ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьоллоох

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы счастливый; удачливый

English happy, lucky

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Нууччалыы счастливый; удачливый

English happy, lucky

  • дьоллоох олоҕу ыллаа
    воспевать счастливую жизньto sing of the happy life
  • дьоллоох онгоруулаа
    предвещать счастьеto augur a happy [life]

2 даҕааһын #

Баҕа санаатын сиппит, олоҕунан дуоһуйбут, дьол тосхойбут

Нууччалыы Счастливый

  • Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах (өс ном.). Кыыс оҕо сирэйигэр дьоллоох (өс ном.). [Миитэрэй саһылы өлөрбүт үөрүүтүгэр] баары-суоҕу барытын мунньан, иһит-иһити барытын тэбээн, солуурчахха саламааттаатылар. Дьоллоох дьоро киэһэ буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Үүйэлээх Симон бүгүн саамай дьоллоох күннэрэ. Дьоллоох дьоннор туора дьон туох дии саныылларыгар кыһаммат буолаллар эбит.
    Л. Попов
  • Кэлэр да кэмҥэ биһиги дьоллоох дойдубутугар куһаҕаны санаабыт уокка умайыа, илиитин көтөхпүт иҥиирэ тардыллыа
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

суолт. Баҕа санаата туолбут, туохтан эмэ дуоһуйбут киһи

Нууччалыы Счастливый человек

  • Ханнык дьоллоохторго оҕолор сүрэхтэрэ аһыллан биэрэрэ буолуой? Софр. Данилов. Өлүү эмээхсин кэллэҕинэ Улуу дьоллоохтор этэллэр: "Биэрэрим суох эбээт эйиэхэ, Дууһабын биэрбитим норуоппар!"
    П. Тобуруокап
  • Москваҕа үөрэнэр Чиэс дьоллооххо эрэ тиксэр
    И. Гоголев

4 этии #

Нууччалыы Болезненный, жалкий, несчастный (употр. с оттенком легкого презрения или сочувствия)

Этиилэр

Уһун дьоллоох

ыарыһах, кыаммат, дьоло суох киһи (аһынан эбэтэр абааһы да көрөн этэр тыл) Уһун дьоллоох ханна ырааппыт үһүө.

  • ПЭК СЯЯ

«ДЬ» буукуба