ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ии

аат тыл, ынырыы, сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы дужка, ободок чего-л

English hoop, rim

Ис хоһооно · 12
I

1 аат тыл #

Туох эмэ төгүрүк кылдьыыта

Нууччалыы Дужка, ободок чего-л

  • Быдарааҕын иититтэн ылан иккиһин омурдуох гынан иһэн, тохтоото.
    Р. Кулаковскай
  • Бэрдин бэрт, биир дьэс тэриэлкэни кытары дьэс солуур иитин булан таһаарбыта.
    Н. Павлов
  • Били айылаах абырыыр ачыкытын икки иитин эрэ өрө ыйаан, салгыҥҥа салыбыратан таһаарбыта
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Туох эмэ ыараханы ууга бырахтахха үөскүүр төгүрүк тиэрбэс

Нууччалыы Круги, образующиеся на воде при падении в нее тяжелых предметов

  • Төгүрүк иилэр улам кэҥээн испиттэрэ. ОГГ ТЛ-8. Хопто кутуругун анныттан туох эрэ кыра хара арахсан, ырбыыга "чоп" гынна, онуоха -- бүлүүһэ саҕа төгүрүк ии дьиримнээмэхтээн баран, сүтэн хаалла.
    И. Никифоров
  • Көлүччэ сиэркилэ ньууругар иилэр сотору-сотору эргичиһэн ылаллар
    Уустаах Избеков
  • Илин ии хайа онно тиийэн баранан, бөдүргэй тумул буолан хаалар.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Эргийэ барбыт ии хайа түллэр түөһүгэр ньирилии-ньирилии турар [куорат]
    Амма Аччыгыйа

3 аат тыл #

Халлаан саҕаҕа

Нууччалыы Горизонт

  • Күн хааннаах хараҕын уутуттан халлаан иитэ кып-кытархай дии...
    И. Гоголев
  • Торҕо томороон халлааммыт Тунаарар иитин одуулаан Тус илин хайыһан Туһаайа көрө турбутум.
    С. Зверев
  • Халлаан илиҥҥи иитэ сэгэйэн, быһах өнчөҕүн курдук, кылбайа сырдаан барар
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Халлаан эттигин тула үөскүүр сырдык төгүрүк хаймыы. Θ Ореол вокруг небесного тела (напр., солнца, луны). Күн иитэ тумарык иһигэр хайдах эрэ өспүттүү, мөлтөхтүк кытарымтыйан көстөр
    В. Протодьяконов

4 аат тыл #

Территория, эргимтэ (үксүгэр төгүрүк сир курдук өйдөнөр); кирбии, быыс

Нууччалыы Территория (к-рая обычно представляется в виде окружности); граница, черта, предел

  • Сэттэ буолас Иитин тухары сиэллэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Манна холкуос иитин иһигэр турар туһата суох тутуулары, хотоннору, күрүөнү-хаһааны көтүрэн уонна уоттаан туран хорутары көҥүллүүргэ үс киһиттэн хамыыһыйа тэрийдилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Сиэйэлкэбит киэҥ бааһына Иитин тула эргийэр. Дьуон Дьаҥылы. [Суола үрэх] икки иитинэн өрө үллэн, ыйылла-ыһылла турар эбит.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Кини дойдутун иитэ боротуоха уутун уҥуоргу кытыытынан баар
    М. Доҕордуурап

5 аат тыл #

Сорох таҥнар таҥас билэтэ, биилэ (хол., ыстаан)

Нууччалыы Пояс одежды (напр., брюк)

  • Аҥар илиитин ыстаанын иититтэн бобо тутан илгиэлэнэн кэбистэ...
    Амма Аччыгыйа
  • Этэ бүтүннүү көстө сылдьар, баккыта аҥардас иитэ эрэ хаалбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Мөһөөччүк түгэҕиттэн хара лаахтаах быыкаа бэстилиэти ылан, эргим-ургум көрдө уонна ыстаанын иитигэр кыбыта аста
    М. Доҕордуурап

6 аат тыл #

Дьон-сэргэ эйгэтэ; туох эмэ холбуу ылыллыбыта

Нууччалыы Среда, круг людей; среда языковая, совокупность чего-л

  • Холкуостаахтар маассаларын иилэрин иһигэр эрчиллэн, үлэ күннээҕи үөрэҕэр такыллан, уһаарыллан тахсар.
    П. Ойуунускай
  • Оҕо үксэ күннээҕи олоҕор туттар тылын эйгэтэ, иитэ кыараҕас, ахсаан өттүнэн дьадаҥы буолар
    ФНИ ТЛТКҮө

7 даҕааһын #

суолт. Эргийэ, төгүрүйэ барар

Нууччалыы Опоясывающий, расположенный кругом

II

8 #

саҥа алл

  • Иитэ суох иэдээн (илдьиркэй) көр аана суох (биллибэт) алдьархай (иинэ суох илдьиркэй). Мин иитэ суох илдьиркэйгэ бардым, аана суох алдьархайга бардым, балтыбын Айталы Куону, көстө көтүттүм.
    Саха фольк
  • Сороҕор бэрт кыраттан олоҕун устата бараммат иитэ суох иэдээнигэр, аана суох алдьархайыгар тэбиллиэххин сөп.
    И. Гоголев
  • Иитэ суох иэдээн, аана суох алдьархай буулуур.
    ФЕВ УТУ
Өссө холобурдар (2)

9 #

Аанньа ахтыбат, ахсарбат буолууну, сэнээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает пренебрежение, уничижение, укор

10 #

Таптааһыны, эйэргээһини, аһыныыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает любовь, ласку, жалость

11 #

Айманыыны, долгуйууну соһуйууну көрдөрөр

Нууччалыы Выражает тревогу, волнение, удивление

  • "Ии, оҕобун даа, оҕобун!" – дии түстэ сүрэҕэ ыарыйда.
    Суорун Омоллоон
  • Ии, киһини өлөртүүллэр үһү. Илэ сиэхситтэр буоллахтара дии, сэгээр!
    Күндэ
  • Ии, оҕом кэллэ
    С. Ефремов

12 #

Саҥа аллайыыны, эбэтэр сыһыан тылы кытта холбостоҕуна олору күүһүрдэн биэрэр

Нууччалыы Усиливает выразительность междометия или модального слова, к которым примыкает

  • Ии, үөдэн, соруоха...
    П. Ойуунускай
  • "Ии, дьэ, сыана да буолан... " – диэтэ ойоҕо, сөҕөн-махтайан.
    Күндэ
  • Ии, үөдэн! Итиниэхэ эһигини ким кэлэн тиэрдиэҕин
    Эллэй

«И» буукуба