Перевод с якутского
кир
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы грызть
English to gnaw
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы грызть
English to gnaw
уҥуоҕу кир грызть костьto gnaw on a bone
2 туохтуур #
Тугу эмэ кыра-кыратык ыстаан, ытыран кээрэт, кэбий
Нууччалыы Грызть что-л
Кырынаас дьааһык иһигэр орпут арыытын кирэн барар. Саха фольк Орбууһу -- хайа баттаан, эр-биир биэртэлээбитин ылан, бокуойа суох тиистэринэн кирбитинэн бардылар. Эрилик Эристиин Көтөх куобах ньылбыҥнас буутун кирэ-кирэ, Макаар Ньыыкан Кириллинтэн ыйытта Н. Габышев
3 туохтуур #
Кыра да буоллар сии сатаа, үүннэрбэккэ сиэн ис (мэччирэҥ туһунан)
Нууччалыы Выедать, не давая возможности прорасти зелени (на пастбище)
Сүөһү сайыннары биир алааһы кирэн тахсар
4 туохтуур #
Туох эмэ (хол., суол, уулусса чигдитин) кытаанах ньуурун аалан, алдьатан, суолгун хааллар
Нууччалыы Оставлять следы от полозьев на твердой поверхности зимней (санной) дороги
Уҥа түннүк аннынан суол чэрин быһа кирбит сыарҕалар тыастара утуу-субуу куугунаан кэлэн истилэр. Эрилик Эристиин Ыллыктаах сыарҕа сыҥааҕа суол чигдитин кирэр. И. Никифоров Таһаҕастаах аттар сыарҕалара -- уулусса чигди буолан чэрдийбит хаарын ыар сыҥаахтарынан кирэн, кыыгырҕаһан испиттэрэ А. Сыромятникова
5 туохтуур #
Мэлдьи аал, кэбирэт (ыарыы, ыар санаа туһунан)
Нууччалыы Постоянно беспокоить, разъедать душу, тело (о мысли, болезни)
Киһини санаа сиир, кирэр. Дьуон Дьаҥылы. Титириир ыарыы кирэн Тиэрэ тэптэ киһибитин. Э. Потье (тылб.)
6 туохтуур #
сөбүлээб. Кири-хоҕу ыраастаа, кирдээх үлэни оҥор
Нууччалыы Убирать нечистоты, выполнять грязную работу. [Былаас:] Кинээс Дьаакып хотонун сааҕын кирэргин суохтаатаҕыҥ буолуо
Оҕом үлэһит киһи буоллаҕына, мин ыал кирин-хоҕун кирэн сордонуо суох этим. Н. Якутскай Ср. тюрк. кемир, алт. керт ‘грызть’
7 аат тыл #
Тугу эмэ марайдыыр, туохха эмэ биһиллэр, олорон хаалар хох, кирээс
Нууччалыы Грязь, нечистота. [Ийэтин] тууйаһын кирин ыраастыыр дии санаабыта
Сирэйэ бүтүннүү түү, иэдэһин кирэ тооронон түһэр. Күннүк Уурастыырап Кини кир диэни билбэтэх көстүүмнээх
Н. Лугинов
8 аат тыл #
Куһаҕан, мөкү, быртах быһыы
Нууччалыы Безнравственность, нечестный поступок, грязь. [Ат] Кир сыстыа диэн, Килбиэннэммит эбит, Хом хонуо диэн Дуйдаммыт эбит
Ол иһин хоп кириттэн Куттаммаппын букатын. И. Гоголев Бэйэ билтин суруйар Мэҥ, кир буолбат суобаскар. Р. Баҕатаайыскай Тюрк. кир
9 этии #
Киргэ тэбис - кими эмэ сымыйанан холуннар Эн миигин киргэ тэпсибитиҥ. Л. Толстой (тылб.)
Нууччалыы Несправедливо обвинить, оклеветать кого-л., втоптать в грязь