Перевод с якутского
быыс
аат тыл
Нууччалыы занавеска
English curtain
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы занавеска
English curtain
таҥас быыс тканевая занавескаa fabric curtain дьиэ быыһа перегородкаa partition
2 аат тыл #
Үөһэнэн тардыллыбыт быа устун сүүрдэн тугу эмэ (хол., орону, сценаны) хаххалатар кэлим таҥас
Нууччалыы Занавес. Быраатым биһиги оонньуу олордохпутуна, үстээх-түөртээх кыра уолчаан быыс тумсугар кэлэн киэҥ харахтарынан миигин одуулаан мылаллан турда. Дьүөгэ Ааныстыырап. Саха сирин сааскытын уруйдуур муусукаҕа - уйдаран, Кремль тыйаатырын быыһа оргууй аҕай аһыллыытын москвичтар дохсун ытыс таһыныытынан көрсүбүттэрэ. АҮ. // Хаптаһыннары саайан дьиэ эбэтэр хос сорох өттүн (хол., хаҥас орону) араарыы, быыһааһын. Перегородка. Сиидэрэп быыс хаҥас өттүгэр барда. Баран, быһыыта, сытта. Сэмэн оргууй аҕай үөмэн баран, хаптаһын быыска мутук ойдубута баарынан көрөр. Күндэ. Ону-маны кэпсэтэн эрэрбит, хаптаһын быыс кэннигэр биэс-алта кураанах орон турарын дьиибэргээн ыйыталаһан эрэрим, көхсүбүн уот сылааһа сүрдээх эйэҕэстик угуттаан эрэрэ... Амма Аччыгыйа. Тэҥн. соҕоруокка
3 аат тыл #
Туох эмэ икки ардынааҕы хайаҕас эбэтэр туох эмэ ортото
Нууччалыы Интервал, зазор, просвет, щель промежуток между какими-л. предметами
Дөрүн-дөрүн дириҥник үөһэ тыыммахтыыр уонна тоҕо эрэ аҥаардыы илиитинэн хардарыта ньилбэгиттэн тайанан баран, иккис илиитинэн тарбахтарынан ыыраахтарын быыстарын сууралаамахтаан ылыталыыр. Амма Аччыгыйа Мин ахтыбат да буолуохпун сатаммат: хайа, төрөөбүт сирим тыа быыһа, чоҥкучах алаас буоллаҕа дии.
Суорун ОмоллоонИирэлээххэ алмаас көстүөҕүттэн ыла мас быыһа барыҥнас киһи буолла. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Силиэдэбэтэл салалтатынан дьэҥдьиир оҥорон хотоҥҥо тахсан долбуурун, эркиннэрин бары быыһын барытын хастылар М. Попов
4 аат тыл #
Ханнык эмэ дойдулары, кэлим сирдэри араарар кыраныысса, сурааһын
Нууччалыы Граница, рубеж
Араас омук алаһатын ыспыт Алдьатыылаах фашист сэриилэрэ, Кинилэр Арсан Дуолай тэҥэ атамааннара Гитлер, Алгыстаах арҕаа быыспытын Аан курдук алдьатан киирдилэр... Эллэй. Ийэ сирбит барахсаны Илин быыһын харыстыырга Эрэл биэрэр, эрчим эбэр, Эрдээх ырыа ньиргийдэҕэ. Күннүк Уурастыырап Босфор силбэһиитэ - икки сүҥкэн улахан материктар, арахсар быыстара Н. Якутскай Ким эмэ бас билэр сирин, учаастагын кыраныыссалара. Θ Межа. Урукку мин дьонум уһугун булбатах Улууһум быыстарын уҥуордаан туорааммын, Дьоһун дьол үйэтин сырдыгар сыстаммын, Дьокуускай куоракка үөрэнэ киирбитим. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (5)
Терентьевтэр муҥур быыстан хаҥас өттүн бас билэллэр. М. Доҕордуурап Оттуу сылдьан бииргэ быыстаах ыаллыы дьонуттан оту уорар эбит. Саха сэһ. II Ким эмэ бас билэр сирин, учаастагын араартыыр бэлиэ мас. Θ Межевой знак. Чугастааҕы быыстарын тууран ылан быраҕаттыы, Дьаакып алтыс тоһоҕону тардыалаһа турдаҕына, - хайдах эрэ, эмискэ, хараҕар сирин үрдэ хаан тараанньык буолбахтаата, халлаан иҥнэл-таҥнал барда. Күннүк Уурастыырап Бэҕэһээттэн дьокутааттар укпут дойдуларын быыс туруортаан, туттара таҕыстылар. М. Доҕордуурап Кэлтээки Сабыйа сирин кэрийэн, быыс анньар. Саха сэһ. I
5 аат тыл #
Туох эмэ буолуута мөлтөөн, аҕырымнаан ылар бириэмэтэ
Нууччалыы Момент временного ослабления, спада, уменьшения, убывания чего-л
Баччаҕа тиийиэххэ, хата, үлэ-хамнас үгэнэ, кэлии-барыы быыһа буолан абыраата. А. Софронов Маҕаһыыҥҥа атыылаһааччы быыһа этэ. Софр. Данилов. Ити быыс кэм этэ: дэлэй олох тыына саҥа биллэн эрэрэ Далан
6 аат тыл #
Булт саатын ботуруонугар буораҕы доруобунньуктан араарар эбэтэр доруобунньугу сабар, боолдьохтон, хордуонтан, кумааҕыттан оҥоһуллубут кыбытык, бүө
Нууччалыы Пыж (войлочная, картонная, кожаная и т. п прокладка внутри охотничьих патронов)
Саам быыһа лейтенант иилэ быраҕыммыт плащ - палаткатыгар түһэн сиэн эрдэҕинэ, били кинини кытта кэккэлэһэн испит биригэдьиир кыыс умуруорда. Т. Сметанин Сааны сатаан иитэбин. Бэҕэһээ аҕабар көмөлөһөн, быыс уган, саайдым Н. Габышев