Перевод с якутского
дьаралык
аат тыл
Нууччалыы ярлык.
English yarligh, jarlig
1 аат тыл #
Табаар аата суруллубут, килиэймэлээх, ону таһынан туох эмэ анал бэлиэтээһиннэрдээх кумааҕы лоскуйа
Нууччалыы Ярлык. Табаар дьаралыга. Тореадор атаҕын анныгар үрүҥ сап аҥара үрэллибит сүүнэ мотуога сытар, дьаралыгар "N 40" диэн ырылыччы көстөр. М. Шолохов (тылб.)
2 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ үксүгэр мөлтөх хаачыстыбатынан сыана быһар кылгас бэргэн этии
Нууччалыы Краткая характеристика, оценка (обычно отрицательная) кого-чего-л., ярлык
Манна Ойуунускай, оччотооҕуга полемика үгэһинэн, Күндэлээх Эллэйгэ "кыһыллыҥы", "кытархайдыҥы" диэн дьаралык биэртэлээн барар.
П. ОйуунускайӨктөөбүр иннинэ баайынан Нэһилиэк үрдүнэн систиирэ, Суон ааты дьаралык баайынан: "Мин сүөһүм – сүрүннүүр сис!" – диирэ. Р. Баҕатаайыскай "Доҕоор, Артур, – Дьөгүөссэ хаана уларыйа түстэ, – бэйэ-бэйэбитигэр була сатаан араас холуннарыылаах дьаралыгы бэрсимиэх. " В. Протодьяконов
3 аат тыл #
, үрд. Туох эмэ сыдьаана, кэрэтэ, өрөгөйө
Нууччалыы Блеск, ореол, прелесть кого-чего-л
Эдэр сааспыт дьаралыга Итии хааҥҥа иэйбитэ Сүрэхпиттэн сөллүбэтин. С. Зверев Биллин фашист баһылыга Биһи чаҕаан күүспүтүн, Кыайыы сырдык дьаралыга Биһигини кууспутун! И. Чаҕылҕан Доҕордуулар эмиэ санаалара көтөҕүллэн, үөрүү-көтүү кынаттанан булт дьаралыгар ыллардылар В. Башарин