Перевод с якутского
күлүк
аат тыл
Нууччалыы теневая сторона, тень
English shadow
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туох эмэ улаҕата, күн эбэтэр сырдык тыкпат өттө
Нууччалыы Теневая сторона, тень
Көхсүм кыараан ыксааммын биир охтубут тиит сыгынаҕын күлүгэр тиийэн сыттым да, утуйан хааллым. Н. Неустроев Оҕо ол от күлүгэр тиийэн олоро түһүөн баҕара истэ.
Суорун ОмоллоонМаша, бэс чагда быыһыгар тахсан, күлүккэ күөх от үрдүгэр Пушкин "Дубровскайын" ааҕа олорбута М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Туохха эмэ сырдык тыктаҕына, нөҥүө өттүгэр бэйэтин быһыыта түһэн харааран көстөрө
Нууччалыы Темное отражение на чем-л., тень
Күөлгэ киирэн, күлүкпүн көрүнэн баран, бэйэбиттэн бэйэм сонньуйдум. Т. Сметанин Улуу хайа Улан Ходо Күлүгэ ууга түһэн, мэктиэтигэр өҕүллэҥнии-өҕүллэҥнии, өрүтэ эккирии сытта. Эрилик Эристиин Бу чүөмпэлэргэ кытарымтыйа тунаарар лабаалардаах хахыйах мастар күлүктэрэ көстөн турара
Күндэ
3 аат тыл #
Чуолкайа суох барыаран көстөр киһи барыла
Нууччалыы Неясное в темноте очертание фигуры человека, животного, предмета; силуэт
Өстөөх диэкиттэн үс хара күлүк хаҥас өттүбүттэн хаама-үөмэ былаастаан биһиги дьоммут диэки ааһан эрэр. Т. Сметанин Дьиэ таһыгар сыарҕа тыаһа оргууй соҕус күүһүргээн иһилиннэ уонна уҥа түннүктэринэн күлүк элэҥнээн ааста. Эрилик Эристиин Кыым хотоолго тыаһа суох дьылыйа сыттаҕына, эмискэ иннигэр адьас чугас икки хара күлүк бэрис гынар С. Никифоров
4 аат тыл #
Ким эрэ мөссүөнүн, дьүһүнүн ойуута, көстүүтэ
Нууччалыы Образ, изображение кого-л
Уҥа муннукка остуол, үөһээ муннукка таҥара күлүктэрэ бааллар.
КүндэХаҥас өттүгэр көмүрүө куоластаах хуор дьоно таҥара күлүгүн көтөҕөн тураллар. П. Филиппов Бааллар манна сэрии фронугар геройдуу охтубут буойуннар ытык күлүктэрэ, бааллар билигин сиэннэрин биэбэйдиир үлэ, охсуһуу бэтэрээннэрин кэрэ хаартыскалара. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. күлэгэ, көлэгэ 'тень'
5 этии #
Нууччалыы Оставлять на бобах, одурачивать (букв. заставляет обнять свою тень)
Күлүгүн быһа хаампат - иннин быһа хаампат диэн курдук (көр илин I). [Сатараал:] Аны күлүккүн быһа хаамыам суоҕа.
Суорун ОмоллоонЭйигин күлүккүн да быһа хаампыт айыыта суох ини. М. Доҕордуурап [Уулаах] көннөрү кэмигэр Доодороп күлүгүн быһа хаампат. ХС
Өссө холобурдар (11)
Күлүгүн куустарар - дэҥ үктэтэр, албынныыр Күлүгүн харбатар - араас албаһы туттан куотунар; таба ылларбат, туттарбат. Θ Уклоняться от чего-л., прибегнув к хитростям, уловкам; уворачиваться, увиливать. Күлүгүн харбатарын дьэ сатыыр киһи. Табаһыт эбээннэр, -- хайдах да кэтэһэн, албыннаан саа сыалыгар чугаһаппатахтара, бөрө наар күлүгүн харбата сылдьыбыта. Н. Заболоцкай Күлүгэр өксөйбүт күтүр - наһаа ымсыы, иҥсэлээх киһи. Θ Очень жадный, алчный человек. Күлүгэр өксөйбүт күтүрү кытта тыл аахсыма. Күлүгэ суох киһи кэпс. - хаһан кэлбитэ-барбыта биллибэт түөкүн, албын киһи. Θ Мошенник, плут. Күлүгэ хараарбыт түөлбэ. - 1) өлөрө чугаһаабыт. Θ Ему осталось недолго жить, на нем печать смерти. Ол эрэйдээх күлүгэ хараарбыт; 2) киһини өлөрөн ыар көрүҥнэммит. Θ Содеянное (напр., убийство, тяжкое преступление), оставило на нем свой мрачный след (букв. его тень почернела). "Хата, Тыыннааҕы быстахпына, Тыыным ыарыа, Күлүгүм хараарыа, Таҥараҕа да айыы буолуо", - диэн Саныырбын кытта, Илиим тардан кэбистэ. А. Софронов Күлүгэ эрэ сылдьар - ыалдьан дуу, санаарҕаан дуу көҥдөй бэйэтэ эрэ сылдьар. Θ Бродить тенью (из-за болезни или горя). Оскуолабын бүтэрэр банкекка күлүгүм эрэ сылдьан баран, сарсыарданан дьиэбэр кэлиибэр Бүөккэ миэхэ утары тиийэн кэлбитэ. Н. Босиков Күлүк киһи - дьаарай түөкүн, албын-көдьүн киһи. Θ Отъявленный плут, пройдоха, шельма. Күлүккэр имнэн - дьон билбэтинэн сэмээр үөрэ санаар. Θ Тихо радоваться, не выказывая своей радости (букв. подмигивать своей тени). Күтүөт уонна кылын хара санаалара туолара чугаһаан, күлүктэригэр имнэнэллэр. Ф. Софронов Чэ-чэ, ээх. Хата, бэйэбин кулаак оҥорботулар диэн күлүккэр имнэммэккин эбээт.
КүндэКим тугу да диэбэккэ, истибэтэх кулгаах буоллулар, оҕонньордоох эмээхсин күлүктэригэр имнэнэн кэбистилэр. ХС Күлүккэр тут - тугу эмэ кимтэн эмэ кистээ, саһыар. Θ Прятать, скрывать что-л. (букв. держать в тени своей). Күлүк (күлүктэ) түһэр - кими эмэ туох эрэ куһаҕаҥҥа уорбалаа. Θ Бросить тень на кого-л., дать повод подозревать кого-л. в чем-л. неблаговидном. Толкуйдаан көрдөҕүнэ, Огдооччуйа эмээхсин үтүө аатыгар күлүгү кинилэр баччааҥҥа диэри түһэрдилэр эбээт. И. Гоголев Аҥаардастыы, үрдүттэн күтүрээн, күлүк түһэрэр табыллыбат. М. Попов Арыгыны тиэйэн аҕалбыт дьоҥҥо күлүк түспүтэ, улахан суолталаах уоруу таҕыста диэн милииссийэҕэ тыллабыр киирбитэ. ХС күлүгэр үҥк - таҥара курдук улаханнык ытыктаа, сүгүрүй (букв. кланяться его тени). Θ Благоговеть, преклоняться перед кем-л. как перед богом. Күннэри-түүннэри күлүмнүү Күтүр манньабын хаһан эрэ Күлүкпэр үҥэн, күлбэр ууран, Махтал этэн мах гыннарар, Мах гынар маҥалайбын толорор? Ньургун Боотур. Ньургун Боотур диэн Илэ Бэйэбинэн кэлэммин, Үс бараа хара күлүккэр Үҥэн-сүктэн сүөдэлдьийэн эрэбин. П. Ойуунускай
6 этии #
Күлүк көрүнүү - оҕо оонньуута - икки оонньооччу утарыта турар: биирдэрэ күлүк көрүнээччи буолан араастаан хамнанар, атына күлүк буолан, кинини үтүктэн иһиэхтээх. Сыыһа үтүктүбүт "күлүк" оонньууттан туоруур "Тень" безошибочно должна повторять движения первого игрока. При малейшей неточности "тень" уступает место очередному участнику игры. [Күлүк көрүнүүгэ] икки киһи оонньуур. ВПК СО
Нууччалыы Детская игра - два игрока стоят друг против друга: один из них изображает тень другого