Перевод с якутского
кыай
туохтуур
Нууччалыы побеждать; преуспевать; преодолевать; уничтожать
English win, succeed, overcome, conquer, destroy
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Нууччалыы побеждать; преуспевать; преодолевать; уничтожать
English win, succeed, overcome, conquer, destroy
2 туохтуур #
Сэриигэ, күөн көрсүһүүгэ, охсуһарга утарылаһааччыгын (өстөөххүн) үлтүрүт, хот
Нууччалыы Одержать победу над противником в битве, войне при полном его поражении. [Уот Уһутаакы - Ньургун Боотурга:] Кыайарын кыайдыҥ да, Кыһыылаахтык кыайдыҥ, Хоторун хоттуҥ да, Хомолтолоохтук хоттуҥ
Биһиги өстөөҕү кыайыахпыт, дьоллоох күҥҥэ тиийиэхпит. Т. Сметанин Маныаха нуучча сэриитэ буорахтаах саанан, сибиниэс буулдьанан ытыалаан, өлөртөөн, кырган кыайаллар Саха фольк Ханнык эмэ күрэххэ (куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ о. д. а.) күрэхтэһээччиҥ иннигэр түс, кинини баһый. Θ Одержать победу над соперником в каком-л. состязании (соревнованиях, конкурсах и. т. д.). Мас тардыһыытыгар үксүгэр ордук күүстээҕэ буолбатах, ордук тулуурдааҕа кыайар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
[Сынаҕы Баай:] Күөн көрсөн, күрэх былдьаһан Кыайдаххытына биирдэ арбанаарыҥ. И. Гоголев Кырдьык, кини эппитин курдук, Роман Дмитриев Джавадины астыктык кыайар И. Федосеев
3 туохтуур #
Доруобуйаҥ, күүһүҥ, өйүҥ-санааҥ хоторунан тугу эмэ оҥорор, толорор кыахтан
Нууччалыы Осилить, одолеть что-л., справиться с чем-л. [Дуолан Хара:] Баҕар, олох олоруох, үтүөрүөх Баҕа санаам күүһэ бэрт буолан Ыар ыарыыны кытта күн, түүн Харса суох харсан кыайбыта буолуо
Кини, оҕо эрдэҕиттэн атаҕынан чэпчэки буолан, кыылы эккирэтиһиигэ сырыытын кыайар. С. Никифоров Бары күүстэрин, сатабылларын уонна билиилэрин холбоон кытаанахтары кыайаллар, кыайыыттан кыайыыны ситиһэллэр И. Данилов Хоргуйан, сылайан, кыайан хаампат буолан хаалла. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Туран куотуохпун, өттүгүм ыарыыта кыайан сүүрдүө суох. Н. Якутскай Балтараа Баһылай тугу эрэ этиэх курдук иннин диэки дьүккүк гынан баран, кыайан саҥарбакка тохтоон хаалла. А. Бэрияк Тюрк. кый
4 туохтуур #
Араас ыарахаттары, моһоллору туораан, олортон хотуулаах таҕыс, тугу эмэ туруулаһан, дьүккүһэн ситис
Нууччалыы Добиться успеха в чем-л; преодолеть, пересилить, осилить, справиться с чем-л
Күүһүм кыайара буоллар, бэйэм да иэстэһиэм этэ. Амма Аччыгыйа [Учууталым тылларын өйдөөтөхпүнэ] санаабыппын барытын ситиэх, баҕарбыппын бүтүннүү кыайыах курдук сананабын.
Н. Лугинов[Маня:] Катя, мин быһыыта сатаан ыанньыксыт буолуо суохпун. Кыайбатым, сатаабатым бэрт С. Ефремов
5 туохтуур #
Икки утарылаһар өрүттэр (кылаастар эбэтэр ханнык эмэ идея иһин охсуһааччылар) утарсыыларын түмүгэр (биир өрүт) хотуулаах тахсан өрөгөйдөө, тарҕан, сайын
Нууччалыы Одержать, взять верх над классовым или идейным противником. [Василий Петров:] Өрөбөлүүссүйэ букатын бүтэ илик, биитэр баай кылааһа кыайыахтаах, биитэр үлэһит кылааһа кыайыахтаах
Мачча саҥара сытта: Син биир Сэбиэскэй былаас кыайыа: Ытыҥ, Өлөрүҥ! Н. Габышев Социализм аан бастаан биир дойдуга - Сэбиэскэй Сойууска кыайбыта. ПЭ
6 туохтуур #
Кими эмэ буруйдаан кэһэт, хот, самнары баттаа
Нууччалыы Заклеймить, осудить; проучить кого-л
Этиспит дьон кинини ол Дарыбыан Кулуба кыыһыгар сирдэрбит сорунан үөҕэн кыайаллар. Амма Аччыгыйа Үнүрүүн уопсай мунньахха Ганя дьэ Кешаны кыайда. Адьас үлтү этэн кэбистэ. С. Васильев Ити буоллаҕына кини [Таня] ынахтарын соруйан халтаҥ сиргэ быыһаан мэччитиэм уонна миигин үҥсэн кыайа сылдьыа! М. Доҕордуурап
7 туохтуур #
Туохха эмэ мэһэй, харгыс буол, табыгаһа суох балаһыанньаҕа киллэр
Нууччалыы Причинять неудобство кому-л., ставить кого-л. в неудобное положение
Ити айылаах буолбут атаххын этэрбэһиҥ да хоччорхойо ыга тутан кыайыыһы. Эрилик Эристиин Улахан да сиэх сүөһүтэ түбүлээн... Аҕыйах оппутун күрүөһүлээн дьэ кыайда.
КүндэСалгыы үөрэниэххин тиийиммэт кыһалҕата кыайдаҕа дии! Дьэ абалаах суол М. Доҕордуурап
8 туохтуур #
Ханнык эмэ кэриҥҥэ, кээмэйгэ тиийэр-тиийбэт буол (үксүн буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Чуть не достигать, не доходить до какого-л. предела в объеме, размере, возрасте, расстоянии и т. д
Ити Марха сэлиэнньэтэ... Итинтэн куорат көһү кыайбат сиргэ баар. Н. Якутскай Андриан Корнилов саҥардыы "көнөн" эрэр, сүүрбэччэни кыайбат сүөһүлээх, орто ыал. М. Доҕордуурап Эмискэ күөгүбүт быата чиккэҥнии түстэ. Байбал миэтэрэни эрэ кыайбат усталаах балыгы мөҕүһүннэрбитинэн соһон таһаарда И. Никифоров
9 туохтуур #
Элбэҕи бултаа, хомуй
Нууччалыы Добыть на охоте много дичи, собрать большой урожай
Миитэрэй андаатары кыайбыт, онон былаанын толороору санаата көтөҕүллүбүт этэ. Далан Кинилэр [эһэлэр] үрэххэ бастаан киирдэхтэрин түүн хаптаҕаһы кыайдылар. Р. Кулаковскай "Дьэ Киргиэлэй оҕонньор булду кыайдаҕа," - диэн бэрэссэдээтэл булгуччу эрэнэн олорор ХС
Өссө холобурдар (3)
Хото тут; суох гын (кыдьык, дьаллык туһунан). Θ Расправиться с кем-чем-л., уничтожить физически; преодолеть, искоренить дурную привычку. Сүөһү кыдьыгын хайдах кыайабыт? М. Доҕордуурап Ити Андрюшканы түрмэҕэ олус да сынньан кыайдылар. Эрилик Эристиин "Ооһу-у, Махсыым оонньообут тиитин [чаҕылҕан] кыайбыт ээ! " - диэн оҕонньор саҥа аллайа түстэ Р. Кулаковскай
10 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ан сыһыат туохтуур форматыгар атын туохтууру кытта туттуллан хайааһын толоруллар кыаҕа суоҕун көрдөрөр
Нууччалыы В форме деепричастия на -ан в сочетании с финитными глаголами в отрицательной форме указывает на несостоятельность действия, выраженного финитным глаголом
11 этии #
Нууччалыы Превосходить силой, умом, держать кого-л. в строгости, в узде
Кыайа тут - 1) күүскүнэн, өйгүнэн, тылгынан-өскүнэн баһый Суох, кыыстаах кэргэнин кыайа туттаҕына сатаныыһы. Туох аатай, наһаа көҥүллэринэн баран эрэллэр. Н. Якутскай Күүстэринэн Бэрт Хара чахчы кыайа тутар эбит буолан баран, Тиэтэйбит халбархайынан Бэрт Хараны тарбаҕын төбөтүнэн сири таарыттарда. "Чолбон"; 2) Тугу эмэ сатаан толор, гын. Θ Осилить что-л. справиться с чем-л. Хас нүөмэр аайы биһиги ырыаны-хоһоону кыайа тутан хаһыакка бэрт үгүстүк таһаарар этибит. ПНИ ОСОТ