Перевод с якутского
ии-саҕа
аат тыл
Нууччалыы форма чего-л
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
(үксүгэр тард. ситимигэр тут-лар)
Били, кэтэн баран өҥөнөн көрө-көрө хаамсыбыт таҥастара иитэ-саҕата биллибэт гына алдьаммыт. Эрилик Эристиин Кини бинсээгин сиэптэригэр хааһылана сылдьан имиллибит, иилэрин-саҕаларын сүтэрбит маллар, манна бэйэлэринэн көһөн киирэн сыталлара кинини соһутта Н. Заболоöкай
2 аат тыл #
Туох эмэ быһыыта, киэбэ; туох эмэ омооно, барыла
Нууччалыы Форма чего-л.; очертания, контур, абрис чего-л. (преимущественно употр. в притяж. ф.)
3 аат тыл #
Туох эмэ кирбиитэ, кыраайа, муҥутуур уһуга
Нууччалыы Граниöа, край, предел чего-л
Өрүс икки өттүнээҕи талахтар көстүбэт буоланнар, иитэ-саҕата биллибэт киэҥ сир иһигэр киирбит курдуга. Болот Боотур Кинилэри тула – иитэ-саҕата биллибэт киэҥ-нэлэмэн туундара Н. Габышев
4 аат тыл #
Туох эмэ чуолкайа, быһаарыылааҕа
Нууччалыы Ясность, определенность чего-л
Ситиспит түмүгүн туора киһиэхэ былдьатан баран, кини билигин саҥа түмүгү хантан баран, туох иитин-саҕатын булан, хаһан тиийэн ситиһиэхтээҕин билбэт туруктаах хаалбыта. В. Яковлев Онон милииссийэҕэ үлэтин, этэргэ дылы, кыратыттан улаханыгар диэри иитин-саҕатын араарар кыахтаах киһинэн биллэр М. Попов
5 этии #
Нууччалыы Сверх всякой меры, чересчур (напр., ругать)
Этиилэр
Иитэ-саҕата суох
наһаа, аһара; сиэри таһынан (хол.
, мөх) "Сиэхситтэр, тохтооҥ!" – диэн иитэ-саҕата суох хаһыырыан санаан баран, ол тугу да туһалыа суоҕун өйдөөн тохтоон хаалла. Эрилик Эристиин "Бу күтүр киэргэммитин, бэйбириэт ыстааннаах буола-буола," – диэн туох да иитэ-саҕата суох мөҕөн барда. Эрилик Эристиин