Перевод с якутского
саҕа
аат тыл, кэнники тыл
Нууччалыы воротник
English collar
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Таҥнар таҥас киһи моонньун тулалыыр чорбох салҕааһына
Нууччалыы Воротник
Ырбаахы саҕата. Сон саҕата. Сатабыллаах саһыл саҕалаах (өс хоһ.). Үрүҥ ырбаахылаах, саҕата ойуулаах этэ С. Ефремов Киһи моонньун уонна таҥаһын саҕатын ыккардынааҕы аһаҕас. Θ Вырез в одежде для шеи, ворот. [Тогойкин] болтуотун нэлэккэйдэнэн баран тилигирэччи сахсыммахтаата. Онуоха саҕатынан хаар киирэн көхсүн тымныынан хаарыйбахтаата Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
Туох эмэ саҕаланар, тугу эмэ кытта быысаһар кытыыта
Нууччалыы Начало, край, внешняя граница чего-л.; опушка, край
Тыа саҕата. Сыһыы саҕата. Хадьымал саҕата. Халлаан бороҥ солко бүрүөтэ илин саҕатыттан хастанан улам арыллан иһэр. Амма Аччыгыйа Кэтэх тыа куобаҕа, Кэрии саҕатыгар киирэн, Кэрдиис таҥалай суолу Кэккэлэтэ сүүрбүтэ. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
[Уол] чанчыгын саҕатыттан бычыгыраабыт көлөһүнүн илбирийбит бүлгүннэринэн дьүккү соттон кэбистэ Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Взять за шкирку, шиворот (человека), брать за загривок (зверя)
Саҕатыттан ыл кэпс. - киһини атаҕастаан саҕатыттан тутан илиилээ, күүскүнэн дьаһай, кыылы кэтэҕиттэн тутан өрө көтөх Баһырҕас оҕотун саҕатыттан ылан атын сиргэ көһөрдө. Хамначчыт Сэмэн эрэйдээҕи саҕатыттан ылан таһырдьа астылар. Бэс Дьарааһын. Оо, миэхэ кыах биэрдэллэр - мин сэлээнниир эр дьону саҕаларыттан ылыам этэ! Н. Габышев Ср. др. -тюрк. йаха, тат. яка, бур. заха ‘ворот, воротник’; др. -тюрк. саха ‘подножие горы’, монг. зах ‘край, окраина; воротник’
4 #
дьөһ. Ким, туох эмэ кээмэйинэн, хаачыстыбатынан кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнэһэрин көрдөрөр
Нууччалыы Выражая уподобительные отношения, указывает на величину, объём, качество, равный кому-чему-л
Адаҕа саҕа собо. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук (өс хоһ.). Уулуу турар оҕус хараҕын саҕа. Саха фольк Кини саҕа куһаҕан суох Амма Аччыгыйа