Перевод с якутского
күлүм
аат тыл
Нууччалыы сияние; отражение; блеск
English radiance, reflection, shine, sparkle
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы сияние; отражение; блеск
English radiance, reflection, shine, sparkle
көмүс күлүмэ блеск золотаthe luster of gold күн күлүмэ сияние солнцаthe radiance of the sun
2 аат тыл #
Туох эмэ чаҕылхай сыдьаайа, эмискэ сырдаан көстүүтэ
Нууччалыы Блеск, отблеск, сияние, сверкание; вспышка
Күммүт күндэлэс күлүмэ, Күөҕүм күөгэл нарына, Сардаҥа сытыы тырыма - Баар эйиэхэ барыта. И. Эртюков Хаар күлүмүттэн харах саатар ХС
3 аат тыл #
Кылгас кэм иһигэр эмискэ сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрэн ылыы
Нууччалыы Ослепительная улыбка; блеск, сияние глаз
Катя соторутааҕыта ытаан саппаҕырбыт сирэйигэр хайыы-үйэ үөрүү эрэ күлүмэ өрөгөйдөөбүтэ.
Н. ЛугиновХойуу хара хаастаах хараҕа эчи күлүмүн! Н. Габышев Таптыыбын оҕо чуораан күлүүтүн, Үөрбүт харах сырдык күлүмүн, Ол иһин бэйэм куоласпын Биэрэбин норуот талар талыы дьонугар. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. күлүм 'смех'
4 этии #
Нууччалыы Обрадовавшись чему-л. неожиданно расплыться в улыбке, засмеяться непроизвольно
Күлүм аллай - соһуччу улаханнык үөрэн, эмискэ ымай Аан дойдум иччитэ, иһит! Аһаан-сиэн асхарый, чалҕарый! Күлүм аллай! Эһэм аһаа! Далан [Хобороос] кыыстыы тэтэркэй имнээх төгүрүк сирэйэ кэтирээн, дьолломмуттуу күлүм аллайбыт. А. Бэрияк "Эҕэрдэлиибин!" - саха уола эйэҕэстик мичээрдээн күлүм аллайда. "ХС"
5 этии #
Нууччалыы Внезапно вспыхнуть сиянием, воспламениться; сверкнуть
Күлүм гын - 1) сүр чаҕылхайдык эмискэ сырдаан, умайан ыл Ыарахан атах тыаһа кылаас ааныгар лиһиргэйдээн тиийдэ, испиискэ уота күлүм гынна. Амма Аччыгыйа Түүҥҥү чаҕылҕан дуу, туох эрэ атын уот дуу күлүм гынан, барытын сырдатан баран, умуллан хаалар. Суорун Омоллоон; 2) көсп. Эмискэ өйдүү түс. Θ Неожиданно вспомнить, ясно понимать что-л. Өйүгэр нолуокпун ирдии кэллэхтэрэ диэн санаа күлүм гынна. И. Федосеев