Перевод с якутского
дьол
аат тыл
Нууччалыы искренняя удовлетворенность от исполнения желания, крайнее удовольствие от чего-л. приятного, счастье
English happiness, joy, luck
1 аат тыл #
Баҕа санаа туолуута, туох эмэ үчүгэйтэн аһара астыныы, дуоһуйуу
Нууччалыы Искренняя удовлетворенность от исполнения желания, крайнее удовольствие от чего-л. приятного, счастье
Дьол икки хараҕа суох (өс хоһ.) Дьол, сор икки киһини кытта тэҥҥэ сылдьаллар (өс ном.). Таптал диэн дьол, оттон баай диэн күн кырааската (өс хоһ.). Биһиги барыбыт дьоло Ийэ дойдубут дьолуттан тутаахтаах.
Суорун ОмоллоонУчуутал килиэбэ эрэйинэн кэлэр килиэп. Ол эрээри ити килиэби чахчы боруостаатым дии саныыртан ордук улахан дьол суох! Софр. Данилов. Утар. сор
2 этии #
Нууччалыы Обзаводиться семьей, жениться или выходить замуж (букв. счастье свое соединить)
Этиилэр
Дьолгун холбоо
кэргэннэн "Оҕобут этэҥҥэ үөрэҕин бүтэрэн, үчүгэй киһилиин дьолун холбуура буоллар" диэн дьоно истэригэр бүөмчү баҕа санаалаахтара.
Кинээс Андрей кэргэнин таптыыр этэ, ол кэргэнэ өлбүтэ, онон аны атын дьахтары кытта дьолун холбоору оҥостор эбит дии.
Л. Толстой
Дьоло оонньоото
сотору өлөөрү гыммыт кырдьаҕас киһиэхэ дьоһуннаах булт тосхойон биэрдэҕинэ ити курдук этэллэр.
Так говорят, когда старому человеку сопутствует большая удача в охоте (о стариках – к скорой смерти).
Оҕонньор дьоло оонньоон, куобаҕын туһаҕыттан кыһыл саһылы ылла. "ХС"
3 этии #
Нууччалыы Не упускай благоприятного случая, пользуйся подвернувшейся удачей
Этиилэр
Дьолгун мүччү тутума (түһүмэ)
үчүгэй түбэлтэни куоттарыма, туһанан хаал Былыр, эдэр эрдэхпинэ, биирдэ дьолбун мүччү тутан турабын.
[Балбаара – Ааныскаҕа:] Дьолгун мүччү түһэн, эҥин-эҥин буолан көр эрэ. Эрилик Эристиин Дьолгун мүччү тутума! Улааны ыл, ат оҥоһун уонна киниэхэ эһиги, мин курдук, үтүө доҕор буолуҥ. Н. Заболоцкай
Дьолгун тургутан көр
туох эмэ баҕараргын ситиһэргэ сорунан, бэйэҥ кыаххын бэрэбиэркэлэнэн көр.
Чтобы достичь желаемого, искушать судьбу, проверять свою удачливость.
Дьолгун тургутан көр, ыйыталас, баҕар, кэргэн буоларга сөбүлэһиэ. Дьолбун тургутан көрөөрү гынабын: быйыл Дьааҥыга тахсан бултуурга санана сылдьабын.
Дьолу бул
баҕарбыт баҕа санааҕын сит, онтон дуоһуй.
Достичь желаемого, получать удовлетворение от этого, найти свое счастье в чем-л.
Эдэр дьон эрэнсэн, итиитик таптаһан, Үлэттэн дьоллорун булбуттар. Күннүк Уурастыырап Эҕэрдэ эһиэхэ, эдэр дьон! Тэҥнээхтэр кэргэннии буолбуккут, Олоххут кэскилин кэҥэтэн, Тапталга дьолгутун булбуккут. П. Тобуруокап
Холкуос дьоно сүбэнэн Дьоһун суолга туруммут
Холбоһуктаах үлэнэн Дьолун мантан булуммут.
А. Абаҕыыныскай.
Дьолу көрдөө
баҕарбыт баҕа санааҥ туоларын туһугар туруулас.
Стараться, стремиться к тому, чтобы желаемое исполнилось, искать счастье.
Тыа киһитэ манна бултуур, дьолун көрдүүр, үөрэр-көтөр, сынньанар. И. Данилов Көҥүлү, дьолу көрдөһөн ылбаттар, охсуһан кыайан ылаллар, эн да бэйэҥ дьолуҥ иһин охсус. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
П. -монг. дьол