Перевод с якутского
сиэ
туохтуур
Нууччалыы есть
English to eat
Ис хоһооно · 13
1 туохтуур #
Нууччалыы есть
English to eat
сүөһү оту сиир скот ест травуcattle feed on grass
2 туохтуур #
Нууччалыы истреблять; уничтожать
English to exterminate, to destroy
чыычаах буортулаах үөннэри сиир птица поедает вредных червейa bird destroys harmful worms
3 туохтуур #
Нууччалыы кусать
English to bite, to sting
4 туохтуур #
Нууччалыы брать; бить
English to take, (card games) to beat
атынан пешканы сиэ взять пешку конёмto take a pawn with a knight See also: саахымат
5 туохтуур #
Аһы эбэтэр тугу эмэ айаххар уган ыстаан ыйыһын, аһылык гынан аһаа
Нууччалыы Принимать пищу, употреблять в пищу, есть
Оту сүөһүбүт сиир. Амма Аччыгыйа Дьонум алаадьы, эт сиэхпит дэстилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Солоҥдо уонна кырынаас] кутуйаҕы, куобаҕы, көтөрү да тыыннаахтыы тутан сииллэр Е. Макаров Аһылык оҥостон кэбий эбэтэр ытыр (үөнү-көйүүрү этэргэ). Θ Грызть, поесть, (напр., о мышах. моли), кусать (напр., о комаре), опустошать, выедать (напр., о саранче). Кумаар сиэтэр эрэ, мин этим барыта бааһыран тахсар. Далан
Өссө холобурдар (2)
Ыскылааппар турар бараан соннору көйүүр уонна кутуйах сиэн, 1215 солкуобайдаах устууга барар кыахтаммыт. М. Попов Алааспыт үүммэтэҕэ, аһыҥа сиэбитэ МНН
6 туохтуур #
Сүөһүнү өлөрөн эбэтэр бултаан аһылык гын
Нууччалыы Забивать скот или добывать на пропитание (напр., дичь). [Дьэкиим:] Үлэлээбиппит эбитэ буоллар, ити уонча ынахпытын биир сыл сиэхпит этэ
Бэйэтэ балыктаан, саатынан кустаан, куобахтаан сиир, онон аралдьыйар. Н. Якутскай Кыһыныгар тыһаҕаспын сиэн, ыал эҥээригэр кыстаабытым М. Доҕордуурап
7 туохтуур #
Киһини, тыыннааҕы куһаҕан санааҕар эбэтэр акаарытык быһыыланан өлөр, өлөрдүү оһоллоо; тугу эмэ оннук алдьат
Нууччалыы Убивать или смертельно ранить кого-что-л. злонамеренно или случайно, по неосторожности, нелепо; таким же образом что-л. ломать или портить
"Эрдэлиир нуучча биэссэри кытта куодарыһарын иһин, Маайаны мин абааһым сиэтэ", – диэн Суор ойуун тыл тарҕаппыт. Амма Аччыгыйа Хаарыан доҕорбутун бандьыыттар сиэтэхтэрэ. И. Бочкарёв Үчүгэйдик олор, оҕонньор. Бу сүөһү [ат] билигин буулдьалыы ыстаныаҕа. Көҥүскэ илдьэн сиирэ буолуо. ХС
Өссө холобурдар (4)
- Уу, бу дьаабал, орой-мэник, этэрбэһин адьас сиэбит дии, ибили кэһэн кээспит. Н. Тарабукин (тылб.) Туох эмэ туһуттан киһини улаханнык буруйдаа, мөх. Θ Ругать за какой-л. серьёзный проступок, не дав возможности оправдаться. Дьэ, доҕоор, дириэктэр көрсөн сии сыста Р. Кулаковскай Улаханнык мөлтөт, өлөргө тириэрт, өлөр (ыарыыны этэргэ). Θ Сильно ослаблять, доводить до смерти, убивать (о болезни). Арай кинини тумнубатах Үйэ аҥаара көрбөт буолуу, Былыр сиэбит одуруун. Р. Баҕатаайыскай [Былыр оҕо өллөҕүнэ] биһиги наар таарымта киирэн сиэтэ диирбит И. Федосеев
8 туохтуур #
Тугу эмэ бэйэҕэр туһан, туһанан бараа, суох гын
Нууччалыы Использовать, израсходовать что-л. для себя
Ол күтүр сааһын тухары муспут баайын кыайан сиэбэккэ, сэллик ыарыыга быһа эмтэрэн адьас өлөөрү тиһэх күннэрин ааҕа сылдьара.
Н. Лугинов[Үчүгээйэп:] Бачча сааспар диэри холкуос үбүттэн харчы да аҥаарын сии иликпин. С. Ефремов Күһүн хаар түһэрин кытта кинээс оттообут отун күүстэринэн тиэйэн сиэн кэбиспиттэр Эрилик Эристиин
9 туохтуур #
Умат, уматан күл, хоруо гын эбэтэр суоһаан хаарый (уоту этэргэ)
Нууччалыы Сжигать, превращать в пепел; обжигать жаром (об огне)
Хаппыт мутукчаны сиир уот күүһэ дэлэтэ дуо, сүр баҕайы өрүтэ үөмэхтиир, кытыастар. Амма Аччыгыйа Бу лэппиэскэни уот сиэри гыммыт.
КүндэМин төлөн сиэн хараарбыт тимир солуурга уу баһа тэбинэбин Н. Габышев
10 туохтуур #
Тугу эмэ тас өттүттэн үрэйэн алдьат, буортулаа, дьүһүнүн кубулут (дьэбини, салгыны, күн уотун этэргэ) эбэтэр амтанын дьүдьэт (аһы этэргэ)
Нууччалыы Разъедать (о ржавчине), менять цвет кожи на лице, теле человека (о воздухе, солнце), заветриваться (о еде)
Бэйэҥ билэҕин, тимири дьэбин сиирин, киһини санаа кэрбиирин. М. Доҕордуурап Кеша сирэйин салгын килэриччи сиэбит. Н. Габышев Күн уота саһарчы сиэбит харылара имигэстик хамсыыллар П. Аввакумов
Өссө холобурдар (3)
Киһи этин аһыт, бааһырт. Θ Разъесть (живую ткань – о чём-л. горячем, жгучем, едком). Хара көлөһүнэ хараҕын сиэн, Кыламанын бараата, Кыһылынан көрдөрдө.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСалгын гааһынан туолан, киһи хараҕын сиирэ, бэлэһин, тыҥатын аһытара. Н. Якутскай Оргуйбут ыаммытынан үүтү киһи илиитин сиэбэт буолуор диэри сойутуллар. Дьиэ к
11 туохтуур #
Бииргэ оонньооччуҥ хаартытын эбэтэр дуобатын, фигуратын (дуобакка, саахымакка) бэйэҥ барыскар ыл
Нууччалыы Бить карту, фигуру, противника (при игре в карты, шашки, шахматы)
Үһүөннэрин куоһурунан сиэтим. Бары атын фигуралар курдук ладья атын өҥнөөх фигураны эрэ сиэн сөп. ПВН СБК. Киевскэй Русь саҕанааҕы даамка олус сыылба, көнтөрүк этэ: иннинэн, кэннинэн хараҕы көппөккө хаамара, көннөрү ньыкааттан туох да атына суох сиирэ ПРД ДДь
12 этии #
Нууччалыы Повергнуть, сломить, сразить кого-л. (острым, сокрушительным словом)
Этиилэр
Сиэҕин сиэбит, аһыаҕын аһаабыт көр аһаа
Эдэр киһи, эн эмтэн. Оттон мин олоруохпун олорбут, аһыахпын аһаабыт, сиэхпин сиэбит киһибин, өллөхпүнэ да өлүүм. Далан. "Сиэхпин сиэбит, аһыахпын аһаабыт киһи быһыытынан, аны куттанарым ааһан турар, мин этиим!" - диэн [оҕонньор] көрдөһөр. Н. Якутскай. Сиэн түһэр - 1) хотуулаах баҕайытык өтөрү-батары, самнары эт Аҕыйах тылынан биирдэ күөйэ эппит эбэтэр сиэн түһэрбит буолааччы. В. Титов. Ама да мин буолтум иһин, итинник түөрэ этиллэн хаалар алыс да амырыын, алдьархай. Эн миигин букатын сиэн түһэрдиҥ. П. Аввакумов; 2) улаханнык атахтаа, улахан харгыс буол (туох эмэ саамай мөлтөх, саамай аһаах өттө буолан).
Подводить кого-л., будучи помехой, оказавшись слабым звеном в чём-л.
Кинини айымньыларын тылбаастара сиэн түһэрэллэр. Дьиҥнээх олох тыыннаах үөһүттэн ылыллыбыт норуот хоһоонноро кыайан бэриллибэттэр. ХС Сиэтэр да топпот кэпс. - күүһүнэн киһилээбэт, быдан баһыйар. Легко справляется, намного превосходит в силе. Миигин кини сиэтэр да топпот. Суор хараҕын сиэбит киһи - утуйар уута суох, олох кыратык утуйар (киһи). Тот, кто мало спит. - Утуйбатын оҕото баар ээ! - Суор хараҕын сиэбит киһи диэн дьэ кини. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Мэхээлэ оҕонньор уута суоҕунан, эрдэһитинэн суор хараҕын сиэбит киһинэн аатырар. ХС
Сыа сииһибин көр сыа
[Байбал:] кыыс төрөппүт ааттаах киһи сыа сиэн хаалыам этэ буоллаҕа дии. А. Софронов
Тары сиэбит ыт курдук көр тар
Арай тары сиэбит ыт курдук дэлби титирээн бабыгырыы сыттым. А. Софронов. Ньырбачаан тары сиэбит ыт курдук титирээбитэ. "ХС". Тугу сии (сиэри) сөбүлээб. - тугу туһанаары, тугу көрдөөн; туох үчүгэйин көрөөрү.
Что ты (там, здесь и т. д.) потерял.
Ол бу дойдуга тугу сии кэлбит баҕайыный? Софр. Данилов. Оннук үчүгэй сиртэн манна тугу сиэри кэллиҥ? М. Доҕордуурап [Варвара:] Дьөгүөр Дьөгүөрэбистээххэ тахсыбаппын. Онно эмиэ тугу сии тахсыам буоллаҕай? С. Ефремов
Өссө холобурдар (5)
Тутан сиэ кэпс. – кыһарыйар, эрэйдиир, муҥнуур. Доставлять человеку тяготы, мучить. [Саханы] сэллик тутан сиир, төһө эмэ үгүс эдэр ыччат дьоллоох олоҕу олорбокко өлөн самнар.
КүндэКыраны тутан сиир Буудаптар Билигин туох буолан тураллар? Былыргы быһыылаах сыдьааттар Тугунан үөннүрэ сылдьаллар? Эрилик Эристиин Ырыа (ырыа-үҥкүү) тутан сиэбит киһитэ - олус сөбүлээн, үлүһүйэн туран ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр киһи; аҥаардас көрү-нары, бэһиэлэй олоҕу батыспыт киһи. Человек, увлечённый песнями, танцами; человек, ведущий весёлый, праздный образ жизни. Бэйэтэ бэрт бэһиэлэй, көрдөөх-нардаах көкөт. Син эмиэ мин Стёпам курдук, ырыа-үҥкүү тутан сиэбит киһитэ. С. Федотов Кыракый Герасим адьас кыра эрдэҕиттэн олох ырыа тутан сиэбит оҕото үһү. "Чолбон". Этин ыт сиэбэт гына кэпс. - күүһэ-сэниэтэ олоччу эстэр буола. Сильно, до изнеможения, изнурения. Киэһэ эппин ыт сиэбэт гына сылайан, -- маҕаһыыммын сабан, дьиэлээн истим. ХС Сыылынайдар бары хомуунанан олороллоро, сотору-сотору эттэрин ыт сиэбэт гына мөккүһэллэрэ. "ХС"
13 этии #
Нууччалыы Прокормить скот (запасами сена)
Этиилэр
Быһа сиэ көр быһа I
Ол [сыыҥка] быһа сиэн ити сүһүөхтэрим соноон хаалтара.
Суорун ОмоллоонОтто сиэ - сүөһүнү аһат (кэбиһиилээх отунан) Уйбаан Сыҕаайап оҕонньор кыһын аайы от сии Наҕылтан киирэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Оппут эмиэ оччото суох: хас эмэ нэһилиэк Ламмаҕа киирэн от сиэн олороллор. М. Доҕордуурап Маарыйаны Харытыанын кытта сүөһүнэн от сии сыл ахсын Нуотара үрэҕэр таһаараллар. ВМП УСС
Салгынна сиэ көр салгын
Санаторий дьоно күнүскү аһылык кэнниттэн салгын сии муора кытылын устун хаамсаллар. Кустук. Көхсүм саалла быһыытыйдаҕына, таһырдьа тахсан хаама түһэбин, салгын сиибин. "ХС". Тэһэ сиэ - саас хаар анныттан быган таҕыс (хол., үүнээйи).
Прорасти весной из-под снега, проклюнуться (напр., о растении); проступить.
Бу бэрт эрдэһит, хаар анныттан күп-күөҕүнэн тэһэ сиэн тахсар уохтаах от. Н. Заболоцкай Хаар анныттан тэһэ сиэн тахсыбыт дулҕалар сиэллэригэр -- чуурукта от хойуутук өрө аспытынан барбыта. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. йе, тюрк йи, чи, же