Перевод с якутского
баара
аат тыл, холбуур
Нууччалыы пара
Ис хоһооно · 11
1 #
эб
көр паара. “Саха омук” [тэрилтэ аата] кыыһырсыбыт бааралары эйэлээччи, эйэлэһиннэрээччи, кыыһырдааччы! Амма Аччыгыйа Үптээхтэргэ үөлээннээхпин, Маллаахтарга баарабын.
Суорун ОмоллоонБардам баайгар баҕарбаппын, Баара гыныа диэн барабын, Сүүһүнэн сүөһүгэр сүүдүйбэппин, Сүрэҕэ сөбүлүө диэн сүктэбин. А. Софронов
Өссө холобурдар (3)
Мин эрэ [Кыыс Уолан] ханыым Баарам суох ончу. Соҕотох хаамтым Түүҥҥү ый курдук. И. Гоголев Оройуоҥҥа биллэриэх баара. Амма Аччыгыйа Киһини бытыгын иһин буолбакка, үлэтин иһин ытыктыах баара. Софр. Данилов. Тас өттүнэн уокка ууруо суох баара Амма Аччыгыйа
2 #
Кэлэр кэмнээх аат туохтууру уонна кини сыһыарыы түһүккэ форматын кытта хайааһын урут буолуохтааҕын баҕарыы дэгэттээх көрдөрөр
Нууччалыы С причастиями будущего времени и их формой в дательном падеже выражает необходимость совершения действия в прошлом с оттенком значений желания
3 #
Кэлэр кэмнээх туохтуурдары кытта усулуобунай кэрдиис кэмҥэ хайааһын буолуон сөп эбитин көрдөрөр
Нууччалыы С глаголами будущего времени в составе условного периода выражает значение сослагательного наклонения в плане допущения возможности действия
Кинилэр массыыналара алдьамматаҕа буоллар, бэҕэһээ кэлиэхтэрэ баара. ХС Эрдэ эппитиҥ буоллар, кэпсэтиигэ бастакынан суруйтарыам баара. “ ХС
4 #
Судургу этиигэ урут ааспыт уонна бүппэтэх ааспыт кэмнээх туохтуурдары кытта хайааһын урут буолбутун ханнык эрэ сөбүлээбэт эбэтэр атын дэгэттээн ахтыыны, өйдөөн кэлиини көрдөрөр
Нууччалыы В составе простого предложения с глаголами преждепрошедшего незаконченного времени выражает, что высказываемое действие случалось в прошлом и вспоминается в данное время с каким-л. отрицательным или другим оттенком
Кыһыйыах быатыгар, Саха сиригэр ыытабыт диэбиттэригэр үөрбүтэ баара. Софр. Данилов. Сөптөөх этии дии санаабытым баара. ХС Дьон курдук дьонтон төрөөбүтэ баара. А. Сыромятникова Хата, бэрт аһы аһаабытым баара Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Бу суолта ээ эбиискэнэн күүһүрдүллүөн сөп. Θ Данное значение может усиливаться частицей ээ. Ону биһиги, оҕолор, ардыгар өйдөөбөккө эбии антах түһэн, атаахтаан кинилэр уйарҕаабыт сүрэхтэрин хамсатарбыт баара ээ!
Г. Колесов
5 #
бакка, -мына // -ымына формалаах сыһыат туохтуурдары кытта саҥарааччы хомойо саныырын көрдөрөр уонна күүһүрдэр
Нууччалыы С деепричастиями на -бакка, -мына // -ымына выражает и усиливает сожаление говорящего
Мааҕын Суондаттан үчүгэйдик кириэтэһэн ыйыппакка баара. Софр. Данилов. Хоҥ мэйии ону билибинэбин баара И. Никифоров
6 #
Этэр санаатын утары туруоран чорботор сыһыаны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает выделительно-противительное отношение говорящего к высказываемой мысли
Итинэн хаалыах суолу баара, учуутал киирэрин кытта аны Агааска күлэн тыгыластаан тахсан, элэктээбитинэн барда. Амма Аччыгыйа Киһибит аҕыйаата. Үлэбит баара күн-түүн үксээн иһэр. Софр. Данилов. Айаннаабыт күүһүттэн Аан ийэ дойдум баара Атыйахтаах уу курдук Аймаммытынан барда
П. Ойуунускай
7 #
Үөхсэр, хомнуур тыллар сыһыан суолталарын күүһүрдүүнү көрдөрөр
Нууччалыы Выражает эмоциональное усиление модального значения ругательных, осуждающих слов
Туй-сиэ ыт баара! Софр. Данилов. Сордоох уола баара, киһи бочугураһын ытан кэбиһэр буоллаҕа. Амма Аччыгыйа Инньэ диэн этэн Илиэһэй баара, Ньиргиэрдээх тилэх Тилигир гынан Тимирэн хаалла Эллэй Бу суолта ардыгар бу диэн модальнай тыл көмөтүнэн ордук чопчуланар. Θ Данное значение при помощи модального слова бу более выделяется, подчеркивается. Эрэспиэскэлии сылдьар эбит бу түөкүн баара! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Бөрөкү хоҥоруутугар хоҥнорбот дии, бу дьахтарыҥ баара! Софр. Данилов. Бу түөһэйбитиҥ баара, мэнигилии сылдьар оҕолор буолуо диэммин, туоратымаары гыммытым ээ С. Ефремов
8 #
Да диэн эбиискэни кытта холбоһон сэмэлиир-сиилиир, ахсарбат сыһыаны көрдөрөр
Нууччалыы Сочетаясь с частицей да, выражает осуждение, неодобрение, пренебрежение говорящего
Салайааччыбыт да баара, сырыы аайы сирэйэ-хараҕа суох сымыйалыыр буоллаҕа. Кини да баара, ким билбэт киһитэ буоллаҕай. Оо дьэ, далай акаары Умнуганым да баара! П. Тобуруокап
9 #
Ол, бу ыйар солбуйар ааттар формаларын кытта ситимниир холбоһуктары үөскэтэр
Нууччалыы С формами указательных местоимений образует союзные сочетания ону баара, онтум баара, онуоха баара, маны баара, онтон баара, онтуката баара и т. п
10 #
уур ааспыт кэмин көрдөрөр (этэ). Выражает прошедшеее время глагола. Ийэм суругу билбэтэ, санаатынан бэрт көрсүө баара, өйүн бэрдэ холобура суоҕа. УАЯ А. Кини киһи оннооҕор абааһыттан дьулайбат-куттаммат баара - дьулайа соҕус көрдө, харбыт курдук таалан олордо. Ньургун Боотур. Киллэмҥэ хаалбыт сүөһүлэриттэн бэрт аҕыйаҕын булбуттара, сорҕото бары тастыҥ илиинэн бурай-сарай гыныллан хаалбыт баара. А. Уваровскай
11 #
ситим т. Биир хайааһын кэнниттэн иккис хайааһын тута буоларын көрдөрөн, бириэмэ салаа этиилэри эбэтэр араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар
Нууччалыы Выражая моментальное следование одного действия за другим, употребляется для присоединения придаточных предложений времени или оборотов (как только что, тут же)
Көлөппүнэ [киһи аата] маатырылаан эрэрэ баара, төбөм ньир гынан баран ыараан хаалбыта уонна сырдык-хараҥа иһигэр кииртим. Н. Заболоцкай Ылдьаана кыһаллыбакка сытар сатамматын, көрдүүр хайаан да наадатын этээри гынан испитэ баара, киһитэ суорҕанын саба тардынна, утуйан, сурдурҕаччы тыынан барда. Софр Данилов Да диэн ситим тылы эбэтэр ити икки ардыгар диэн холбуу ситимниир тылы кытта суолтатын холбоон туттуллуон сөп. Θ Может сливать свое значение с семантикой союза да или союзного сочетания ити икки ардыгар. [Күлүк] онтон эмиэ тохтуурга дылы гыммыта баара да, симэлийэн хаалла Д. Кустуров