Перевод с якутского
сиэ-аһаа
туохтуур
Нууччалыы есть, кушать
1 туохтуур #
Тугу эмэ сиэ, ас гынан аһаа (үксүн элбэх аһы иҥсэлээхтик сиир туһунан)
Нууччалыы Есть, кушать (обычно в большом количестве и с большим аппетитом)
Дьиэ кэргэнэ били балыктарын буһаран сыа, саламаат курдук сиэн-аһаан баран, идэлэринэн лэппиэскэ оҕолоох чэй истилэр.
Күндэ"Ээ, минньигэс да эбит! Амсайбатаҕым ыраатта", - дии-дии өрүһүспүт курдук сиэн-аһаан барар. Н. Якутскай Бурдугу ахтан иэдэйбит дьон, үрдүгэр түһэн үчүгэй аҕайдык саламааттаан ыргытан сиэн-аһаан баран, утуйан хаалыа этилэр Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Олус уордайан, кыыһыран ким эмэ үрдүгэр түс, мөх-эт
Нууччалыы Наброситься на кого-л. с бранью, с руганью
Тымтыаххынан тымтан, сиэх-аһыах быһыытыйан кэлэн бараҥҥын, кини кыра оҕо киэнинии икки инники тииһэ килбэйэрин, сэмэлэнэ санаан кэтэҕин суураланарын көрдөххүнэ, мичээрдээбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Софр. Данилов. Субу сиэх-аһыах курдук үллэн булгунньах төрүөн буугунуу турда. Н. Заболоцкай Мин улаханнык уордайбыт, сиэх-аһыах буолбут киһи, ону көрөммүн намырыйан, уоҕум хараан хаалбыта И. Федосеев
3 этии #
Нууччалыы С угрожающим видом
Сиэххэ-аһыахха дылы (айылаах) - ынырык, дьулаан көрүҥнээх Дьиэ иһэ толору саалаах-саадахтаах, сиэххэ-аһыахха дылы баҕайылар - сорохторо туран эрэн, сорохторо хаама сылдьан аһаан-сиэн дьаабыланаллар. Д. Токоосоп Дьүһүнүнэн-бодотунан даҕаны сылыктаатахха, оннук сиэххэ-аһыахха айылаах көрүҥэ суохха дылы этэ. Тумарча