ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баар

даҕааһын, туохтуур, аат тыл

Нууччалыы есть

English there is; are, there exists

Ис хоһооно · 13

1 даҕааһын #

Нууччалыы есть

English there is; are, there exists

  • баар буол
    явиться, быть на местеto appear; to be present
I

2 туохтуур #

Ханна эмэ илэ чахчы сырыт, сылдьар буол

Нууччалыы Быть, существовать, присутствовать

  • Бу улуу аармыйа кэккэтигэр саха норуотун буойун уолаттара эмиэ бааллара.
    Суорун Омоллоон
  • Бааллар манна умайар ордууттан Атах сыгынньах ордон кэлбиттэр; Бааллар манна: соһумар аһыыттан Маҥан баттахтаах буолбуттар - эдэрдэр
    Эллэй
  • Анатоль баарыттан тоҕо эрэ киниэхэ [Наташкаҕа] кыараҕас уонна ыарахан буоларга дылы гынна.
    Л. Толстой
Өссө холобурдар (2)
  • Кинини мин илэ көрдүүбүн, Кинини мин түһээн көрөбүн, Суоҕугар бүтэйдии ахтабын, Баарыгар тылбыттан матабын.
    С. Данилов
  • Баай хара тыам Байанайдаах булдуттан Ойдоох бууру охторон Отууланар саҕа Уол оҕоҕо Улуу баарын билбэппин
    С. Зверев

3 аат тыл #

Туох эмэ сирэйинэн сылдьара, дьиҥнээҕэ, чахчыта

Нууччалыы Существование кого-чего-л.; подлинность чего-л

4 туохтуур #

Туох эмэ өйгө-санааҕа иҥэн сылдьара, арахпата, умнуллубата

Нууччалыы Что-л. неизгладимое, незабываемое

5 даҕааһын #

суолт. Сирэйинэн сылдьар

Нууччалыы Присутствующий, наличный

  • Хос иһигэр баар дьон бары ах баран им-ньим олороллор.
    Н. Якутскай
  • Лариса буоллаҕына атаҕын анныгар баар тааһы үҥкүрүтэ тэбиэлии турда.
    Эрилик Эристиин
  • Көтөҕүөх кыайыы бакаалын, Өрө уунуох Ыраас салгын устун Баар доҕотторбутун кытта тиксиһиннэриэх.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. бар, баар

6 этии #

Нууччалыы Неприметный, незаметный; скромный

Этиилэр

Таҥара баарына - көр таҥара

Таҥара баарына, кырдьык, аҕаа! Н. Неустроев. Айыы таҥара баарына, кырдьыгым. Итинник суолу, ама, сымыйалыам дуу? С. Ефремов. Мин нэһилиэгим дьонун көрөн туран, Үрдүк таҥара баарына, кырдьыкпын этэбин. М. Доҕордуурап. Туох баарынан - 1) кырдьыгынан.

Начистоту, по чистой правде.

  • Мичил туох баарынан, эппэккэ да, көҕүрэппэккэ да, барытын сиһилии кэпсии испитэ.
    И. Федосеев
  • Сахаар түөрэтин туох баарынан дьонугар кэпсээн биэрбитэ. В. Яковлев; 2) күүһүн муҥунан, муҥ кыраайынан. Во весь дух, изо всех сил. Кутталыттан туох баарынан иннин диэки түһүнэн кэбистэ

7 этии #

Нууччалыы Реальность (действительность)

  • Баар чахчы кин. - туох эмэ олоххо дьиҥнээҕинэн баара Сайдыы процеһа диэн кыах баар чахчыга кубулуйар процеһа буолар. ДИМ. Билигин монополия баар чахчы буолла.
    В. И. Ленин
  • Туох баара - барыта, бүтүннүүтэ, олорчута. Θ Все то, что есть целиком, полностью. Чүөчээски күрээтэҕин күн быһытын туох баарын барытын кэрийбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Туох баара барыта түөрт сыллааҕыта саҕаламмыта.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Истэ түс, гетман, туох баары Эн тускар мин умнубутум. А. Пушкин (тылб.)
II

8 туохтуур #

эб

  • Оҕонньору кытта сүбэлэһиэх баар.
    ХС
  • Бу кэтэн турар таҥаһын көрүөх баар. Софр. Данилов. Бастаан бэйэтин кытта кэпсэтэн көрүөххэ баар.
    А. Федоров
  • Эмэгэтин малытыахха баар
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
  • Этэ эбиискэни кытта ааспыт бириэмэ суолтата дэгэттэнэр. Θ С частицей этэ получает оттенок прошедшего времени (следовало было, нужно было, надо было). Сэрэниэх да баар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол оттон бүгүн тиийиэххэ баар этэ.
    С. Ефремов
  • Хайдах эмэ гынан үөрэттэриэх баар этэ.
    Д. Таас
  • Кирдээх дууһалаах дьоннортон оҕолору араҥаччылыахха баар этэ. Софр
    Данилов

9 туохтуур #

Кэлэр кэмнээх аат туохтууру уонна кини сыһыарыы түһүккэ форматын кытта ситимнэһэн хайааһын буолуохтааҕын, буолара наадатын баҕарыы дэгэтин көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с причастиями будущего времени и их формой в дательном падеже выражает необходимость действия с оттенком желания (следует, нужно, надо)

10 туохтуур #

Сөҕүүнү, сиилээһини, кыһыйыыны уо. д. а. дууһа долгуйуутун көрдөрөр (туохт. ааспыт кэмин, сорох ааттары кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает изумление, осуждение, негодование и т. п. эмоциональное отношение говорящего (употр. с ф. гл. в прош. вр. и нек-рыми эмоциональными именами)

  • Маайа барахсан Даайыһы көрсүөм этэ диэн, бачча дойдуга ат аттанан кэлэн испитэ баар.
    А. Софронов
  • Ордук тиритэн уонна титирэстээн ылбыппыт баар - Алешабыт өлүөн икки хонук иннинээҕи суругун хойутаан тутан баран.
    С. Федотов
  • Оо, сатаан саҥарбат муҥум баар!
    Амма Аччыгыйа

11 туохтуур #

Хайааһыны ким эмэ үгэс курдук мэлдьитин түргэнник оҥорон иһэр идэлээҕин бэлиэтиири көрдөрөр (ааспыт кэм туохт. кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает оценку действия, как обычного, постоянного, присущего кому-л. с оттенком быстрого совершения (употр. с гл. прош. вр.)

  • Баҕадьыга барбыта, Урууга ойбута баар, Ыалга ыстаммыта баар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Хотун Харытыана от мунньааччы, бурдук быһааччы бастыҥа, тиэрэ дайбаан мэтэһийэ сылдьан, бүтэрбитэ-оһорбута баар
    Амма Аччыгыйа

12 туохтуур #

уур бүппэтэх ааспыт уонна кэлэр кэмнээх формаларын кытта этиллэр хайааһын буолаары турарын, буолуон сөбүн дьиксинэр, баҕарбат дэгэттээх бэлиэтиири көрдөрөр

Нууччалыы С глаголами прошедшего незаконченного и будущего времен выражает оценку названного действия как предстоящего, допустимого с оттенком нежелательности и опасения

  • Бу үлүгэрдээх куйааска күннүктээн от охсуо баар.
  • Үлэ бүтүө ыраах, аны оппутун кэбиһэрбит, күрүөбүтүн тутарбыт баар.
    ХС
  • Ити сылгыҥ өссө тэбиэ баар. “
    ХС

13 туохтуур #

Хайааһын түгэн курдук буолан ааспытын бэлиэтээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает констатацию эпизодического совершения действия

  • Күһүн балтараа мөһөөҕү ыламмын хаарты оонньообутум баар.
    Күндэ
  • Урут бу куоракка ааһан иһэн сылдьыбытым баар.
    ХС
  • Орулуос Дохсун диэн ааттаах бухатыыр эмиэ кэннилэриттэн эккирэтэн барбыта баар да, эмиэ биллибэтэ
    Ньургун Боотур

«Б» буукуба