Перевод с якутского
аһаа
туохтуур
Нууччалыы принимать пищу, кушать, есть
English to eat
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Бэлэм эбэтэр бэйэҥ астаабыт аһылыккын сиэ (сиэ диэннээҕэр киэҥ суолталаах)
Нууччалыы Принимать пищу, кушать, есть (имеет более широкое значение, чем “сиэ”)
Аҕаа, киирэн аһылыккын аһыаҥ үһү. А. Софронов Хата ас диэбиккэ дылы, эн аһыаххын баҕараҕын дуо? Мин ас бэлэмниим эрэ. С. Ефремов Аһаан бүттүм. Туран хаамыталаатым Т. Сметанин
2 туохтуур #
Айаххын иитин
Нууччалыы Содержать себя, самому кормиться
Кини туһах, сохсо иитэн хабдьынан уонна куобаҕынан аһаан олорбута. Эвен фольк. “Онно тахсан дайааркалаан аһаа, Марья Романовна, эн мин кэнсэлээрийэм үлэтин кыайыаҥ суох”,- диэх этим. С. Ефремов Былыр аҕата Хоохтуй оҕонньор быччыкынан аһаан олорбут күтүр. А. Сыромятникова Аҕаҥ суоҕуттан, Аһыыр наадатыттан, Аҕыйах сааскыттан Кулаак хотонугар Хорҕойбут кыыс! Эллэй
3 туохтуур #
Ис (арыылаах кымыста)
Нууччалыы Пить (кумыс)
Тоҕус төгүл уруйдаан, Аҕыс төгүл айхаллаан, Атаан айах маһым Алгыс силис арчытын Атааран баран, Арыылаах кымыһын аһаан барда С. Зверев
4 этии #
Нууччалыы Добро оплачивает неблагодарностью
Аһаабыт иһитигэр холлор - үтүөнү куһаҕанынан төлүүр Сити курдук эргиччи сии-аһыы, туһанан сылдьаннар, аһаабыт сирдэригэр холлон баран, атахха биллэрдэхтэрэ. ГНС СТСДТ. Аһыаҕын астаах, таҥныаҕын таҥастаах - байылыат, баайдаах-дуоллаах. Θ Зажиточный, состоятельный. Ыа, хайдах эрэ ыаллар кыһалҕа диэни билбэккэ, аһыахтарыгар астаах, таҥныахтарыгар таҥастаах буоллулар.
КүндэАһыаҕын аһаабыт, сиэҕин сиэбит (киһи) - олохтон ылыахтаах өлүүтүн-чааһын ылбыт (киһи); олоҕу олорбут, сөптөөх уһун үйэлэммит (киһи). Θ Проживший в свое удовольствие (человек); проживший до своей старости (человек). Оттон мин олоруохпун олорбут, аһыахпын аһаабыт, сиэхпин сиэбит киһибин, өллөхпүнэ да өлүүм. Далан Ол гынан баран, сиэхпин сиэбит, аһыахпын аһаабыт киһи быһыытынан аны куттанарым ааһан турар, мин этиим! Н. Якутскай
5 этии #
Нууччалыы Кухонный нож
Аһыыр быһах - аһыыр хоско (куукунаҕа) эрэ туттуллар быһах (хол., килиэп быһарга) Аһыыр остуол - аһыырга туттуллар остуол. Θ Столовый стол. Кэпсэтии мэлдьи куукунаҕа, аһыыр остуолга барара.
Г. КолесовАһыыр хос - олорор дьиэ аһыырга аналлаах остуоллаах, тээбириннээх биир хоһо. Θ Столовая (комната). “Маама!.. Маама!.. ” диэн хаһыытаабытынан сэттэлээх уол оҕо сүүрэн киирэн куукуна оһоҕор өйөнөн турбут сыпсыны түҥнэри көтөн лаҥкынаппытынан, аһыыр хоско ааста. Софр. Данилов. Куорат квартиратын аһыыр хоһо. С. Ефремов Аһыыр хос истиэнэтигэр холкуос сүөһүлэрэ ойууламмыт улахан хартыына ыйанан турар. М. Доҕордуурап