ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бараа

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы уничтожать, истреблять кого-что-л

English to destroy, exterminate

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

Тугу эмэни кырган, кыдыйан суох оҥорон кэбис, эс

Нууччалыы Уничтожать, истреблять кого-что-л

  • Тойон үөрэ торҕоттор Баандаларын бараары Туруннубут доҕоттоор! Баттаммыты быыһаары Ыстыыктары ыллыбыт. Эллэй. Сайын устата оҕолор чугастааҕы бурдук бааһынатын тулатыгар баар моҕотойдору бултаан бараабыттара
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

Харса суох туттан бүтэрэн кэбис, суох гын (хол., харчыны, баайы)

Нууччалыы Безрассудно расходовать, растранжирить (напр., деньги, состояние)

  • Уларыйыам диэн уугун бараама, барыам диэн маскын бараама (өс хоһ.). Айанныыргар аһы, бараргар маһы бараама (өс хоһ.). Мин аҕам балтараа сүүс сүөһүлээх этэ. Барытын бараабытым. Билигин балтараа ытым да суох.
    Амма Аччыгыйа
  • “Уолгун буой кумааҕытын бараата”, - диэн баран ийэтэ Ефим ойууларын остуолга аҕалан үллэччи ууран кэбистэ
    А. Сыромятникова

3 туохтуур #

Күнү-дьылы сүтэр, бириэмэни ыыт (үксүгэр туһата суох, халтайга)

Нууччалыы Тратить время на что-л. (обычно зря, непродуктивно)

  • Ньургуһун уонна Лоокуут сааскы ылааҥы күннэри борооскулары миинэ сатыырга барыыллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Мутугунан быраҕар Муҥур кылгас үйэҕин Көдьүүһэ суох ыытаҕын Көргө-нарга барыыгын.
    Баал Хабырыыс
  • Оҕонньоро көрүдьүөстээх тылларынан күнүн-дьылын бараан кэлбит
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Хайа эмэ сиргэ баһыттан атаҕар диэри сырыт, кэрийэн бүтэр

Нууччалыы Обходить, объездить вдоль и поперек какую-л. территорию, побывав во всех ее уголках

  • Хата, эйигин көрдөөн сири-дойдуну бараатым дии.
    Н. Заболоцкай
  • Учуутал И. Гаврильев илиитигэр фотоаппараттаах республика оройуоннарын барытын бараабыт.
    ЭК
  • Булду эккирэтэммин араас бадарааны-дьэбэрэни, хонууну-сири барыыр этим. “
    Кыым

5 этии #

Этиилэр

Хаһыат (хаһыат-хаһыат) сирэйин бараа көр хаһыат

  • Арай аҕыйах сыллааҕыта икки үрүҥ эһэ Орто Халымаҕа мэнээктээннэр, айдаан бөҕөнү тардыбыттара хаһыат сирэйин бараабыттара.
    И. Федосеев
  • Сопхуос дириэктэрэ Даллаҥныырап саҕалаабыт бачыымын туһунан суруйан хаһыат-хаһыат сирэйин бараата.
    В. Ойуурускай
Өссө холобурдар (1)
  • Холкуос аатырда, хаһыат сирэйин бараата, араадьыйанан хайҕанна. Г. Нынныров
II

6 аат тыл #

Ким эмэ тэҥ саастыылааҕа (тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы Человек одинакового возраста с кем-л, сверстник (обычно употр. в притяж. ф.)

  • Тогойкин ыраахтан көрөн эрэ билэр киһитэ, сааһынан аҕатын бараата Маркин эҕэрдэлээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Завуч Захар Алексеевич сааһынан эмиэ дириэктэр бараата киһи.
    Н. Лугинов
  • [Өрүүсэ] оҕолору тула көрдө. Бука бары кини бараата саастаахтар быһыылаах
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Атын кимиэхэ-туохха эмэ тугунан эмэ тэҥ, маарынныыр ким-туох эмэ. Θ Кто-что-л., равный другому, равноценный с другим; ровня. [Маарыйа] син бэйэтин барааларын булан, таҥара да дьиэтэ буоллар, ынаҕы ыйыталаһар, оҕону сураһар. Бэс Дьарааһын. Кугасчаан [кунан аата] бэйэтин барааларыгар мордьойон, лобуй курдук атаҕын туомунан буору хаһа-хаһа, күрдьүөттүүр үгэстээх
    Н. Заболоцкай

7 этии #

Бараа хара быччыҥнаах фольк. - тиити үөрэҕэстээбит курдук суон, модун быччыҥнардаах (бухатыыр туһунан) Мин уолум бараа хара быччыҥнаах, халыҥ ньыгыл баппаҕайдаах, күүстээххэ көрүҥнээх, быһыйга быһыылаах, бухатыырга холобурдаах киһи буолуо дии саныыбын. Ньургун Боотур. Бараа быччыҥнаах, Ньыгыл борбуйдаах [бухатыыр киһи]. Суорун Омоллоон.

Нууччалыы С мускулами, подобными обрубкам большого дерева (обычно о богатыре)

Этиилэр

Күө-бараа көр күө-дьаа

  • Субуруччу тардыллыбыт хас да остуоллаах хоско түөрт киһи төбүрүөннээн олорон тугу эрэ күө-бараа кэпсэтэллэр. Софр. Данилов. Уолаттар күө-бараа кэпсэтэ олороллор.
    ХС

Үс бараа хара күлүк көр күлүк

  • Аан-Алахчын хотуну Үс бараа хара күлүгэр Үҥэн-сүктэн тураннар, Алгыс этитэн, Аартык тэлэттэрэн Алаһа бараан дьиэлэриттэн Аттаналлара эбитэ үһү.
    П. Ойуунускай
  • Дьэ, бу убаккайбыт! [Ньургун Боотур] Эйиэхэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэ, Хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйа Үс бараа хара күлүккэр Үҥэн сүөдэлдьийэн эрэбин. Ньургун Боотур. Аар тайҕа Аарыма кырдьаҕаһа, Хара тыа халыҥ кыыла Хагдаҥ эһэ-тойон эһэм, Үс хара бараа күлүккэр Сүгүрүйдэҕим буоллун! Н. Ефремов

«Б» буукуба