Перевод с якутского
киспэ
аат тыл
Нууччалыы внутренний обруч
1 аат тыл #
Туох эмэ көҥдөй оҥоһуулаах (хол., туу) ис өттүттэн туттарыллар иитэ
Нууччалыы Внутренний обруч (верши)
Ортоку киспэ. Кутурук киспэ. Туу киспэтэ суох, тыыннаах киһи аһа суох, өлбүт киһи буора суох буолбат (өс хоһ.). Туу киспэтин алта, сэттэ милимиэтир суоннаах талаҕынан эбэтэр боробулуоханан оҥоһуллар ФНС ХБС
2 аат тыл #
Ис, куртах
Нууччалыы Живот, желудок
Ат киспэтинэн, киһи айаҕынан (өс хоһ.). Оттон чооску, Киспэтин толорунаат, Кэннин көрдөрдө. Болот Боотур Туолбат куртах, Топпот киспэ, Торҕон бөрө. ВСП Т Э. Ср : др. -тюрк. кишэ 'спутывать, связывать'; тюрк. кишэн 'путы, оковы'; туркм. кишэн 'цепь'; тат. диал. киштэ 'перекладина, полка, полать, висячая жердь, на которую вешают вещи, стропило'
3 этии #
Киспэ быстара буолла фольк. - иэдээн, алдьархай ааҥныыра буолла Ох курдук оҥоһун - ойор күнүм буолла, Бэйэ бодоҕун тардын - Бэттэр күммүт кэллэ, Киэп-таһааҕын көрүн - Киспэ быстара буолла... П. Ойуунускай
Нууччалыы Нагрянула беда, несчастье