ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кирбии

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы граница, линия, разделяющая что-л. [Айыы Тойон] Сэттэ халлаан кирбиитигэр дьиэлээх

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

ан эмэ, тугу эмэ араарар быыс, кыраныысса (тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Граница, линия, разделяющая что-л. [Айыы Тойон] Сэттэ халлаан кирбиитигэр дьиэлээх

  • Үтүрүйсүүлээх үс сир дойду Үлүскэннээх үрдүк кирбиитигэр -- Иэйэхсит Эдьээн ийэ хотуну анаабыттар.
    П. Ойуунускай
  • Ленинградскай уонна Калининскай уобаластар кирбиилэригэр -- өстөөҕү утары хабыр хапсыһыыга сэбиэскэй буойуннар килбиэннээх хорсун быһыыны оҥорбуттара
    П. Егоров
  • Хайа арҕаһа, сис үрдэлэ. Θ Горный хребет, возвышенность, перевал. Букатын суола суох хайа кирбиитин устун тустаабычча баран истибит.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (5)
  • Сис кирбиититтэн ыла биһиги да айаннатан иһиэхпит
    Эрилик Эристиин
  • Өрүс, үрэх тардыыларын араарар арҕас, үрдэл сир. Θ Водораздел. Дьэ бу сирбит икки үрэх кирбиилэрэ, ууларын үллэстэр сирдэрэ.
    Далан
  • Икки өрүс кирбиитигэр сытар алаастары, үрэхтэр сүнньүлэрин утахтарын ханнарыахха.
    В. Титов
  • Маҥнай утаа Токо, Олоохуна өрүстэр кирбиилэригэр саарбаны ыытыы үчүгэй түмүгү биэрбэтэҕэ.
    ХС
  • Тэҥн. кындаа

2 аат тыл #

Кэм-кэрдии арахсар быыһа

Нууччалыы Временной рубеж. Үйэлэр кирбиилэрин үлүскэн буомугар үөскээбит -- Үрдүк киһи өлбүтэ

  • 20-30-с сыллар кирбиилэригэр эдэр суруйааччы бэйэтин сорох кэпсээннэригэр -- сатира кырааскатын туттара.
    ОГГ СМ
  • Кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэм. Θ Знаменательная дата. Алта уон сааһы туолуу - киһи олоҕор бэлиэ кирбии
    Кыым

3 аат тыл #

Туох эмэ үлэҕэ үрдүкү көрдөрүү, кэрдиис

Нууччалыы Высокий рубеж в достижениях

  • Өрөспүүбүлүкэҕэ -- суоппардар ортолоруттан бастакынан мөлүйүөннээх кирбиини аһары түспүтэ.
    С. Федотов
  • [Дьүөгэлиилэр] бары да кыаллыа суоҕа диэбит кирбиилэрин ылбыттара. ОТК. Бу урут хаһан да ситиһиллибэтэх үрдүк кирбии
    Кыым

4 этии #

Нууччалыы Решающий, передовой рубеж чего-л. [Чокуурап:] Саллаат инники кирбиини таптыыр

  • Инники кирбии - туох эмэ быһаарыылаах муҥутуур быыһа
    И. Гоголев
  • Михаил Иванович үгүс сыранан наука инники кирбиитигэр ыкса кэллэ.
    Н. Лугинов
  • Охсуһуу инники кирбиитигэр киирбиппит биэс хонно.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (7)
  • 2. даҕ. суолт. 1. Аһаҕас намыһах сири араара үтэн киирбит эбэтэр туора сытар. Θ Пограничная линия (или лес), разделяющая открытые, низкие местности. Сотору кирбии тыаны мүччү түһэллэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Коля бэйэтин дьонунуун -- кирбии тыаны быһа түстүлэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кирбии тумул кытыыта Киис тиҥилэҕинэн киистэлэннэ.
    С. Васильев
  • Алаас икки өттүттэн утарыта кирбии тумустаах. Багдарыын Сүлбэ. 2. Тугунан эмэ бэлиэ кэрдиис (кэм). Θ Знаменательный, событийный (момент). Бу күнү, -- олоҕун биир кирбии күнүн, кини бэрт үчүгэйдик өйдүүр. Софр. Данилов. Атааннаах кирбии кэмҥэ үөскээммин Арааһы даҕаны билбитим мин.
    ХС
  • 3. Биир субурҕа буолан сытар (хайалар). Θ Растянутые в одну линию (горы). [Аан дойду] кирбии таас хайаларынан сиксиктэммит. Саха нар. ыр. I. Таас кирбии хайалар Дьарҕаа курдук көҕөрдүлэр.
    Н. Степанов
  • // Биир субурҕанан сытар (окуопалар). Θ Рубеж (окоп). Биһиги инники сэриилэрбит өрүһү туораан, өстөөх иккис, үһүс кирбии окуопаларын ылан эрэллэр.
    Т. Сметанин
  • Ср. тюрк. кыр ‘плоскогорье, возвышенность’

«К» буукуба