Перевод с якутского
кырт
туохтуур
Нууччалыы резать, стричь, косить
English to cut (hair), to shear (wool), to mow
1 туохтуур #
Тугу эмэ биилээҕинэн быс, сарбый, кырый (хол., оту, баттаҕы)
Нууччалыы Резать, стричь, косить (волосы, траву)
"Старовердар" -- бытыктарын кыргыбыттар, баттахтарын төгүрүччү быстараллар. Н. Якутскай Күөх кэнчээри үүнэн тахсыбыт. Ону туран кырган ыллылар. Онтукалара сотору иккиһин кэнчээрилээбитэ. И. Данилов Учуонайдар тэбиэн түүтүн кырган уопут оҥорбуттар. БК БК. Мин бириэйдииргэ, баттах кыргар идэҕэ үөрэнним. Бырааттыы Гриммнэр (тылб.)
2 туохтуур #
Өлөр-өһөр, суох оҥор, кыдый
Нууччалыы Перебить, истребить, убить, уничтожить
Серкин кэтэҕин тарбанар. Күнүһүн олорбокко, түүнүн утуйбакка иитэр-аһатар сүөһүлэрин кырган кэбиһэрэ иэдээнэ бэрт. Н. Якутскай Бу үйэ саҥатыгар наһаа кырганнар, киис төрүт эстэ сыспыта. ББЕ З. [Бандьыыттар] дьону тыыннаахтыы көмөллөрүн, оҕолору кыргалларын, бэл, ыттары, куоскалары өлөртүүллэрин туһунан дьулаан сурах тарҕанна. Л. Пантелеев Ср. тюрк. кырк, кырх 'стричь, брить, резать'