээтэр эбэм буолбут, ийэлээтэр ийэм буолбут эн эрэ бааргын. Н. Якутскай
Ийэтигэр эппэтэх тылын этит көр ийэтин-аҕатын ырыатын ыллат
Ийэтигэр эппэтэх тылын этиттилэр, иннин ыллылар. И. Теплоухов-Тимофеев
Ийэтин хамыйаҕыттан сыстыбыт
ийэтиттэн куһаҕанын утумнаабыт, ийэтин куһаҕан өттүн баппыт.
Унаследовать от матери ее отрицательные черты.
Ийэттэн төрүү сыгынньах
адьас, букатын таҥаһа суох.
соотв. в чем мать родила; в костюме Адама и Евы.
Улаатан, ситэн баран, ол дьахтар мүччү туттаран, тохсунньу ыйга, ийэттэн төрүү сыгынньах күрээн, бу суол устун атах-балай мэнээк сүүрбүт уонна биир суон тиит төрдүгэр, олорбутунан, тоҥон өлбүт. Болот Боотур Ийэ-хара көлөһүнэ саба түстэ (таҕыста, тоҕунна) Үлэлээн-хамсаан, сылайан-элэйэн улаханнык тириттэ. Сильно вспотел, изошел потом. Эрбантей икки киһи сүгэһэрин сүгэн, ийэ-хара көлөһүнэ тохтон, баар күүһүнэн айаннаан, тиийэн кэллэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
[Оҕонньор] ийэ-хара көлөһүнэ саба түстэ, уй-май баран сыттыгар туора сыппахтаата. М. Доҕордуурап Уйбаанабына эмээхсин Саха сирин быйаҥнаах буоругар эдэр сааһыттан кырдьыар диэри элбэх ийэ-хара көлөһүнүн тохпута. С. Никифоров
11 этии #
Нууччалыы Подпочвенный слой; слой земли под дерном; основной слой земли
Этиилэр
Ийэ буор
1) сир кырсын ылбыт кэннэ кэлэр ыраас, чиҥ араҥа Ийэ буоругар диэри хас. [Манньыаты] Ийэ буор хотун харайан сыттаҕа. И. Гоголев. Сааһын-үйэтин тухары сытар ийэ буорун булларан баран, тиэтэл муҥунан иинин томточчу буор кутан, көмнөхпүт ол! "ХС"; 2) ким эмэ төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт сирэ (ийэ дойду диэннээҕэр кыараҕастык өйдөнөр: хол., төрөөбүт-үөскээбит өтөҕүҥ, алааһыҥ, оройуонуҥ).
Родная сторона; родное пепелище (вообще урочище, место, где находится родной дом имеет более узкое, чем ийэ дойду, значение).
Оо, кэрэтин, баайын, төрөөбүт ийэ буорум!
Суорун ОмоллоонТэлгэһэттэн тэлэһийэн сырыттахха, Алаастан арахсан сырыттахха, Иитиллибит ийэ буор Эчи ахтылҕаныан! Т. Сметанин
Ийэ дойду
ким эмэ төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт, үөрэнэр-үлэлиир сирэ (ийэ буор (2) суолтатынааҕар киэҥник, үксүгэр төрөөбүт судаарыстыба диэн өйдөнөр).
Родина, отчизна.
Биһиги биир ийэ дойдулаахпыт
Арассыыйа. Ийэ дойдуга сылга уонунан тыһыынчалаах түүлээҕи туттараллар. И. Данилов. Тыйыстыҥы, ол эрээри бэйэҥ туспа кэрэ, дьикти буоллаҕыҥ, мин хоту ийэ дойдум! Н. Заболоцкай. Ийэ дойдуларын тыатын сытын бэйэлэригэр иҥэрбит оҕолор ханна да сир уларыйыахтара суоҕа. С. Ефремов. Ийэ кут итэҕ. – былыргы саха өйдөбүлүнэн: үс куттан саамай сүрүн кут. (дьахтарга айыыһыт ийэ куту иҥэрдэҕинэ оҕо үөскүүр. Киһи өллөҕүнэ анараа дойдуга ийэ кута барар. Өскөтүн оҕону наһаа улаханнык куттаатахха, ийэ кута "тэйэн биэрэр", онон сааһын тухары ыарыһах буолар).
У древних якутов: главная из трех душ (букв. мать-душа – при зачатии ребенка она внедряется божеством Айыысыт в женщину-мать. По смерти человека на тот свет переходит именно эта душа. Ийэ кут крадут и мучают злые духи, отчего человек и хворает. Если сильно напугать дитя, то у него ийэ кут "отскакивает", от этого он на всю жизнь становится робким и болезненным).
Ийэ буорга Ииннэнэр күммүтүгэр Ийэ куппутун Илдьэ барыталаар.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Көмүс күн] өрөһүлтэтэ суох өлөр өлүү тирээтэҕинэ этирик түөстээн эрэйдээбэккэ, эппитин-хааммытын эммэккэ салгын куппутун саба тут, ийэ куппутун илиигэр ыл. Эвен фольк. Мин бүгүн Буор кут, Ийэ кут, Салгын кут Дууһабыныын кэпсэтэбин. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. буор кут, салгын кут.
Ийэ кылын
1) эр киһиэхэ кэргэнин ийэтэ.
Теща.
Оттон Кириһээн бирикээсчик буолбутун -- Сургууһут Соппуруон уонна урукку бирикээсчик – Микиэйэп ийэ кынна Мааппа эмээхсин сөбүлээбэт этилэр. Д. Таас "Тукаам, Петя, кэл, аһаа," – дии-дии, ийэ кынна чарапчыланан көрө турар эбит... М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Эн үчүгэй кийииккэ тиийэн ийэ кылын буол. Далан; 2) кэпс. – көннөрү кэпсэтиигэ эр киһиэхэ кэргэнин дьахтар өттүнэн аҕа саастаах аймахтарын: эбэтин, эдьиийин (көр аҕас кылын), аҕатын, ийэтин эдьиийдэрин, балтыларын; абаҕатын, убайын, таайын кэргэннэрин (көр тастыҥ ийэ кылын) – эмиэ ааттыыллар. В просторечии может обозначать: а) бабушку жены; б) старшую сестру жены (см. аҕас кылын); в) тетку жены; г) жену родного или двоюродного брата жены; д) жену родного дяди жены (см. тастыҥ ийэ кылын). Ханныгын да иһин тастыҥ ийэ кынным буоллаҕыҥ гынан баран, бүгүн куһаҕан тыллаах–өстөөх кэлбиккин. С. Курилов Ийэ кыыл эргэр., итэҕ. – 1) былыргы саха өйдөбүлүнэн: ойуун кута; ойуун кута иҥэриллибит кыыла, көтөрө (үксүгэр: эһэ, бөрө, ыт, хотой, суор). У древних якутов: дух шамана; звериное воплощение души шамана, животное, в которое шаман вселяет свою душу (букв. мать-зверь – обычно: медведь, волк, собака, орел, ворон); 2) ким эмэ таҥара оҥостор, сүгүрүйэр кыыла. Тотем. Сэргэ түҥ былыргыттан, инньэ ийэ кыылтан -- көмүскэли көрдүүр, эрэйэр сахтан, күн бүгүҥҥэ диэри -- үйэлэри уҥуордаан, ити киэн туттуулаахтык хардыылаан кэллэ. Багдарыын Сүлбэ.
Ийэ мас
1) мас таһын суорбут кэннэ кэлэр чиргэл, кытаанах өттө (былыр аалга үөс гыналлара эбэтэр өһүө маһа буолара).
Ошкуренный ствол дерева (используется как основная доска лодки, киль судна, матица); 2) эргэр., харыс т.
– өлбүт киһини уган көмөр хоруоп. Гроб; 3) эргэр., харыс т. – өлбүт киһини көмөргө иин түгэҕэр халыҥ хаптаһыннарынан хоппо курдук оҥоһук (хоруобу буор баттыырыттан харыстаан). Ящик из грубых досок, внутри которого устанавливается тесовый гроб с покойником, чтобы на него не давила насыпаемая сверху земля. Эрдэтээҥи "чинчийээччилэр" ийэ маһын хаппаҕын алдьаппыттар. "Кыым". Тэҥн. тэбиэх. Ийэ сайын поэт. – от-мас ситэн, силигилээн, куйаас түһэн сайын саамай муҥутаабыт кэмэ. Пора расцвета лета, самая лучшая пора лета (букв. мать-лето – поэт. эпитет). Сырдык күммүт тыкпыт, Сылаас кыымын ыспыт, Итии-куйаас түспүт, Ийэ сайын күлбүт. Күннүк Уурастыырап Сырал куйаас сыламнаан Ийэ сайын эргийдэ, Хара тураах дааҕырҕаан Халыҥ тыаҕа кирийдэ. П. Тулааһынап
Ийэ сир көр ийэ дойду
Нууччалар, украинецтар, татаардар, сахалар
Арассыыйа бары норуоттара биир дьиэ кэргэнэ буолан, күүстэрин түмэн, дьоллоох олоҕу туталларын, -- ийэ сири бука бары көмүскүүр-харыстыыр улуу иэстэрин туһунан эттэ.
Хаанымсах агрессор эһиннэҕинэ, хара дьай ийэ сиртэн халбарыйыа, хаан тохтуута уурайыа, дириҥ ынчык эстиэ.
Суорун ОмоллоонИйэ сирбит иннигэр мэктиэ тылбыт бэриллэр. Эллэй.
Ийэ тыл
төрөөбүт тыл, кыра оҕо эрдэхтэн саҥара үөрэммит тыл.
Родной язык.
Аҕыйах ахсааннаах бытанан олорбут хотугу норуоттар ыраахтааҕылаах Арассыыйа бэйэлэрин ийэ тылларынан суруктара-бичиктэрэ суоҕа. ББ Утаттахха сөрүүн ууну Уймахтаан да ылбыттан Ордук истиҥ дуоһуйууну Буллум ийэ тылбыттан. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
Улуу нуучча омук тылын Ийэ тыл тэҥэ биллилэр Эллэй.
Кинилэр ийэ тылларын Ийэ уу
1) күөл (үрэх, өрүс) саамай дириҥ сирэ. Атын өттүнээҕэр тымныы уулаах буолар.
Самое глубокое место в озере (в реке), основная впадина, в которой холодная, студеная вода.
Идэмэрдээх тымныы ийэ ууларга иһитэн биспит Искэхтээх балыга – Искэҕин ыан, Ирбэнньик ыччаты элбэттэ. Өксөкүлээх Өлөксөй; 2) үрэх, өрүс бэйэтин олохтоох уута. Вода основного русла реки. Боруоданы сууйарга аналлаах уу ¬-- комбинат ортотунан дохсун дьулусхан курдук суккураан ааһар уонна эмиэ ийэ уутугар төннөр. И. Данилов
Ийэ ууһа
1) былыр уус баһылыгынан дьахтар буоларын саҕанааҕы кэм.
Матриархат.
Үс күлэр ньүкэни Үс үйэ тухары Үллүбэт гына Үлтү тэпсиэхтэрэ, Ийэ уустары Имири быһыахтара.
П. ОйуунускайЭпоска ийэ ууһунан олоруу тобоҕо баара эмиэ ыйыллар. Эрчимэн; 2) эргэр. – аҕа ууһун сороҕо: биир удьуор аймахтыы дьон. Материнский род (каждое из ответвлений, на к-рые делится отцовский род). Ама мин курдук үтүө киһи Хара-Массар ийэтин ууһугар төрүө дуо? Эрилик Эристиин
Ийэ хотун (хотун ийэ)
тугу эмэни ытыктаан, киниэхэ сүгүрүйэн хоһуйан ааттааһын.
Церемонно-почтительное обращение к явлениям природы (букв. мать-госпожа, госпожа-мать).
Айыыһыт хотун ийэм. Аҕыс адаардаах аартык ийэ хотуну арыйбытынан барда.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Симэһининэн силигирбит Сир ийэ хотун Сиэр биэ Сиэлинэн тэлэйэр Силик сибэккитэ Сиэттиһэн тахсан сипсиһэ кэпсэппитэ. С. Зверев Тюрк. ана, инэ