Перевод с якутского
мат
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы мат
English checkmate, mate
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы мат
English checkmate, mate
мат биэр поставить матto declare checkmate
2 аат тыл #
Нууччалыы коврик
English mat
гимнастическай мат гимнастический матa gymnastics mat
3 туохтуур #
Нууччалыы терять
English (with abl.) to be deprived of, to lose
астан мат лишиться едыto be deprived of food хараххыттан мат потерять зрениеto lose one's sight
4 туохтуур #
Туохха эмэ тииһиммэккэ хаал, туохтан эмэттэн мэлий
Нууччалыы Быть обделенным, лишиться чего-л
Астан маппыт. Билиэттэн маппыт. Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат (өс хоһ.). "Биирдэ эмэ эрдэ кэлэн ынахтарбын үчүгэй аһылыктаах сиргэ мэччиппэккин. Бу сайылыкка арай мин эрэ үүттэн маттым," - Аана оҕонньорун кынчарыйда. М. Доҕордуурап Остолобуойга бэрт эрдэттэн уочараттаабыт пассажирдар ас ордубутугар тиксэллэр. Сорохтор адьас да матан хаалаллар Кыым
5 туохтуур #
Кими, тугу эмэни букатыннаахтык сүтэр, мэлит
Нууччалыы Лишаться кого-чего-л., потерять. [Мэхээс оҕонньор:] Суос-соҕотох оҕобуттан матыам кэриэтин, тыыннаахтыы көрө көтүтэн мэлитиэм кэриэтин, дууһабын таҥара харайбатын
[Дьэкиим:] Туох айыыбар-буруйбар бу айылаах буолламый? Икки киһиттэн биирдэ матар күнүм кэллэҕэ. А. Софронов [Валерий Чепалов аҕата] 1942 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, үс сыл сэриилэһэн, Польшаҕа тиийэн хаҥас илиититтэн матан, төннөн кэлбитэ Н. Габышев
6 этии #
Көрө мат - туох да көмөлөһөр кыаҕа суох буолан туран хаал, кими-тугу эмэ тутан туран сүтэр, мэлит Оҕобуттан көрө матан хаалыам буоллаҕа. Сэриигэ баран киһи буолуо дуо?! П. Ойуунускай. Соҕотох уолуттан көрө маппыт хара соругар Лэглээр оҕонньор "санаата оонньоон", кыһыны туоруур атах аҥаара этин киллэрэн бүтүннүү үлтү сабаан кэбиспит эбит. Амма Аччыгыйа.
Нууччалыы Потерять, лишиться кого-чего-л. на собственных глазах, не имея возможности спасти, вмешаться в ситуацию. [Алааппыйа эмээхсин:] Һуу... тугун сүрүкэтэй
Этиилэр
Күн сырдыгыттан (сириттэн) мат көр күн
[Эмээхсин:] Күн сырдыгыттан матан -- бүгүн-сарсын өлөөрү хардыргыы сылдьар сордоохпун. А. Софронов. Бу күн сырдыгыттан матар ынырыга бэрт. Н. Габышев. 1776 оҕоттон 390 оккураҥ, ыарытыган оҕо төрөөн бараннар, олох кыра саастарыгар күн сириттэн маппыттара. ПДИ КК. Өйүттэн матта - ыалдьан өйгүн сүтэр, өй-мэй буол.
Находиться в бреду, в бессознательном состоянии в результате тяжёлой болезни, потерять сознание.
Киһилэрэ күнү быһа уотунан умайда, үлүгүнэйдэ, өйүттэн матта.
Л. ТолстойКэмниэ кэнэҕэс уолларын өйүттэн матан сытарын истиэп иһиттэн буланнар эмиэ иитэ аҕалаллар.
М. Лермонтов
Өссө холобурдар (5)
Тылгыттан (саҥаҕыттан) мат - 1) кыайан саҥарбат буол (улаханнык ыалдьан, соһуйан, санаарҕаан). Лишиться речи (вследствие тяжёлой болезни, испуга, печали). Күкүргэ төрөөн, сыыстаран даҕаны, Өксүүнньэ тылыттан матан, хараҕын муҥунан көрөн, өйө суох уонча хонукка сыппыта. Л. Попов Харатаайап кулуба уолуйан, тылыттан матан, таҥара холоругун диэки эргиллибитэ. Н. Якутскай Дьорҕоот саҥатыттан матан, санаарҕаан, өрүтэ тыынан ылар. Н. Заболоцкай; 2) сатаан саҥарар кыаҕа суох буол (кыыһыран, килбигийэн). Лишиться дара речи (в приступе гнева, от смущения). Никита [кыыһы көрсүбүтэ] соһуччута бэрдиттэн өмүттэн хаалан, балачча саҥатыттан матан турда.
Н. ЛугиновСуоҕугар бүтэйдии ахтабын, Баарыгар тылбыттан матабын. С. Данилов Кинээс кыыһыран тылыттан матан хаалан баран, эмискэ өрө бабыгырыы түстэ. Н. Заболоцкай