ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыайтар

туохтуур

Нууччалыы быть побежденным, терпеть поражение

English (with dat.) to be overcome

1 туохтуур #

Кимиэхэ, туохха эмэ күүс өттүнэн баһыйтар, хоттор

Нууччалыы Быть побежденным, терпеть поражение

  • Баай Хара-Хаан уола Олоон-Долооннуун охсуһан киирэн барбыттар. Уол модьу буолан кыайтарбатах.
    Суорун Омоллоон
  • Ким эрэ кыайтаран, кыыһыран буугунуур, ким эрэ өрөгөйдөөн, күлэн алларастыыр.
    Н. Лугинов
  • Наар быраҕа, охторо сатаабыт да, Уйбаана кыайтарбатах
    И. Бочкарев

2 туохтуур #

Кыалын, табылын, туох да мэһэйэ суох оҥоһуллар кыахтан

Нууччалыы Поддаваться; быть осиленным, преодоленным (о трудностях)

  • Биһиги кэнчээрини оттуохтааҕар, олохтоох ходуһаларбыт саамай чээрэлэрин да тала сылдьан биирдиитэ оттуурбут ситэ кыайтарбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһим кэлэн тааһы тардыалаан көрдө. Улахан күрбэ таас эбит, арай төһүүлээтэххэ кыайтарар дуу, суох дуу.
    Т. Сметанин
  • Олох кыайтарыа суоҕа. Оннооҕор ол-бу үлэҕит кыайтарбат
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Төһө да кыһалла, кыатана сатаабытыҥ иһин кыаллыбат, табыллыбат (үксүн буолб. ф-ҕа тут-лар). Θ Не совладать, не справиться с чем-л. (напр., со слезами), не получаться, не выходить (о намерении). Харахпыттан бөдөҥ таммахтар миэхэ кыайтарбакка бычалыйан тахсан, быыстала суох субуруйан барбыттара.
    И. Гоголев
  • Кини кытаанахтык, тыйыстык тутта сатыыр даҕаны, онто кыайтарбат.
    Н. Габышев
  • Бачча аска түбэспит киһи, иһиппин толороору, кытаахтаһа сатаан кэбистим - кыайтарбата
    Сэмээр Баһылай

«К» буукуба