Перевод с якутского
уобуруччу
аат тыл
Нууччалыы обруч
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тугу эмэ курдуу төгүрүччү хам туттарар ии (хол., мас буочуканы)
Нууччалыы Обруч (напр., деревянной бочки)
Биир буочука отут уобуруччулаах үһү (тааб.: ый хонуга). Чугаһаан истэҕин аайы кустуга уобуруччу курдук төгүрүйэн көстөр буолан барар. Н. Якутскай Сарылыы-сарылыы сүүрэн иһэн, уһаат уобуруччутун түөрэ үктээн, сиһин охсунар.
КүндэӨстүөкүлэ [лупа киэнэ] уобуруччу курдук иигэ угуллубут. КВА Б
2 аат тыл #
спорт. Гимнастикаҕа туттуллар кытаанах төгүрүк ии
Нууччалыы Обруч гимнастический
Ыскакаалкаҕа куоталаһыы, мээчиги корзинаҕа быраҕан киллэрии, быанан тардыһыы, уобуруччулаах сүүрүү буолбута. ББ Кини [ыт] -- быа устун сүүрэрин, уобуруччу иһинэн ойорун -- наһаа таптыыр. А. Чехов (тылб.)
3 аат тыл #
Киһи өйүн-санаатын хаайар, тууйар, хайдах да босхолонор кыаҮҕа суох быһыы-майгы
Нууччалыы Положение, при котором кто-л. замкнут чем-л. давящим, угнетающим, угнетающая кого-л. обстановка
Кини сүрэҕин сотору-сотору туох эрэ уобуруччута бобута туппахтыыр. Амма Аччыгыйа Баттабыл тимир уобуруччута Кинилэри үүйэ туппута. И. Артамонов Сэбиэскэй норуот бу уобуруччу иһигэр уонунан сыллар тухары тыына-быара ыгыллан, көҥүл санаата тууйуллан олорбута. “ Чолбон
4 этии #
Нууччалыы Огненное кольцо (вражеских войск)
Этиилэр
Уот уобуруччу
сэрии кэмигэр өстөөх уоттаах төгүрүйүүтэ Уот уобуруччу ортотугар хаайтарбыттар көмө кэлэрин күн-түүн күүтэллэрэ.
Уот уобуруччуга ылларбыт улуу куорат балаһыанньата ыарахан этэ. ИИФ УоУоО