Перевод с якутского
бэрин
туохтуур
Нууччалыы повиниться, подчиняться; покоряться кому-л
English to obey, to submit to
1 туохтуур #
Ким эмэ бирикээһин, сорудаҕын мөккүөрэ суох толор; ким эмэ этиититтэн, тылыттан тахсыма, иннигин биэр, сөбүлэс
Нууччалыы Повиниться, подчиняться; покоряться кому-л
Онон, [Манчаарыны] туохха да бас бэриммэт, тугу да тулуппат, бары сокуону утарар дьиҥнээх ороспуойунан аахпыттар. МНН. Көлөөк, бэриммит дии диэмэҥ - Охпун ыһыкта иликпин. Кыыһаллар, уоста иликтэр Сааскы сарыаллар мин түөспэр. С. Данилов Ийэ. Төрөппүт ийэ. Күн-күбэй ийэ. Ити тылы иэрийэ-иэрийэ Ытаан, бу сиргэ түспүппүт Ити тылга бэринэ, сүгүрүйэ, Ыллаан, күнү көрбүппүт И. Федосеев
2 туохтуур #
Бэйэни кыайтарбытынан ааҕан, утарылаһыыны тохтотон, өстөөх дьаһалыгар киир
Нууччалыы Сдаться (в плен)
Фашист кыыл уорааннаах уораҕайа - Берлин куорат бэриннэ. Биһиги Кыһыл Аармыйабытыгар кини, сиргэ тиийэ сүгүрүйэн, сөһүргэстии түстэ. Амма Аччыгыйа Онуоха Чүөчээски суос-соҕотохто тура эккирээбитэ: “Бэрин!”- диэбитинэн Түүлээх уллуҥаҕы кулгаах тааска пугааһынан ытан дөйүппүтэ.
Суорун Омоллоон“Бэринэбин, бэринэбин!”- диир саҥалар иһилиннилэр С. Васильев
3 туохтуур #
Туохха эмэ өйү-санааны, кыһамньыны, олоҕу анаа, уур
Нууччалыы Предаваться (целиком отдаться чему-л.)
Дьиҥнээхтик өйдүүн-санаалыын бэринэн туран наука интэриэһинэн олоруу, үлэ умсулҕаныгар ылларыы диэни киниттэн билбитэ.
Н. ЛугиновОо, Володя, Володюшка! Ким тэҥнээҕий киниэхэ? Мунчаарбат бэл хаайыыга! Кини курдук идиэйэҕэ, Сүҥкэн-сүдү сорукка Муҥура суох бэриниэххэ! П. Тобуруокап Петр Гермогенович пианиноҕа олорон, куруутун буоларын курдук, “Ый сонататыттан” саҕалыыра. Кини улаханнык бэринэн туран оонньуура. Ю. Чернов (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
биэр диэнтэн бэй. туһ. [Уолаттар] хас биирдиилэрэ бэйэтигэр: “Оттон мин?”, “Мин аналым туохханый?”- диэн баччааҥҥа диэри тоҕо эрэ тумнулла сылдьыбыт боппуруоһу бэриннэ.
Н. ЛугиновОнно мин андаҕар бэриммитим Кырдьык кырыыһы ылыммакка, Эдэрим эрэлин сүтэрбиттик Эр санаалаахтык кырдьарга. С. Данилов Көлөпүнэ мин буор буолан турбуппун көрөн иччилээх хатан үлүгэрдик күлэн алларастаата, өттүккэ бэриннэ, сис туттунна. Н. Заболоцкай